Сунтаарга социальнай сөбүлэҥ көмөтүнэн 215 киһи туһаммыт
Саха сиригэр социальнай хантараак көмөтүнэн элбэх киһи бэйэ дьыалатын арынар. Бу сөбүлэҥ хайысхата киэҥ.
Күндэйэттэн төрүттээх Катерина Павлова кыратыттан илиитигэр дьоҕурдаах. Бэл диэтэр, төрөппүттэрэ тохсус кылааска сырыттаҕына иистэнэр массыына бэлэхтээбиттэр. Кэлин ыал ийэтэ буолан баран бу идэтин сайыннаран бэйэ дьыалатын тэриммит. Манна социальнай сөбүлэҥ көмөтө төһүү буолан хас да профессиональнай иистэнэр массыына ылыммыт. Бэйэтэ иистэнэрин таһынан Катерина өссө «Бииргэ иистэниэххэ», «Иистэниэхпин баҕарабын» диэн үөрэхтэри биэрэр.
Филипп Назаров ититии ситимин тардар. Социальнай сөбүлэҥ 350 000 солк. көмөтүнэн «Makita» араас тэрилин ылбыта. Кэлин биригээдэ тэринэн, бу күннэргэ «Бизнес инкубатор» урбаанньыттар дьиэлэрин өрөмүөннээн туттарыахтаах. Кэлин дьон үгүһэ сылаас муостаны (теплый пол) сакаастыыр буоллулар диэн кэпсиир.
Сунтаарга 2023 сыл түмүгүнэн социальнай хантараагынан 215 киһи туһаммыт. Онтон 52-тэ бэйэ дьыалатын арыммыт, 33 киһи кэтэх хаһаайыстыбатыгар туһаммыт, 13 киһиэхэ үлэ көрдүүрүгэр көмө буолбут.
ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: