Салгыы
Быстах хомуурга кимнээҕи ылалларый? Объясняем.РФ быһаарар

Быстах хомуурга кимнээҕи ылалларый? Объясняем.РФ быһаарар

29.09.2022, 18:25
Бөлөххө киир:

Дойдуга бэрэсидьиэммит В.Путин ыйааҕынан быстах кэмнээх хомуур биллэриллэн, бу хомуурга бэбиэскэ тутан, хапсыбыт дьонтон, кинилэр дьиэ кэргэттэриттэн араас ис хоһоонноох ыйытыылар киирэллэр.

Бастакы уочарат хомуурга кимнээххэ саастарынан көрөн бэбиэскэ туттаралларый? «Объясняем.рф» маннык хоруйдаабыт.

  • рядовойдар (саллааттар) уонна сержаннар — 35 -тэригэр диэри;
  • младшай офицердар — 50-нарыгар диэри;
  • старшай офицердар — 55-тэригэр диэри.

Муҥутуур  саас (ыҥырыллыбаттар):

  • саллааттарга уонна сержаннарга  — 50-ун ааспыт буоллаҕына;
  • младшай офицердарга — 60-ун ааспыт буоллаҕына;
  • старшай офицердарга — 65-ин ааспыт буоллаҕына.

Байыаннай учуоттаах специальностаах (военно-учетная специальность — ВУС) буойуннары ылаллар.  Саппааска турар, бойобуой уопуттаах гражданнар бастакы уочарат хомуллаллар.

Нэһилиэк баһылыга бэбиэскэ туттарар бырааптаах дуо?

Бэбиэскэ анал бланкаҕа толоруллар. Байыаннай комиссар илии баттааһыннаах уонна бэчээттээх буолуохтаах. Бэбиэскэни, илии баттатан туран, военкомат үлэһитэ биитэр хомуурга барааччы гражданин үлэтигэр анал байыаннай учуоту оҥорорго эппиэттиир үлэһит биитэр тэрилтэ салайааччыта туттарыахтарын сөп.

Сулууспа болдьоҕо биэнсийэ ыстааһыгар ааҕыллар дуо?

— Байыаннай сулууспа болдьоҕо ыстааска ааҕыллар: ыҥырыыга (призыв), хантараагынан эбэтэр быстах хомуурга ыҥырыллан сулууспалааччыларга.

Сулууспалыыр саастаах эр дьон кыраныысса таһыгар тахсарыгар хааччах баар дуо?

— Быстах хомуур ыытыллар кэмигэр ханнык РФ гражданнара баралларыгар-кэлэллэригэр ханнык да хааччах олохтоммотох.

Объясняем. РФ” матырыйаала

Хаартыскаҕа: тустаах саайтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: