СПИД киинигэр саҥа кылаабынай быраас ананна
СПИД-ы сэрэтэр уонна охсуһар киин кылаабынай бырааһынан Александра Золотарева ананна.
СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева: «Александра Золотарева – быраас, быраактыкаҕа элбэх үөрүйэхтээх доруобуйаны харыстабылын тэрийээччи. Кини бу иннинэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Суһал мэдиссиинискэй көмө киинин кылаабынай бырааһын солбуйааччынан үлэлээбитэ. Мэдиссиинэ биир судургута суох хайысхатын салайбыта”, — диэн саҥа салайааччыны кэлэктиипкэ билиһиннэрдэ.
Александра Золотарева үрдүк категориялаах анестезиолог-реаниматолог, РФ уонна СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, быарга уонна бүөргэ кадавернай трансплантация ньыматын киллэрии иһин П.А.Петров аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата. М.К.Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетын мэдиссиинэҕэ университетын бүтэрэн баран, 2007 сыллаахха Арассыыйа судаарыстыбаннай мэдиссиинискэй университетыгар «анестезиология и реаниматология» ординатураны бүтэрбитэ.
Доруобуйа харыстабылыгар 21 сыл үлэлээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: