Салгыы
Тааттаҕа Былатыан Ойуунускай сырдык аатыгар сүгүрүйдүлэр

Тааттаҕа Былатыан Ойуунускай сырдык аатыгар сүгүрүйдүлэр

Ааптар:
26.09.2024, 21:10
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө саха норуотун чулуу уола, бөлүһүөк өйдөөх судаарыстыбаннай диэйэтэл, талааннаах суруйааччы Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүт алааһыгар Чөркөөх олохтоохторо, уопсастыбаннас, үрдүкү салалта бэрэстэбиитэллэрэ, улуус салалтата сырыттылар, ытык киһи пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

Ил Дархан Айсен Николаев уһулуччулаах уопсастыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл Былатыан Ойуунускай хайдахтаах курдук улахан, сүдү, ытык киһи буоларын, үйэттэн үйэҕэ кини аата дуорааннаахтык ааттаныаҕын бэлиэтээн турар.

Долгутуулаах, үөрүүлээх миитиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников мустубут дьоҥҥо туһаайан судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл Былатыан Ойуунускай литератураны, төрөөбүт тылы харыстааһыҥҥа дьоһуннаах кылааты киллэрбитин бэлиэтээтэ, үүнэр көлүөнэҕэ Былатыан Ойуунускай духуобунай уонна култуурунай нэһилиэстибэтин тиэрдии улахан сорук быһыытынан буоларын эттэ.

Үөрүүлээх тэрээһин кэнниттэн Чөркөөх түмэлин үлэһиттэрэ саха норуотун чулуу уола төрөөбүт сиригэр экскурсия оҥордулар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: