Танкист…

Танкист…

23.02.2024, 15:30
Хаартыска Иван Ксенофонтов тус архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүнэн кырдьаҕас саллаат ахтыыта

     1969  сыл  сэтинньигэ   эр киһи  буолан  Ийэ  дойдубар  сибэтиэй  иэспин төлүү,  Сэбиэскэй Аарымыйаҕа  сулууспалыы,  баран  иһэн  танкист  буолуохтаахпын  билэрим.  Оскуоланы  бүтэрээт,  сылтан  ордук   тимир  тиһиликтээх  ДТ-75  тыраахтарынан  дьигиһитэн  от-мас тиэйбитим-таспытым,  сир  хоруппутум,  оҕуруокка  үлэлээбитим.  Инньэ  гынан,  аарымыйаҕа  хомуйар  хамыыһыйаны  ааһарбар  военком  солбуйааччыта  капитан  Дм.Дм. Яковлев: «Тырахтарыыс,  танковай  чааска   механик-водителинэн  сулууспалыаҥ!» –  диэн  санныга  «лап»  гыннарбыта.

Хаартыска Иван Ксенофонгтон тус архыыбыттан.

Оччолорго  аарымыйаҕа  сулууспалааһын  диэн  чиэс-бочуот,  хайҕаллаах  дьыала  буоллаҕа.  Астына,  киэн  тутта  бырааһынньыктаан  атаарылларбыт. Ол  гынан,  өлүү-болдьох,  Даманскай  арыыга  кытайдары  кытта  сэриилэһэн  ылан,  илиҥҥи  кыраныыссаҕа  балаһыанньа  тыҥааһыннаах,  сэрэхтээх  кэмэ  этэ.  Онон  эмиэ  да  испитигэр  ытырыктата  саныырбыт.  Эрдэттэн алтыһан  билсэр  атастарбыныын,  Майаттан  Дима Бубякинныын,  Павловскайтан  Проня Охлопковтыын,  Хаптаҕайтан  Леня Яковлевтыын  бииргэ  тутуһан  айаннаабыппыт.  Бүтүн  биир  сөмөлүөт  призывниктары  саппарааһайдаан  иһэр  эпписиэртэн,  сержаннартан  токкоолоһон  Чита  куораттан  чугас  Песчанка  диэн  станцияҕа  танкистары  үөрэтэр байыаннай чааска  тиийиэхтээхпитин  билбиппит.  Ол  учебнай  полкабыт,  кэлин,  90-с  сылларга  Брежневскэй  полка  диэн  ааттаммыта.  Оттон  биһиги,  Забайкалье  чысхааннаах,  сытыы  тыалыгар-кууһугар  курдары  үрдэрэн,  тыбыс-тымныы тимир  куйахха  хаххаланан  «иттэн»,  сэлээркэҕэ-уонахха  умньанан  сыл  аҥара  таанка  диэн  «кыылы»   истэри-тастары   тиҥсирийэн  ыыта,  ыта  үөрэнэн  1970  сыл  сааһын 3-с  кылаастаах  механик-водитель  буолан,  младшай  сержант  сыбаанньалаах  байыаннай  чаастарга  салгыы  сулууспалыы  үрэл-тарал  тарҕаспыппыт.

Мин  Монголия  кыраныыссатыгар  Кяхта  куорат  гарнизонугар  Шевченко  аатынан  гвардейскай  танковай  дивизия    Волновахатааҕы  160-с  полкатыгар  түбэспитим.  Сэрии  бөҕөнү  сэриилэспит,  Суворов,  Богдан  Хмельницкэй  уордьаннардаах,  Кыһыл  Знамялаах  гвардейскай  полка.  Сэбиэскэй  Сойуус Дьоруойа,  рота  хамандыыра  капитан Грант Оганьянц  турар  бэйэтинэн  пааматынньыгын  аттынан  ааһан  иһэн  хайаан  да  строевой  хаамыынан  чиэс  биэрэн  ааһаҕын.  Полка  өссө  гражданскай  сэрии   саҕаланыыта,  1918  сыллаахха,  Украинаҕа  Волноваха  куоракка  тэриллибит.  Онон  кэлин  сыллата Украина  уолаттара  бочуоттаах  хомуурга  тардыллан, бу  чааска  ыҥырыллар  буолбуттар.  Инньэ  гынан,  сүнньүнэн  сибиряктар: Саха  сириттэн,  Забайкальеттан  уонна  күннээх  Украинаттан  хомуллан  сулууспалыырбыт.  «Һ»  дорҕоонунан  кыбытан  саҥарар,  үксүлэрэ  «о»-нон  бүтэр  араспаанньалаах  хохуол  уолаттар  сүрдээх  төрөлкөй,  элэккэй,  күлэ  туран  ытаан  барыах,  сырбатыһа  сылдьан  устунан  куустуһан  барыах  чычаас  уйулгулаахтара,  майгылаахтара.  Чыыҥҥа-хааҥҥа  тардыһар,  эппилиэттэригэр  биир  эмэ  лычканы – ефрейтор,  сержант  бэлиэтин –  иилинэр  баҕаларын  сөҕөрүм.  Дэлэҕэ,  уонна  чааспыт  да  Волноваха  куорат  аатын  сүгэринэн     буолуо,  батальоннарга  роталар  старшиналарынан  украинецтар  ананаллара. Биһиги  алтыс  ротабытыгар  миэтэрэ аҥардыыта  дарайбыт  сарыннардаах,  чаанньык  саҕа  сутуруктардаах  Макеевка  шахтера  Олео  Макар ( Толя  диэн  ааттыырбыт)  анаммыта.  Сытар  ынаҕы  туруорбат,  ол  эрээри  устаап  ирдэбилин  баҕас  бычыгыраппакка  тутуһуннарар  кытаанах  ирдэбиллээҕэ . Ордук  эдэр  саллааттары  харыстыыр-араҥаччылыыр, учениеҕа, полигоҥҥа бардахха аскын-таҥаскын, куллукаҕар  тиийэ хааччыйар кыһамньылааҕа.   Бэһис  ротаҕа  Чеботарь,  үһүс,  төрдүс  роталарга  Сагайда,  Довгошия,  атын  роталарга  Ковляшенко,  Дехтяренко  диэбит  курдук  старшиналар  бааллара.            Оттон бэйэбит  дьоммут,  сибиряктар,  модьу-таҕа,  нүһэрдиҥи-киппэ, доҕордоһуу-өйөһүү  диэн  өйдөбүлү  үрдүктүк  тутар,  көнө  сүрүнннээх,  эрэллээх  уолаттар  буоллаҕа.  Хайа  эрэ  өртүнэн түһэн,  таҥнаран  биэрдиҥ,   хомоттуҥ-кэлэттиҥ,  бырастыы  гымматтар.  Саллаат  хааһытын  биир  котелоктан  мотуйбут  уолаттарбын  Могочи  ыстаансыйаттан  Дима  Сычеву,  Усолье-Сибиирскэйтэн  Юра  Белову, Леня  Тюрневы,  Чита  тыатыттан  Вовка  Капленконы,  Толя  Самойловы, Баргузинтан  ини-бии  Бакшеевтары,  Иркутскай  диэкиттэн Миша  Самплавскайы,  Гена  Маликовы  санаталаатахпына,   «Вечный  зов» киинэ дьоруойдара  бырааттыы   Антон, Федор,  Иван Савельевтар,  Кирьян  Енютин  харахпар  көстөн  кэлэллэр.

Майа  орто  оскуолатыгар  онус  кылааска  трактороведение  биридимиэтин сэрии  бэтэрээнэ  Иннокентий  Лазаревич  Сергучев  үөрэппитэ.  Инньэ  гынан  оскуоланы  тырахтарыыс  идэлээх  бүтэрбиппит.  Билиҥҥинэн  муодунайдаан-тупсаран  «дуальнай»  диэн  ааттыыр  үөрэхтэрэ  оччоттон, 60-с  сыллартан,  баара.  Онон  тырахтарыыстаабыт, Павловскайга, Ленин  аатынан  сопхуос  киин  мастарыскыайыгар,   «МТЗ»,  «ДТ»  тыраахтардары  мотуордары,  ходовойдары  ыһан-үрэйэн  өрөмүөннээбит-таҥмыт  буоламмын,  таанканы  башнятын  иһиттэн,  кыҥыыр-ытар,  сибээстэһэр  систиэмэлэриттэн, бойобуой  кэмпилиэгиттэн   ураты  билэр,  удумаҕалатар  курдугум.  Инньэ  гынан  Песчанкаҕа  үөрэтэр  чааска  ситиһиилээхтик  үөрэммитим.  Ордук  6-с  упражение  диэн  аатырар   таанканы  ыытыы,  аналлаах  мэһэйдэри,  буомнары  туорааһын,  бириэмэҕэ  муҥутуур  түргэнник  айаннааһын  ньымаларын,  үөрүйэхтэрин  түргэнник   ылыммытым. Бэл,  «тимир дивизия»  диэн  ааттыырбыт,  инструктор-мэхээнньиктэр  сыаналааннар,  учебканы  бүтэрэрбитигэр  миигин  үөрэтэр  чааска  инструктор-механигынан  хаалларарга  туруорсубуттарын,    нуучча  буолбатах  диэн   үөһээ  хамандыырдар  ылымматахтар  этэ.

Хата,  мин  дьолбор  аккаастаабыттар  эбит,  диэн  кэлин  астына  саныыбын.  Ол  тоҕото  маннык.  Саас,  үөрэтэр  чаастан  тиийээт,  ол  сайынын   полка  механик-водителлэрэ  ыыта  үөрэнэр,  эрчиллэр  таанкаларын  мэхээнньик-водителинэн  анаммытым.  Онон  бүтүн  биир  рота  учебнай  таанкалар  мэхээнньиктэрэ  сайыны  быһа полигоҥҥа – танкодромҥа —  сайылаан,  батальоннар  роталара  кырааппык  быһыытынан  дьарыктана,  үөрэнэ  кэлэллэригэр  таанкаларбытын  кэмигэр  саппараапкалаан,  уонахтаан,  өрөмүөннээн   бэлэм  техническэй  туруктаах  буолалларын хааччыйбыппыт. Ити  миэхэ  сүрдээх  улахан,  туһалаах  оскуола  этэ.  Сулууспалаабытым  биир  сыла  туолуута  иккис  кылаастаах,  рота  ыстаарсай  механик-водителэ ,  сержант  буолбутум.

«Ыал  бөөхүллэтэ  суох  буолбат» ( «Семья  без  урода  не  бывает») диэн  нуучча өһүн  хоһооно  баар.   Итинник  түгэн,  сымыйалаабыт  курдук,  миигин,  саллааты,  эппиһиэр  дуоһунаһыгар  күөрэс  гыннаран  турар.  Сорох-сорохтор, кырдьаҕас  «аһара  лапсалаама»  диэтэххитинэ   да  көҥүл.  Биһиги  ротабытыгар  хамандыыры  тиэхиньикэ чааһыгар  солбуйааччынан  Николай  Иванович  Иваныш  диэн ааттаах, араспаанньалаах  быһыылааҕа,   старшай  лейтенант  Монголияҕа  сулууспалыы  сылдьан,  сураҕын  иһиттэххэ  арыгы  ыарыытынан  ыалдьан,  хроническай  алкоголик  буолан,   эпписиэр  чиэһин  суутунан  сууттанан капитан  сыбаанньатыттан  старшай  лейтенаҥҥа  түһэриллэн,  үүрүллэн  кэриэтэ  кэлбитэ.  Ама  да  былыргыны  былыт  саптар,  туох  да  туһата  суох  эпписиэр  этэ.  Батальон  хамандыырдара,  сулууспалар  начаалынньыктара   мөҕөөрү-сэмэлээри  гыннахтарына,  наар  кининэн  холобурдаан  сирэй-харах  анньаллара.

Ситэри  сэһэргээтэххэ,  күһүҥҥү-сааскы  бэрэбиэркэлэргэ  бойобуой (штатнай)  сэнэрээттэринэн  сыалы  ытыыга  кини  оннугар  наводчик  уолаттар  ыталлара.  Зампотехпыт  оннугар биһиги,  мэхээнньиктэр  таанканы  ыытарбыт.  Сарсыардаттан  кур  холуочук,  сөллөччү  иһэн  сирэй-харах  буолан  кэлэрэ. «Командирскай»  чаһытын  бөҕөтүн  дакаастаан  истиэнэҕэ  быраҕа-быраҕа  атыылыы  сатыыр  буолара.  Техническэй  бэлэмнэнии  занятиетын,  былааннаммыт  парковай  күннэргэ,  тирээн  кэллэҕинэ  сэриигэ  киирэргэ  бэлэм  турар,  оччолорго  кырыллыбытынан  Т-62,  Т-64  маркалаах  таанкалары  техническэй  көрүүнү-истиини  ротабыт  хамандыырынаан  старшай  механик-водитель  быһыытынан  тэҥҥэ  ыытыһарым,  дьаһайсарым. Бойобуой-техническэй  бэлэмнэнии  ыйдааҕы  былааннарын  ырытан  оҥорорум,  батальон  зампотеҕар  ол  былааммын  дакылааттыырым,  бигэргэттэрэрим.  Оттон  старшай  лейтенант  Н.И.Иваныһы  икки  төгүл  эппиһиэр  чиэһин  суутунан  сууттаан,  младшай  лейтенант  сыбаанньатыгар   диэри таҥнары  түһэрэн  баран,  аармыйаттан  олорчу  да  тохтотон,  биэнсийэҕэ  ыыппыттара  быһыылаах. Онон мин,  балтараа  сыл  сулууспалаабыт  сержант,  ротам  хамандыыра  лейтенант  Алексей  Кочурко  туруорсуутунан  хамандыыры  техника  чааһыгар  солбуйааччы  эбээһинэһин  толорооччу  дуоһунаһыгар  ананан  соһуйуу  бөҕөнү  соһуйбутум.

Биһиги  саҕана,  Сэбиэскэй  Аарымыйа  кэккэтигэр  бойобуой-политическай  бэлэмнэниигэ  сүрдээх  уоттаах-күөстээх социалистическай  куоталаһыы  көҕө  тэнитиллэрэ.  1970  сыллаахха,  В.И.Ленин  төрөөбүтэ  100   сылынан  куоталаһыыга  дивизия  үрдүнэн  биһиги  полкабыт,  полка  иһигэр  биһиги  батальоммут,  батальоҥҥа  биһиги  ротабыт  кыайыылаах  тахсыбыппыт.  Ол  сыл  кулун  тутарга  дивизия  таһымынан  сааскы  байыаннай  үөрэххэ  колоннанан  марш-бросок  кэмигэр  өмүтүннэрэн  «оонньоон  өстөөххө»  саба  түһэн,  бэлэмэ  суох  тохтоон  турар  танковай  колоннаны  «тоҕута  ытыалаан»  кэбиспиппит.  Салгыы  тэйиччи  ыраас  үрдэргэ  чөмөхтөспүт  танкалар  ортолоругар  турар  сүүнэ  вертолету  холостуой  сэнэрээттэринэн  ытыалыы-ытыалыы  төгүрүйэн  кэбиспиппит.  Онтубут  баара,  Забайкальскай  байыаннай    уокурук  командующайын  кэтээн  көрөр,  салайар  пууна  эбит!  Командующай,  аарымыйа  генерала  Белик  диэн  быһыылааҕа,  батальоммутун  стройдатан  баран,  махталын  биллэрбитэ.  «Ураа!»  хаһыы  ортотугар  батальоммут  хамандыыра  капитан  Ачкалов  таанка  трансмиссиятыгар (мотуорун үрдүгэр) «Барыняны»   үҥкүүлээбитин  билигин  да  көрөр  курдукпун.

Эдэр  саллаакка  үтүө  өйдөбүллэри  хаалларбыт  хамандыырдаргын  үйэ  да  аҥара   кэм   ааспытын  кэннэ  умнубат,  өйдүүр-саныыр  эбиккин.  Ротабыт  хамандыыра  Кочурко  Алексей  Парфентьевич  ханнык  да  байыаннай  училищеҕа  үөрэммэтэх,  икки  сыл  саллааттаан  баран,  младшай  лейтенаннар куурустарын  бүтэрэн  салгыы  сулууспалыы  хаалбыт,  болдьоҕо туолан  саҥа  лейтенант  сыбаанньата  иҥэриллибит,  отделение  хамандыырыттан  саҕалаан,  рота  хамандыырыгар  тиийэ  үүммүт  эпписиэр  этэ.  Онон кини  училище  кэнниттэн  кэлбит,  саллааты  бэйэтигэр  тэҥнээбэт,  өрө  хантайа  сылдьар  солдафон  эпписиэрдэртэн  атын,  саллаат  сулууспатын  аһыытын-ньулуунун  билэр,  өйдүүр,  саллаат   ирдэбиллээх  доҕоро  хамандыыр  этэ.  Ол  да  иһин  ротабыт  биир  иллээх  дьиэ  кэргэн  курдуга.  Хамандыырбыт дьыала туһугар, наада тирээтэҕинэ, хас  биир  саллаатын  интэриэһин  хайа да  таһымҥа  туруулаһара,  көмүскэһэрэ.  Оттон  биһиги,  саллааттар,  хамандыырбыт  тула  ыга  тутуллубут  сутурук  курдук  биир  сомоҕо  түмсүүлээх  этибит.

Үөрэтэр  чаас  кэнниттэн  ротабар  кэлээппин,  саха  буоларбын  истээт,  билээт,  саастаах  саллааттар: «Биһиги  ротабытыгар  эн  биир  дойдулааҕыҥ (землягыҥ),  эмиэ  саха   лейтенант  Павлов  иккис  взвод  хамандыырынан  сулууспалыыр», – диэн  кэпсэтэн-билсэн, бэрт сотору  «бэйэ  киһитэ»  буолбутум.  Санаабар  уонча  күн  кэтэһэ  сатаан  баран,  тугу  эппиккитий,  лейтенант  Павловкыт  тоҕо  көстүбэтий  диэн  токкоолоһон  турбуппар,  ханна эрэ  командировкаҕа  сылдьар.  Сотору  кэлиэҕэ  диэбиттэрэ.  Биирдэ    танкодромҥа  биһиги  ротабыт  дьарыктана  кэлбитигэр,  салгын  дэлби  сиэн  харааччы  килэрийбит,  лаппычах  уҥуохтаах  лейтенант  миэхэ  ала  чуо  кэлэн: «Сахаҕын  дуо.  Мин  Архип  Николаевич  Павлов  диэммин.  Чурапчыбын»,—диэн  илии  тутуһан  билсибиппит.  Быһа-бааччы  хамаандалаталаан, чиҥ-чаҥ  курдук,  этириэс  хараактырдааҕа,  чэнчиһэ  тутта-хапта,  таҥна-хомуна   сылдьарыттан  да  көстөрө.  Миигин  биир  дойдулааҕым  диэн  атыттартан  өрө  туппат,  чугаһаппат  этэ. Кяхта  куоракка  олороро,  бурят  дьахтара  ойохтооҕо,  онтукайа  өссө  борокуруор  быһыылааҕа.  Инньэ  гынан,  хаһан  эмэ  өрөбүл  күҥҥэ  дьиэтигэр  илдьэн  ыалдьыттатара,  маанылыыра.  Ирэ-хоро,  дуоһуйа  сахалыы  кэпсэтэрбит,  дойдубутун  ахтарбыт.  Көҥүл  тустууга  спорт  маастарыгар  кандидат  этэ.  Парковай  күҥҥэ,  учениеҕа  ханна  эрэ  айылҕаҕа  сылдьан  дуу,  сынньалаҥ  кэмигэр  таанканы  бүрүйэр  сүүнэ  бириһиэни  хас  эмэ  бүк суулуу  тутан   маат  курдук  тэнитэн  баран,  тустан  хачыктаһыы  кытаанаҕа  буолара.  Араас  бухатыыр  курдук  нуучча,  хохол  уолаттара  кыһыйа-кыһыйа  киирсэ  сатыыллара  да,  хоннохторун  аннынан  эрэ  саха  уола талбытынан,  таптаабытынан  быраҕаттыыра,  хам  баттыыра.  Тустуу  араас  албастарын  үөрэтэрэ.  Амтаһыйбыт  саллааттар: «Табаарыс  лейтенант,  хаһан  тустабыт?»—  дэһэр  буолаллара.

Лейтенант  Архип  Павловы  соторунан   дивизияҕа  разведсулууспаҕа   взвод   дуу,  рота дуу  хамандыырынан  анаабыттара.   Сыл  аҥарын  курдугунан  уокурук   «На  боевом  посту»  хаһыатыгар  старшай  лейтенант  А.Н.Павлов  хамаандалыыр  подразделениета  үрдүк  таһымнаах  команднай-штабной  үөрэнии-эрчиллии  кэмигэр   туйгун  көрдөрүүлэри  ситистэ  диэн  хаартыскалаах  матырыйаалы  көрөн,  ааҕан  киэн  туттубуппут.  Кэлин,  сулууспалаан  бүтэрим  саҕана,   Чурапчыттан  төрүттээх   бойобуой  эпписиэр Архип  Николаевич  Павлов  ССРС  Сэбилэниилээх  Күүстэрин  Германияҕа  бөлөҕөр  сулууспалыы  барбыт  диэн  истибитим.

Сулууспам  саамай  өрөгөйө,  олохпор  хаһан да  умнуллубат  бэлиэ,  дьоллоох  түгэн  1971  сыл сааһыгар,  ыам  ыйыгар  буолбута.  Кулун  тутар  ыйтан  быһыылаах,  сүрдээх  үрдүк,  Оборона  министиэристибэтин  таһымынан  бэрэбиэркэ  буолар үһү.  Оборона  миниистирэ  маршал  А.А.Гречко  бэйэтинэн  кэлэр,  көрөр-истэр,  бэрэбиэркэлиир  үһү  диэн  сурах  иһиллибитэ.  «Тыый,  бу  иэдээни,  олорбуппут  сыччах»  диэн  эпписиэрдиин,  саллааттыын  сөҕүү,  дьулайыы  бөҕө  буолта.  Устунан  дивизия  олоҕо  күөстүү  оргуйан,  туох  эрэ  улахан,  күүстээх  дьайыы чугаһаан,  суостаах  тыына биллэн  барбыта.  Байыаннай-политическай  бэлэмнэнии,  колодкаҕа  турар,  онто  суох  ыраас  тиэхиньикэбитин  сууйуу-сотуу  бөҕө  буолбуппут.  Истиин-тастыын  өрө  тардыныы, бэл  эпписиэрдэрбит  портупеяларын  ыга  тардыммыкка,  саппыкылара  биллэ  килэбэчийбиккэ  дылы  буолбута. Биһиги,  саллааттар  тустарынан,  этэ  да  барыллыбат.  Старшиналар: «Кургун  тардын!»—  диир  хамаандалара  чаастатык  иһиллэр  буолбута.  Киэһээ-сарсыарда  аайы  плацка  тиҥилэхтэрбитигэр  тимир  боккуобаларбыт  элэйэн  туура  ыстаныахтарыгар  диэри  строевой  хаамыыга  эрчиллибиппит.

Байыаннай  городокпут  дьиэлэрин-уоттарын,  хаһаарымаларбытын  ы раастаан,  өрөмүөннээн,  хас  да  көстөөх  сиртэн   уончалыы  массыынанан сир  кырсын  тиэрэн  тиэйэн  аҕалан  газоннары  тэлгэтэн,  уулуссаларга  бордюрдары  оҥорон,  үрүҥ  испиэскэнэн  сотон,  бэл  үүнэн  турар  мастар  төрдүлэрин  кырааскалаан  дьэргэтэн  кэбиспиппит.  Муус  устарга,  күөх  от  бытыгырааһына,  сэбирдэх  тыллыыта  городокпут  устун  сэрэнэ  хаамар,  ханна  эрэ  муора  кытылыгар  курортка  сылдьар  курдукпут.  Оннооҕор  табахсыттар  мээнэ  тута  сылдьан  табахтыыллара  кытаанахтык бобуллубута.  Аналлаах  суруктаах-бэлиэлээх сирдэргэ  эрэ  тардарга  күһэллибиттэрэ.

Кэлин  чуолкайдык  Генеральнай  штаб  бэрэбиэркэтэ  диир  буолбуппут.   Кылаабынайа,   социалистическай  куоталаһыы  кыайыылааҕар,  биһиги  6-с ротабытыгар  бойобуой (штатнай)  сэнэрээттэринэн  күнүс,  түүн  ытыыга,  таанканы  ыытыыга  бэрэбиэркэни  туттарар  чиэс  сүктэриллибитэ.  Инньэ  гынан  муус  устар  бүтүүтэ  стрельбищеттэн,  танкодромтан  тахсыбат  да  буолбуппут. Хонукпутугар  үлтү  сылайан,  хаһаарымабытыгар  нэһиилэ  кэлэрбит.  Хамандыырдарбыт  ротаҕа  коптеркаҕа  хоно  сылдьыбыттара.  Бары  даҕаны  ыран,  харахтарбыт  килэриһэллэрэ.  Дэлэҕэ, полкабыт  хамандыыра  подполковник  Виктор Аров  көрөн,  бэккиһээн: «6-с  гвардейскай  ротаны  икки  нуорманан  аһатыахха  наада!»— диэн   тыылга  солбуйааччытын  бирикээстиэ  дуо.

Ыам  ыйыгар,  Кыайыы  күнүн  кэнниттэн тута  ол  күүтүүлээх  бэрэбиэркэбит  саҕаламмыта.  Сааскы ичигэс,  ылбаҕай  күн  үүммүтэ.  Сарсыардааҥы  аһылык  кэнниттэн параднай  формабытын  кэтэн  дивизия  киэҥ  плаһын  тула  гарнизон    чаастара  стройдаан  турунан  кэбистибит.  Бойобуой  знамялар  кытара  кыыһан,  эппиһиэрдэр  түөстэрэ  уордьаннарынан,  мэтээллэринэн  кылабачыһан,  50-ча  муусукааннаах  хомуур  оркестр  тохтоон  ыла-ыла  байыаннай  марштары,  патриотическай  ырыалар  мелодияларын  оонньоон  ньиргитэн,  эргиччи  хас  эмэ  тыһыынчанан  киһи  күйгүөрэ  түмүллэн,  санаа  көтөҕүллэр,  күүрэр   бырааһынньык  курдук.   Атахтарбыт  көһүйүөхтэригэр  диэри  уһун  баҕайытык  турдубут.  Кэмниэ-кэнэҕэс,  күнүс  1  чаас  саҕана  үрдүбүтүнэн  намыһах  соҕуһунан  үс   МИГ истребитель  кылабачыһан,  куһууран  дөйүтэ  сыһан  аастылар.   Чочумча  буолан  баран,  аарыма  бөртөлүөт  салбахтара  тыраадыһа  кулахачыйан  киэҥ  плац  үрдүгэр  кэлэн  ыйанан тура  түһэн  баран,  аргыый  намтаан,  бэрт  чэпчэкитик  олорунан  кэбистэ.  Тула хамаандалар  сатараан,  эргиччи  биир  ньыгыл тыыннаах  истиэнэ   ньимийэ  иһийдэ.

Онтон  доҕоор!  Тыыннааҕым  тухары  сотуллубат  санаам  киинэтэ  буолан  харахпар  көстөр  хартыына  арыллар.  Оччотооҕу  20-лээх  уол,  саллаат  түһээн  да  баттахпатахпын  тутан  туран  көрбүппүттэн  соһуйбутум,  саллыбытым  оччо.  Бөртөлүөт  аана  аһыллаатын,  кирилиэс  тиксэриллээтин  кытта,  ССРС  оборонатын  миниистирэ,  аатырбыт  полководец,  маршал  Гречко  унньулуйан  түһэн  кэллэ.  Кэнниттэн  маршаллар,  генераллар  көмүс  погоннара  күлүмүрдээн,  лампаастара  кытаран,  какаардалара  килбэйэн  биир-биир  түһүтэлээн  истилэр.  Епишев,  Вершинин,  Кутахов,  Батицкай, бэл ССРС  флотун  адмирала  Горшков…  Кынталлан,  түөһүллэн, хоноһон  эчи  элбэхтэрин. Көрөн-истэн,  эчи  суостарын-суодалларын.  Киһи  утары  көрүөн  да  толлор үрдүкү  байыаннай  начаалынньыктар.

Дивизия  хамандыыра  генерал  Громов  араапардаабытын  кэннэ,  оборона  миниистирэ  сибиитэтинээн  кэчигирээн  турар  байыаннай  чаастар  хамандыырдарын  кытта  дорооболоһон,  кымньыы  чээйгэ диэри  бадахтаах,  плаһы  эргийэ  хаамтылар.   Көрдөххө,  хам-түм тохтоон  тугу  эрэ  ыйытар, быһаарсар.   Чугаһаатар-чугаһаан,  биһиги  полкабытыгар  кэлиилэригэр  полка  хамандыыра  подполковник  Аров  араапардаан  сөҥ  куолаһа  сатарыйда. Батальоммут  хамандыыра  капитан Ачкалов  чиккэйиэҕинэн  чиккэйэн,  дуоһунаһын,  аатын  эттэ.  Гречко  субу  тиийэн  кэллэ.  Хайдах  эрэ  хапсыгыр  иэдэстэрэ,  илиитин  көхсө  саһарымтыйан  көстөр,  саһарардаабыт  киһи  курдук.  «Ыалдьар  эбит»  диэн  санаа  охсуллан  ааста.  Оттон  барыларыттан  намыһахтара,  адмирал  Горшков  харахтара  кылахачыһан  сытыыларын  сөхпүтүм.  Артиллерия  маршала  Батицкай  түөһүллэн  сүүнэ  киһи  эбит  этэ.  Чэчэгэйдэригэр  бычыгыраабыт көлөһүнүн  кыырпахтара  күн  уотугар  кылабачыһаллара.  Генштаб  начаалынньыга,  аарымыйа  генерала  Епишев  уҥа  илиитин  кыһыл  кылдьыылаах  шинелин  эҥэрин  иһигэр  уктан,  түөһүгэр  тута  сылдьара,  хайдах  эрэ  суос  бэринэр  курдуга.

—  Алтыс  танковай  рота  хамандыыра  лейтенант  Кочурко! – диэн  биһиги  хамандыырбыт  чиккэс  гыммытыгар,  маршал  Гречко: «Как-как,  Коцура?»—украиналыы  тартаран  чопчуласта.  Салгыы  3-с  батальон  хамандыыра,  сэрии  бэтэрээнэ  подполковник  Боев  уордьаннара,  мэтээллэрэ  кылырҕаан  бэйэтин  билиһиннэрбитигэр,  Гречко  илии  тутуһан  баран,  хаһан,  ханна  сэриилэспитин  туоһуласта.

— Бастакы  Украинскай  фроҥҥа  орудие наводчигынан, –    комбат  Боев  чиккэс  гынар.  Маршал  Гречко:

— Дивизияҕа  ханнык  вакантнай  дуоһунас  баарый? – дивизия  хамандыыра генерал Громовтан  ыйытар.

— Дивизия  хамандыырын  строевой  чааска  солбуйааччы  дуоһунаһа  баар,  табаарыс Сэбиэскэй  Сойуус  маршала.

— Эҕэрдэлиибин,  табаарыс  полковник! –  маршал  комбат  подполковник  илиитин  ыга  тутар.

— Сэбиэскэй  Сойууска сулууспалыыбын! –  Боев  эрчимирбит  куолаһа  сатарыйар.  Ити  курдук,  оборона  миниистирэ,  маршал  А.А.Гречко   аҕа  саастаах  сэрии  бэтэрээнин,  батальон  хамандыырын  ааһан  иһэн  дивизия  хамандыырын  бастакы – строевой  чааска  солбуйааччынан  анаан,  полковник  сыбаанньатын  иҥэрэн  муҥура  суох  кыахтааҕын  көрдөрөн,  сөхтөрөн  турар.  Дьиҥинэн,  саамай  аҕа  саастаахтарын,  кырыйда,  сөп  буолла  диэн  бочуоттаах  сынньалаҥҥа  ыытаары,  биэнсийэҕэ  утаараары  сылдьар  кэмнэрэ  этэ.  Аҕыйах  хонугунан  полковник  Боев   барбах  аналлаах  УАЗик  массыынатыгар  тиэрэ  түһэн,  чаастары,  подразделениелары  кэрийэр,  дьаһайар  буолбута.  Биэнсийэҕэ  ыыта  сатаабыт начаалынньыктара  чиккэс  гынан,  чиэс  биэрэ  көрсөллөрө.

Үрдүк  таһымнаах,  ССРС  Оборонатын  министиэристибэтин  Генеральнай  ыстаабын  бэрэбиэркэтин   Волновахатааҕы  160-с  гвардейскай  полка  чиэстээхтик   «туйгун»     сыананан  туттарбыта.  Бойобуой  сэнэрээтинэн  ытарга  эрдэттэн  сүбэлэспиппит: взвод  үс  таанката  үһүөн  тэбис-тэҥҥэ  ытан сыалы  табарга.  Кылаабынайа,  мэхээнньик-водителлэр   биссектрисаҕа – ытар  суолга  көбүс  көнөтүк  тахсан,  биир  тэҥ  түргэнинэн,  наводчик  буусканан  ытыар  диэри  таанканы кыратык  даҕаны  дьигиҥнэппэккэ,  хайбараҥнаппакка  ыытыахтаахтар.  Инньэ  гынан,  үрдүк  сололоох  бэрэбиэркэлээччилэр  сыаллар  биирдэ  тэбис  тэҥҥэ табыллан  дэлби  ыстаммыттарын  астына  көрбүттэрэ. Оттон  танкодромҥа  аналлаах  мэһэйдэри,  буомнары  туорааһыннаах  ыытыыга  хамыыһыйа  чилиэттэрэ  полковниктар,  эдэрчи  генераллар  да  бааллара,  таанка  башнятыгар  хамандыыр  миэстэтигэр   секундомердаах олорсо  сылдьан хонтуруоллаабыттара.  Мэхээнньиктэри   хайҕаабыттара,  иҥэриллибит

1, 2-с  кылаастарын  бигэргэппиттэрэ.

Бу  бэрэбиэркэ  таһымын,  суолтатын,  оруолун  хамандыырдарбыт  бойобуой  наҕараадаларга  түһэриллибиттэрэ  туоһулуур.  Ол  курдук дивизия  хамандыыра  генерал-майор Громов,  полка  хамандыыра  подполковник  Аров Бойобуой  Кыһыл Знамя  уордьаннарынан,  полка  хамандыырын  политическай  чааска  солбуйааччы  подполковник Меркушев,  батальоммут  хамандыыра  капитан  Ачкалов  Кыһыл  Сулус  уордьаннарынан  наҕараадаламмыттара.  Ротабыт  хамандыыра  лейтенант  Кочуркоҕа  болдьоҕун  иннинэ  старшай  лейтенант  сыбаанньата  иҥэриллибитэ.  Биһиги  ротаттан  биэс  саллаакка,  бойобуой-политическай  бэлэмнэнии  туйгуннарыгар  ССРС  оборонатын  миниистирэ  маршал  Гречко  бирикээһинэн  20-лии  сууккалаах  уоппуска  бэриллибитэ.  Инньэ  гынан  1971  сыл  ыам  ыйыгар  дойдубар,  Мэҥэ-Хаҥалас  Ороссолуодатыгар,  уоппускаҕа  кэлэн,  сааскы  куска  бултаан-алтаан,  сынньанан,  46  сыл  устата  олорон  кэлбит  олоҕум  аргыһын,  тапталбын  кытта  билсэн,  доҕордоһуох,  суруйсуох  буолан  арахсыбыппыт.

Мэҥэ-Хаҥалас  оройуонун  оччотооҕу  байыаннай  комиссара,  сэрии  бэтэрээнэ,  танкист  подполковник  Павел  Павлович  Павлов  эдэр киһини,  бэйэтин  курдук  танкиһы  өйөөн  уоппускабын  өссө  10  суукка  уһатан,  биир  ый   дуоһуйа  сынньанан  баран  чааспар  тиийбитим,  үс  ыйдаах  младшай  лейтенаннар  куурустарыгар  үөрэххэ  ыытарга  бирикээс  тахсыбыт  этэ.  Онно  үөрэнэн,   младшай  лейтенант  сыбаанньаламмытым.  Салгыы  сулууспалата  хааллара  сатаабыттара  да,  байыаннай  буолуу мин  аналым  буолбатах  диэн   сөбүлэммэккэ,  сулууспабын  түмүктээн,  дойдубар,  эйэлээх  айар-тутар  олоххо  эргиллибитим.

Мин  бу  быһа  тардан  ахтыыбыттан  аарымыйаҕа  ырай  олоҕо  эбит  диэбит  курдук  өйдөбүл  үөскээн,  үгүстэри   кыньахыан,  ньиэрбинэйдэтиэн  сөп  курдук.  Оннук  буолбатах.  Сэбиэскэй  да  кэмнэргэ  байыаннай  сулууспа,  саллаат  олоҕо  сыанан  аҕаабат  этэ.  Устаабы  кэһии,  токурутуу, охсуһуу-боруоктаһыы,  эдэри,  кыамматы  атаҕастааһын  ханна  барыай.  Аарымыйа  суруллубатах  сокуона  буоллаҕа.  Ордук  90-с  сыллардаах  олох  тутула  урусхалланар,  өй-санаа  быһытталанар  улуу  буккуур  кэмигэр  аата  эрэ  ордон  хаалбыт  аарымыйаҕа  сулууспалааһын  ыар  баттык,  хара  сор  буолбута. Судаарыстыбаннай тутул  баарын  тухары  дойдутун  интэриэһин  көмүскээһин  эр  киһи  иэһэ,  эбээһинэһэ  буолар,  ону  Төрүт  Сокуон  ирдиир.  Онон  бу    мүччүргэннээх,  сэрэхтээх,  ыарахан  иэһи  толорорго  эр  киһи  доруобуйатын  туругунан,  эт-хаан  өттүнэн  сайдыытынан,  өйүнэн-санаатынан,  билиитинэн-көрүүтүнэн  бэлэмнээх  буолуохтаах.  Кимиэхэ  да баһыйтарбакка  тэҥҥэ  анньыһар,  өссө  баһыйар  буоллаҕына,  саллаат  өлөн-охтон   биэрбэт.

   Иван Ксенофонтов-Силиги, суруналыыс,  саппаас  старшай лейтенана.

+1
9
+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: