Суруналыыс диэн кимий?

Share

Суруналыыс суруйар

Олох араас өрүтүн,

Суруналыыс саралыыр

Олох араас мөкүтүн.

 

Кини хорсун , кырдьыксыт,

Кини артыыс, эрудит,

Кимниин баҕар кэпсэтэр,

Кэрэ түгэни элбэтэр.

 

Куруук олох үөһүнэн

Салгыбакка айанныыр,

Кырдьык иһин түөһүнэн

Сытыыланан хардыылыыр!

 

Кини тиийэр ханна да,

Ыарахантан чаҕыйбат —

Киэҥ куйаарга, СВОҕа —

Ыксаллаахха куттаммат!

 

Суруналыыс сүрэҕэ

Куруук сылаас, аһаҕас,

Суруналыыс бөрүөтэ

Куруук сытыы, сурдурҕас!

 

Баран иһиий хорсуннук,

Сытыы бөрүө аргыһа,

Баран иһиий дохсуннук,

Саҥа дьолу айсыһа!

 

Елена Прокопьева, Мэҥэ — Хаҥалас, «Таммахтар» айар холбоһук».

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп: алтынньы 30 — сэтинньи 6 күннэрэ

Сулустар тугу түстүүллэр? Хой Үлэҕэр кыраттан да сылтаан мөккүөр тахсыан сөп. Ол эрээри дьону тылгар…

12 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сиригэр хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сайаапкалары Службапоконтракту14.рф саайтка хомуйаллар

Саха сиригэр Службапоконтракту14.рф саҥа саайт нөҥүө хантараагынан байыаннай сулууспаҕа барааччылар сайаапка хаалларыахтарын сөп.  Российскай Федерация Сэбилэниилээх…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Үгүс оройуоннарынан хаардыыр, -35С кыраадыска диэри тымныйар

Алтынньы 30 күнүгэр Саха сирин үрдүнэн кыралаан хаар түһэрэ күүтүллэр, оттон Арктика улуустарыгар сорох сиринэн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Норуот уонна аармыйа биир сомоҕо» IV Өрөспүүбүлүкэтээҕи фашизмы утары пуорум ыытыллыаҕа

Сэтинньи 2–7 күннэригэр Саха сиригэр «Норуот уонна аармыйа биир сомоҕо» диэн IV Өрөспүүбүлүкэтээҕи фашизмы утары…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сирин оскуолалара “Оскуола бастыҥ остолобуойа-2026” күөн күрэскэ кытта сылдьаллар

Бу күннэргэ Краснодарга Бүтүн Арассыыйатааҕы «Оскуола бастыҥ остолобуойа-2026» күрэс буола турар. Күрэскэ Арассыыйа 75 эрэгийиэнин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Региональным директором ПСБ в Якутске назначен Александр Лазарев

В новой должности Александр Лазарев будет отвечать за дальнейшее развитие бизнеса ПСБ в Республике Саха…

12 часов ago