“Саюри” — тарбахха баттанар бастыҥ тэрилтэ

“Саюри” — тарбахха баттанар бастыҥ тэрилтэ

08.10.2023, 15:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи сылларга “Саюри” хампаанньа оҕуруотун аһа Саха сиригэр оҥоһуллан тахсар биир биллэр бренд бородууксуйанан буолла.

«Саюри» ХЭУо 2016 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна «Хоккайдо» дьоппуон корпорация кыттыылаах тэриллибитэ. Бу Уһук хотугу сиргэ тэриллибит аан дойду тарбахха баттанар агрокомплекстарыттан биирдэстэрэ. «Саюри» тэпилииссэлэригэр оҕуруот аһын арааһын үүннэрэллэр.

Сылы эргиччи үлэлиир «Саюри» агрокомплекс “Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын корпорацията” АУо («Корпорация развития Дальнего Востока и Арктики») “Якутия” урутаан сайдар сирин-уотун (ТОР) биир бастыҥ үлэлээх резиденинэн буолар. 2021 сыллаахха агрокомплекс үһүс уочараттаах тутуута түмүктэммитэ. Онон үлэ көрдөрүүтэ биллэ үрдээбитэ, тупсубута.

“Саюри” үлэһиттэрэ – олохтоох дьон

Үлэ сылынан сибээстээн, ааҕааччыларбытыгар тэрилтэ үлэтин чугастык билиһиннэрээри, бу күннэргэ сылы эргиччи оҕуруот аһын арааһын үүннэрэн таһаарааччылар үлэлиир сирдэригэр анаан бара сырыттыбыт.

Биһигини “Саюри” хампаанньа маркетинг салаатыгар менеджерэ Сергей Воронин көрүстэ. Ас-үөл бородуксуйатын кытта үлэлиир буолан, ырааска ирдэбил кытаанах. Онон анал тута халаат, бахила кэтэртилэр. Салгыы уһун көрүдүөрүнэн хааман, сып-сырдык тэпилииссэҕэ киирдибит. Онно «Саюри» агрохимига Пелагея Неустроева үлэлии сылдьарыгар түбэһэн, кэпсэттибит.

— Мин 2016 сылтан тэрилтэ тэриллиэҕиттэн үлэлиибин. Амма улууһун Бөтүҥүттэн төрүттээхпин. 6-7 кылаастарга үөрэнэ сылдьан, химияны олус сөбүлээбитим. 11 кылааска «Москваҕа химик идэтигэр үөрэниэм” диэн бигэтик быһаарыммытым. Химияҕа сыһыаннаах олимпиадаларга, араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттарым. Онтон оскуолабын бүтэрээт, Москватааҕы Судаарыстыбаннай аграрнай университекка — К.А. Тимирязев аатынан тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар үөрэнэ киирбитим. Үөрэхпин ситиһиилээхтик бүтэрэн, дойдубар Саха сиригэр үлэлии кэлбитим. Дьолго, ол сыл “Саюри” хампаанньа бэйэтин үлэтин саҕалаабыта, — диэн кэпсэтиибитин саҕалыыр Пелагея Неустроева.

“Саюри” исписэлииһэ бэлиэтииринэн, Саха сирин үрдүнэн агрохимик идэлээх дьон тарбахха баттаналлар.

— Үлэһиттэр сүрүннээн олохтоох дьон — тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньукумуттан саҕалаан, дойду үрдүк үөрэҕин кыһаларын бүтэрбит исписэлиистэр. Мин – агрохимикпын, уоҕурдуу дозатын ааҕабын-суоттуубун уонна ууну кутуу кыраапыгын оҥоробун. Уу кутар тэрил үлэтин хонтуоллуубун. Сарсыардаттан тэпилииссэни кэрийэн көрөбүн. Бириэмэтинэн көрөн уу кутуллуутун кэтиибин. Кыраан, капельница хайдах үлэлиирин үөрэтэбин. Үөн үөскүүрүн кэтээн көрөөччү — туспа киһи. Биһиги үлэбитин сүрүннээччи ааҕан-суоттаан оҥорбут докумуоммутун бэрэбиэркэлээбитин кэннэ кылаабынай агроном көрөр. Ол эрэ кэннэ үүнээйини көрүү-истии салгыы барар, — диэн кэпсиир хампаанньа агрохимига.

Үлэни көмпүүтэр салайар

Салгыы помидору үүннэрэр улахан тэпилииссэҕэ үлэлии сылдьар эдэр киһини кытта кэпсэттим. Альберт Алексеев Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх эбит. «Саюрига» үлэлээбитэ иккис сыла.

— Идэбинэн “менджемент уонна салайыы” салаатыгар үөрэммитим. Арктическай технологическай университеты, онтон Москватааҕы «Синергия» университеты бүтэрбитим. «Саюрины» сөбүлээтим. Интэриэһинэй үлэ. Санаан көрүҥ, кыһын -50 кыраадыс тымныыга биһиги сайыҥҥы кэмҥэ сылдьар курдукпут. Кыһын тэпилииссэлэргэ +27 кыраадыһы туталлар. Уот-күөс — сайыҥҥылыы күн курдук.

Помидор хойуутук үүнэр. Сэбирдэҕин ыллахха, күн уотун курдук сырдыгы биэрэн, кытаралларын түргэтэтэр. Томаты нэдиэлэҕэ үстэ хомуйабыт.

Көрүүтэ-истиитэ дьиэ типилииссэтигэр майгынныыр буолан баран, манна буор диэн суох. Үлэ көмпүүтэр систиэмэтинэн барар. Ол эбэтэр дьоппуон ньымата: агроном уонна оператор үлэлииллэр. Биһиэнэ илии хара үлэтэ — хомуйуу уонна ыраастааһын.

Күҥҥэ ортотунан балтараа туонна помидору хомуйабыт. Биирдии-иккилии киһи анал күннээҕи нуормалаахпыт. 18 чааска ыскылаат сабыллыан иннинэ үспүөйдээн туттарыахтаахпыт. «Верховик» үөһээ өттүгэр сылдьан быһар, биир киһи аллараа өттүгэр сылдьар, — диэн кэпсиир Альберт Николаев.

Үлэһиттэр күннээҕи ыһыктарын дьиэлэриттэн аҕалаллар. Анал аһыыр, үссэнэр хостоохтор. Онно чаанньык, микроволновка, быһата, наадалаах тэрил барыта баар.

Ситиһиилээх сыл

“Саюри” хампаанньа маркетинг салаатыгар менеджерэ Сергей Воронин бэлиэтииринэн, быйылгы Үлэ сыла бэрт ситиһиилээхтик ааһан эрэр.

— Ол курдук, тэрилтэ бастакы фирменнэй маҕаһыынын «Үлэ кыбартаала» креативнай кылаастарга астыбыт. Партнердарбытын кытта анал эрэсиэбинэн оҕурсууну маринуйдаан атыыга таһаардыбыт. Аны томат ураты суордун оҥорууга холонон көрөбүт.

Тэрилтэбитигэр тиэхиньиктэри, агрономнары, салайар аппарааты кытта холбоон 150 киһи үлэлиир. Дистрибьюторбыт – Социальнай аһылык кэмбинээтэ. Бородууксуйабытын бу кэмбинээт нөҥүө батарабыт. Ол эбэтэр бу тэрилтэ оҕуруот аһын «Саюриттан» атыылаһан баран, киин куорат маҕаһыыннарыгар тарҕатар. Онон үлэлииргэ табыгастаах, — диэн кэпсиир Сергей Валерьевич.

«Саюри” ХЭУо тэпилииссэлэрэ 3,3 га сиргэ тэнийэн тураллар. Кыһыҥҥы кэмҥэ 16 тэпилииссэттэн 15-һэ бэлэм. Бүгүҥҥү күҥҥэ 4 оҕурсуу уонна 3 томат тэпилииссэтэ ас биэрэ тураллар. “Саюри” оҕо тэрилтэлэригэр, үлэ уонна тыыл бэтэрээннэригэр аһымал аахсыйалары тэрийэр. Маны таһынан, национальнай бүлүүдэлэри сөргүтэргэ уонна үйэтитэргэ туһуламмыт араас гастрономическай бэстибээллэри уонна куонкурустары өйүүр. Өрөспүүбүлүкэ тарбахха баттанар бастыҥ тэрилтэтин кэскиллээх үлэтэ – сарсыҥҥылаах. Онон “Саюри” хампаанньа үлэһиттэригэр өрүү ситиһии аргыстаналларыгар, сонун сүүрээни толкуйдаабыттара кэмигэр олоххо киирэн иһэригэр баҕарабыт.

+1
9
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: