Сарсын халлаан үгүс улууска тымныйар

Share

Сарсын, сэтинньи 7 күнүгэр, Саха сиринээҕи гидрометеокиин иһитиннэрбитинэн, Анаабыр, Булуҥ улуустарыгар сөкүүндэҕэ 19-24 миэтэрэ уонна Дьааҥы, Аллайыаха, Аллараа Халыма улуустарыгар сөкүүндэҕэ 17-22 миэтэрэ түргэннээх тыал түһүө. 

Саха  сирин арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа, илин уонна хотугулуу-илин өттүгэр хаардыаҕа, дьоҕус тыаллаах буолуоҕа. Арктика кытылынан сөкүүндэҕэ 19-24  миэтэрэ уонна хотугулуу-илин  диэки сөкүүндэҕэ 17-22 миэтэрэ түргэннээхтик тыалырыа. Үгүс улууска түүнүн, ортотунан, 25-30 кыраадыс тымныйар. Киин улуустарга, Өлүөнэ алын  өттүгэр уонна арҕаа, илин улуустарга 33-38, хотугулуу-арҕаа 40-45, соҕуруу, хотугулуу-илин 15-20, соҕурулуу-илин 5-10 кыраадыс тымныйара күүтүллэр. Күнүһүн, ортотунан, 14-19 кыраадыс тымныйар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхолооһун уонна олоҥхоһут

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо института биэс туомнаах Олоҥхо энциклопедиятын бэлэмнээн таһаарыыга үлэтин саҕалаата. Маҥнайгы…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

Амма оҕолоро 12 киилэ хаппаҕы хомуйдулар

Амматааҕы коррекционнай оскуола үөрэнээччилэрэ "Амма айылҕатын харыстыыбыт" аахсыйа иитинэн 12 киилэ хаппаҕы хомуйдулар диэн "Экология…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Түмэллэргэ Дьоруойдар тустарынан

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын ааттарын сүгэр түмэллэр Томпо улууһугар Кириэс Халдьаайыга уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Баатараҕа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ньурбаҕа минньигэс дьөрбөнү үүннэрэр кыыс

Бэйэ дьыалатын тэриниэн баҕалаахтарга социальнай хантараак өҥөтө баар. Бу өҥөнөн туһанан улуустарга, куораттарга дьон бэйэ…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

ВИДЕО: Таатта байыаһа Новокалиновоны штурмалааһын туһунан кэпсээтэ

"Лавина" батальон байыаһа "Якут" диэн позывнойдаах саха уола Новокалиновоны босхолооһуҥҥа кыттыбыт. Кини бу туһунан Семен…

8 часов ago
  • Сонуннар

Наталия Захарова: “Оҕолорбутунан киэн туттар түгэммит үгүс…”

Ил Дархан Айсен Николаев Этиитигэр оҕо дьиэ кэргэн тапталын билэ улаатарын туһугар оҕо ииттэ ылар…

8 часов ago