Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрин алтынньы 8 күнүгэр ыытыллыбыт мунньаҕар СНГ куораттарыгар “Үлэ албан аатын куората” бочуоттаах ааты иҥэрэргэ эттэ.
— СНГ дойдуларыгар Аҕа дойду сэриитигэр байыаннай, гражданскай аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга үлэлэспит куораттарга “Үлэ албан аатын куората” бочуоттаах ааты иҥэриэххэ. Бу биһиги норуоппут биир сомоҕо буолуутун, кыайыыны уһансыыга тыылга үлэтин бэлиэтин быһыытынан буолуо этэ, — диэн иһитиннэрдэ Владимир Путин.
2020 сыллаахха Арассыыйаҕа Кыайыы 75 сылыгар “Килбиэннээх үлэ куората” диэн бочуоттаах аат олохтоммута. Бу Албан ааты Саха сириттэн Алдан уонна Дьокуускай ылбыттара.
Итини таһынан Владимир Путин Аҕа дойду сэриитигэр туһуламмыт мемориаллары, өйдөбүнньүктэри харыстыыр туһуттан Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэригэр уопсай испииһэги оҥорорго этии киллэрдэ. Бу маннык улахан испииһэк Арассыыйаҕа 2016 сылтан хомуллан, билигин “Место памяти” диэн уопсай куйаар ситимигэр саайтка тиһиллибитэ.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…