Суруналыыстар бүгүҥҥү хаһыакка бэйэлэрэ көрбүттэрин-истибиттэрин билиһиннэрдилэр
“Быыбар иннинэ эрэ илим-салым түһэн субуотунньуктарга, атын да тэрээһиннэргэ кыттар, оттон биэс сылга ууга тааһы бырахпыт курдук сүтэн хаалар хандьыдаат норуоту көмүскүүр кыаҕа суох диэн буолла.
Онон баартыйа үлэлиир кыахтаах, бэйэтэ бырагыраамалаах, бырайыактаах, сокуону көҕүлүүр көхтөөх киһини өйүө”, — диэн ким маннык санааны эттэ? Бу туһунан суруналыыс Сайаана Львова праймериз туһунан ырытыытыгар ааҕыҥ.
“Дьоҕус уонна аччыгый биисинэс эйгэтигэр 2018 сыллаахха 90 тыһыынча киһи хабыллыбыт эбит буоллаҕына, 2023 сылга урбаанньыт ахсаана 126 тыһыынчаттан тахса киһиэхэ тиийбит”, – диэн Ил Дархан бу күннэргэ бэлиэтэммит Арассыыйа предпринимателлэрин күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт урбаанньыттар Сүрүннүүр (координационнай) сэбиэттэрин мунньаҕар бэлиэтээбитэ. Урбаан салаата сайдыытын туһунан – бүгүҥҥү хаһыакка.
Быйыл Дьокуускай уонна Аллараа Бэстээх туһаайыытынан паром сырыыта ыам ыйын 25 күнүттэн саҕаланна. Кытылга хайдах быһыы-майгы олохтоммутун, тиксэр сир үлэтэ хайдах быһыылаахтык тэриллибитин көрө өрөбүл күн хаһыат суруналыыһа Егор Карпов анаан тиийэн көрөн-истэн кэллэ. “Аныгылыы тэриллибитин өссө көрө илик этим, онон барытын саҥалыы көрөр буолан, омуна суох, сөҕө-махтайа ылынным”, — диэн суруйан, суруналыыс бүгүҥҥү хаһыакка бэртээхэй репортааһы бэлэмнээтэ.
1963 сыллаахха бэс ыйын 13 күнүгэр Нам улууһун Граф Биэрэгэр айылҕа уһуктан, кэрэтийэн, мүөттээх салгын дыргыйан аҕай турар кэмигэр 22 №-дээх Намнааҕы профтехучилище аһылларын туһунан тустаах бирикээс тахсыбыта. Ити 60 сыллааҕыта буолбут устуоруйа бэлиэ түгэнэ, биллэн турар, Нам оройуонугар тыа хаһаайыстыбата муҥутуурдуу сайдыытын кытта ыкса сибээстээҕэ. Орто анал үөрэх үбүлүөйүнэн сибээстээн “Саха сирэ” хаһыакка ыалдьыттыыр Намнааҕы тиэхиньукум дириэктэрэ Ньургустан Жирков.
Бүгүн хаһыат “Манчаары” сыһыарыылаах таҕыста. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Иван Ксенофонтов-Силиги аҕа көлүөнэ хаһыаччыттар тустарынан олус кэрэхсэбиллээх матырыйааллара – бүгүҥҥү хаһыакка.
“Дьокуускай куоракка дьиэ-уот сыаната сыл аайы үрдээн иһэр” диэн риелтордар этэллэр. Сүрүннээн сыана үрдээһинэ таас дьиэлэргэ бэлиэтэнэр. Саҥа дьиэҕэ билигин кыбартыыра сыаната: 1 хостоох дьиэ – 5,4-7 мөл. солк. 2 хостоох дьиэ – 7-9 мөл. солк. Салгыы дьиэ сыанатын туһунан сиһилии ырытыыны үгүс киһи сэргээн ааҕыаҕа.
“Быйыл ыһыахтыам этэ диэн сахалыы таҥас атыыланар маҕаһыыннарын кэрийэн көрөн баран, тиэрэ кэлэн түһэ сыстым. Ама да сахалыытын иһин, бас быстар сыана”, – диэн биир үтүө күн дьүөгэм төлөпүөннээн соһутта”, — диэн бэйэтин сытыы матырыйаалын саҕалыыр Людмила Попова. Кини куорат маҕаһыыннарыгар бэйэтинэн тиийэн сыананы билистэ. “Кырдьык, бас быстар сыана – дьахтар халадаай ырбаахыта – 18 тыһ. солк. турар. Итэҕэйбэккэ чугаһаан көрөбүн, харах сыыспатах! Эмиэ бу маҕаһыыҥҥа аҥаардас сэлиэччик 7-18 тыһ. солк. турар…” диэн суруйар суруналыыс. Салгыы ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
“Айылҕабыт уһуктан, куорат киһитэ күөх дуолга дьулуһар кэмигэр Покровскайдыыр суолунан айаннаан, Табаҕаҕа тиийэн кэлбиппитин билбэккэ да хааллыбыт. Балыыһа дьиэтэ төһө да биир этээстээх буоллар, ыраахтан дьэндэйэн, “кылбайан” көһүннэ. Утуйар кэмҥэ кэлбит буолан эбитэ дуу, уу-чуумпу, кэбиниэттэргэ быраастар кумааҕы үлэтин толоро олороллор, мэдиссиинискэй сиэстэрэлэр кэбиниэттэригэр эмтэрин-томторун сааһылыыллар, остуолларын сууйаллар-сотоллор. Сотору укуолларын, эмтэрин туппутунан балааталарга эйэҕэстик мичээрдээбитинэн киирэн кэлиэхтэрэ…”. Ити курдук, бу матырыйаалы ааҕан, суруналыыс Надежда Егорованы кытта Табаҕа балыыһатыгар сылдьар курдук сананан, үгүһү билиэххит.
Төлөпүөҥҥэ дөрүн-дөрүн “Санаа быраас” диэн илии баттааһыннаах суруйуулар кэлээччилэр. Бэйэтин баай уопутуттан үллэстэн, доруобуйаны чөлүгэр түһэриигэ сыһыаннаан, олоххо буолбут араас түбэлтэлэри кэпсээн суруйара, сүбэлиирэ-амалыыра олус интэриэһинэй. Кини кимий? Дьэ, Санаа бырааһы кытары көрсөн кэпсэтэр түгэн тосхойдо. Суруйарын курдук, кини бүппэт сэһэннээх, сааһыгар сөбө суох сэргэх, эдэрдии эрчимнээх эбит. Ол да иһин 76 сааһыгар диэри үлүһүйэн үлэлии, сүһүөҕүн үрдүгэр сүүрэ сырыттаҕа. “80 сааспар диэри үлэлиир былааннаахпын”, – диир кини” — бу курдук суруналыыс Ангелина Васильева көмөтүнэн ситимҥэ өрүү ааҕар Санаа бырааспын кимин билиэхпит.
Аҕатын түмэллэргэ батыһа сылдьан, араас киэргэллэр оҥоһууларыгар болҕомтотун уурбут кырачаан уол оскуола эрдэҕиттэн айар үлэҕэ ылларбыт. Төрөппүттэрэ уоллара интэриэһин бэлиэтии көрөн, бастаан Пионердар дыбарыастарын куруһуогуттан саҕалаан, Оҕо худуожественнай оскуолатыгар үөрэттэрэ биэрбиттэр. П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы худуожественнай училищены ситиһиилээхтик бүтэрэн, Петр Федотов салгыы үөрэҕин үрдэтэргэ санаммыт. Онно декоративнай-прикладной ускуустуба худуоһунньуга идэни баһылаан баран, “идэбэр сөпкө да тайаммыппын” дии санаабыт уонна … “Үлэ киһитэ” бириэмийэ хаһаайыныгар тиийэ үүммүт. Бу туһунан ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: