СҮБЭҺИТ: Ороһуоспа остуолугар судургу ырысыаптар

СҮБЭҺИТ: Ороһуоспа остуолугар судургу ырысыаптар

Ааптар:
06.01.2025, 17:00
Хаартыска: phxere.com
Бөлөххө киир:

Ороһуоспа бырааһынньыгар остуолга ууруллар ас-үөл дойду эрэгийиэннэринэн араастаһыан сөп эрээри, бырааһынньыгы көрсө үгүс хаһаайкалар маннык судургу ырысыаптары туһаналлар.

Бастакынан, иһигэр араас начыынкалаах индейка эбэтэр куурусса астыыллар. Үгүс дьиэ кэргэттэр Ороһуоспа киэһэтигэр индейка эбэтэр куурусса буһаран ууралларын ордороллор, ол гынан баран, иһигэр аныгылыы ырысыабынан тэллэй, отон, эриэхэ эбэтэр фрукта уган күндүлүүллэрин сөбүлүүллэр.

Иккиһинэн, кыһыл эттээх лосось эбэтэр сыалаах тунец байҕал сыаналаах балыктарын духуопкаҕа буһараллар. Билигин маннык балык Ороһуоспа остуолун бастыҥ аһылыгынан ааҕыллар. Буспут балыгы цитрус, сүөгэй уонна күөх үүнээйи булкаһыктаах соустары кытта уураллар. Бу бүлүүдэлэри таһынан бырааһынньыктааҕы остуолга атын ураты астары ууруохтарын сөп.

Сүбүөкүлэлээх салаат

Салаат састааба:

  • Сүбүөкүлэ, дьаабылака – иккилии устуука;
  • Грецкай эриэхэ – 0,5 ыстакаан;
  • Кыһыл луук – 1 устуука;
  • Оливковай арыы – 2 ост. ньуоска;
  • Бальзамическай уксус – 1 ост. ньуоска;
  • Туус уонна хара биэрэс;
  • Петрушка эбэтэр кинза 2 ост.ньуоска.

Ырысыаба:

Оргуйбут ууга сымнаҕас буолуор диэри сүбүөкүлэни буһарабыт. Сүбүөкүлэ бириэмэтинэн 30 мүнүүтэттэн 1 чааска диэри оргутуллуон сөп. Буспутун кэннэ сүбүөкүлэни ыраастыыбыт уонна кыра гына кубиктарынан кырбыыбыт.

Дьаабылаканы сууйабыт, хаҕын ыраастыыбыт, сиэмэтин ылҕыыбыт, кыра гына кубиктарынан кырбыыбыт. Сүбүөкүлэни, дьаабылыканы, грецкэй эриэхэни уонна бытархай гына кырбаммыт луугу кытта булкуйабыт. Соуһу туспа бэлэмниибит. Оливковай арыыны уонна бальзамическай уксууһу булкуйабыт. Туус кутабыт уонна биэрэстиибит. Салаат үрдүгэр соус кутабыт уонна петрушканан эбэтэр кинзанан киэргэтэбит.

 Хартыыһа-мүөт соустаах сибиинньэ ойоҕоһо

Хартыыһа уонна мүөт соустаах сибиинньэ ойоҕоһо Ороһуоспа остуолугар күндү аһылыгынан буолуон сөп. Соус ураты амтаны биэрэр.

Састааба:

  • Сибиинньэ ойоҕоһо – 1-1,5 кг;
  • мүөт, хартыыһа – иккилии ост.ньуоска;
  • оливковай арыы, дьаабылыка уксуһа – иккилии ост.ньуоска;
  • чеснок – 3 зубчик;
  • хатарыллыбыт тимьян эбэтэр розмарин – 1 ост. ньуоска;
  • туус уонна хара биэрэс.

Ырысыаба:

Сибиинньэ ойоҕоһун бэлэмниибит – наадата суох сыатын, хаҕын ыраастаан ылабыт. Буһарарга табыгастаах буоллун диэн араартыыбыт. Бары өттүттэн кыратык туустуубут. Дириҥ миискэҕэ мүөт, хартыыһа, оливковай арыы, дьаабылыка уксууһун, чеснок уонна хатарыллыбыт оту кутабыт. Бу соуһу ойоҕос икки өттүттэн кутабыт. Анал пленкаҕа суулуубут эбэтэр ас буһарар бакыакка уган ыга баайабыт. Холодильникка 1-2 чаас устата маринуйдана уурабыт. Духуопканы 180° кыраадыска тиийэ ититэбит. Ойоҕостору духуопка илииһигэр уурабыт, фольганан бүрүйэбит, анныгар пергамент кумааҕыны уурабыт. Бүлүүдэни духуопкаҕа 1-1,5 чаас устата буһарабыт.

+1
8
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
8 января
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: