Салгыы
Сарсын сорох улуустарга хаар хойуутук түһүө, күүскэ тыалырыа

Сарсын сорох улуустарга хаар хойуутук түһүө, күүскэ тыалырыа

Ааптар:
22.03.2024, 15:03
Мария Васильева, СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:

Сарсын, кулун тутар 23 күнүгэр, Саха сирин сорох оройуоннарыгар хаар хойуутук түһүө, сөкүүндэҕэ 20 миэтэрэҕэ тиийэ түргэннээх тыал күүскэ үрүө диэн УГМС иһитиннэрэр.

Алдаҥҥа, Нерюнгригэ, Кэбээйигэ, Томпоҕо сорох сиринэн хаар хойуутук түһүөҕэ. Киин уонна илин эҥээр улуустарга, сорох сиринэн Алдаҥҥа, Нерюнгригэ, Томпоҕо, Кэбээйигэ, Дьааҥыга, Усуйаанаҕа тибии түһүөҕэ, сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх тыал үрүөҕэ.

Киин оройуоннарга түүн -14…-19,  күнүс -5…-10 кыраадыс буолара күүтүллэр. Оттон соҕуруулуу-илин түүн -4…-9, күнүс -4…+1, арҕаа улуустарга түүн -21…-26, күнүс  -10…-15, хотугулуу-арҕаа, хотугулуу-илин улуустарга түүн  -31…-36°, күнүс -17…-22 буолуоҕа.

Дьокуускайга түүн кыратык хаардыаҕа, сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ түргэннээх тыал үрүөҕэ, -13…-15 кыраадыс буолуоҕа. Оттон күнүс сөҥүүтэ суох,  -8…-10 кыраадыс буолара сабаҕаланар.

+1
3
+1
2
+1
3
+1
2
+1
0
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
5 мая
  • 3°C
  • Ощущается: 3°Влажность: 60% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: