Салгыы
Суруналыыс уонна суруйааччы Прокопий Егоровка аналлаах ахтыы киэһэтэ буолан ааста

Суруналыыс уонна суруйааччы Прокопий Егоровка аналлаах ахтыы киэһэтэ буолан ааста

Ааптар:
28.02.2023, 19:30
Хаартыска Национальнай бибилэтиэкэтэттэн
Бөлөххө киир:

   Олунньу 27 күнүгэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин Историческай саалатыгар суруналыыс уонна суруйааччы Прокопий Иванович Егоров төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах ахтыы истиҥ киэһэтэ буолан ааста.

Прокопий Иванович “Эдэр хомуньуус” («Молодой коммунист»/«Молодежь Якутии») хаһыат эрэдээктэрэ этэ. Ол кэнниттэн өрөспүүбүлүкэ партийнай хаһыаттарыгар үлэлээбитэ. Үгүс сыл устата классиктар айымньыларын, партийнай докумуоннары сахалыы тылбаастыырынан дьарыктаммыта.

Прокопий Иванович — хас да кинигэ ааптара. Суруйааччы Юрий Шамшурины кытта “Төрөөбүт дойдубут — Сахабыт сирэ” (“Край наш родной — Якутия») диэн кинигэни таһаарбыттара. Бу кинигэ 1972 сыллаахха “Советская Россия” диэн кинигэ кыһатыгар бэчээттэммитэ. Бу кинигэҕэ өрөспүүбүлүкэбит туһунан сылаастык, ийэ сирдэрин ис сүрэхтэриттэн таптыыр дьон кэпсээннэрин ааҕабыт, манна тус блокноттарыттан, кэтээн көрүүлэриттэн суруйбуттар.

Олоҕун тиһэх сылларын сэрии тиэмэтигэр анаабыта. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт саха буойуннарын туһунан летопись оҥороору, СССР Оборона министиэристибэтин судаарыстыбаннай архыыбын пуондаларыгар үтүмэн элбэх үлэни ыыппыт.

Суруналыыс И. Егоровы кытта Малгиннар диэн сэрии толоонугар охтубут буойуннар ийэлэрин туһунан уочарканы суруйбута. Оттон биэс уордьан кавалера С.Д.Флегонтов туһунан уочарка уонна кэпсээн хомуурунньуга киэҥ эйгэҕэ биллэр. Ол кэннэ генерал А.И.Притузов олоҕун-дьаһаҕын, суолун-ииһин туһунан документальнай сэһэни суруйбута. Ону таһынан Прокопий Егоров “Саха сирин билиҥҥитэ” (“Якутия сегодня”), “Ыарахаттары туора тумнан” (“Трудностям наперекор”), “Сапер туһунан сэһэн” (“Повесть о сапере”) диэн кинигэлэри таһаарбыта.

Прокопий Иванович хорсун санаалаах, кимтэн да тутулуга суох, киэҥ билиилээх киһи этэ, нууччалыы да, сахалыы да биир сыыһата суох суруйара. Харса суох, таһаарыылаахтык үлэлиир суруналыыс этэ, кини үлэтин тиэмэлэрэ араас-араас буолаллара – экономикаттан саҕалаан, култуура боппуруостарыгар тиийэ таарыйара.

Ахтыы киэһэтигэр Прокопий Иванович аймах-билэ дьоно ыалдьыттаатылар, кини туһунан үтүө тылынан ахтан-санаан аастылар. Прокопий Иванович улахан сиэнэ Күннэй Егорова эһэтин олоҕун кэпсээтэ, кини байыаннай ахтыыларын ааҕан иһитиннэрдэ.

Саха суруналыыстыкатын бэтэрээнэ, 2002-2008 сылларга Суруналыыстар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Иван Васильевич Борисов кытынна.

«Сахаҕа дэгиттэр суруксут диэн бэрт аҕыйах, Прокопий Иванович айылҕаттан бэриллибит талааннаах, суруксут буоларга ананан төрөөбүт киһи этэ. Мин кинини, үлэтин-хамнаһын билэбин, архыыпка, сэриигэ бэйэтэ сылдьыбыт, иэдээни көрсүбүт киһи быһыытынан, дьаныһан үчүгэйдик үлэлээбитэ. Малгиннар ийэлэрин туһунан суруйуута, оччолорго билэр курдук эрээрибит, сурукка-бичиккэ кыайан киирбэтэх докумуону булан, кинигэ оҥорон таһаарыыта, хаһыакка суруйуута, бу улахан хамсааһын этэ. Аны генерал Притузов туһунан эмиэ, бу чахчы саха сиригэр Покровскайга төрөөбүтүн булан, кинигэ таһаарбыта улахан сабыдыаллаах этэ», — диэтэ Иван Васильевич.

Истиҥ тылларын кини аймахтара Афанасий Борисов, Ольга Дьячковская, Лена Константинова, Майя Максимова (сиэнэ, суруналыыс), Надежда Шамшурина (дьиэ кэргэн доҕоро) анаатылар. Бу киэһэ 1999 сыллааҕы архыып видеоларын көрдөрдүлэр.

Хаартыска бибилэтиэкэ тиксэриитэ

СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ Прокопий Егоров олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин кэпсиир кинигэ быыстапкатын тэрийдэ. Манна кини кинигэлэрэ, уочаркалара, документальнай сэһэннэрэ, илииттэн суруйуулара уонна хаартыскалара киирдилэр.

Биллэн турар, Прокопий Иванович саха суруналыыстыкатыгар суол-иис хаалларбыт киһи буолар. Тэрээһин бүтүүтүгэр кини кинигэлэрин саҥаттан таһаарарга, өйдөбүнньүк кинигэни суруйарга сүбэлэстилэр.

Хаһан эрэ суруналыыс В.Кириллин бу курдук суруйан турардаах: “Прокопий Егоров кинигэлэрин аахпыт киһи ааптарга махтана саныыр. Ол буолар партийнай публицист, буойун Прокопий Иванович Егоров туһунан үтүө өйдөбүнньүк”.

Ахтыы киэһэтин Саха сирин суруналыыстарын Сойууһа тэрийдэ, Сойуус  бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева иилээн-саҕалаан ыытта.

Прокопий Егоров (1923-1978) – Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, “Кыһыл Сулус”, “Бочуот Знага” уордьаннар кавалердара, “1941-1945 сылларга Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Германияны кыайыы иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта, Е.М.Ярославскай аатынан суруналыыстар бириэмийэлэрин лауреата, Суруналыыстар сойуустарын чилиэнэ, 1949 сылтан ССКП чилиэнэ.

1956 сылтан “Эдэр хомуньуус” уонна “Саха сирин ыччата” хаһыаттарга эрэдээктэринэн үлэлээбитэ, 1960 сылтан “Кыым” хаһыакка култуура салаатын сэбиэдиссэйэ этэ. 1963 сылтан — “Социалистическая Якутия” уонна “Кыым” холбоһук эрэдээксийэлэригэр тыа хаһаайыстыбатын салаатын сэбиэдиссэйэ. 1967 сылтан – “Кыым” хаһыат эрэдээксийэтин эппиэтинэстээх сэкирэтээрэ, 1971 сылтан — “Социалистическая Якутия” хаһыат эрэдээктэрин солбуйааччыта.

СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин медиакиинэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: