Төрөппүттэргэ уонна оҕолорго анаан «Тютчевскай каартаны» үлэҕэ киллэрэргэ этии киллэрдилэр
Бу каартанан 4-тэн 14-гэр диэри саастаах оҕолор уонна төрөппүттэр бииргэ туһаныахтарын сөп буолуоҕа. Саҥа бырайыагы олоххо киллэрии идиэйэтин Госдума дьокутааттара туруорсаллар. Бу боппуруоска этиилэрин дьокутааттар РФ Култууратын миниистирэ Ольга Любимоваҕа үөрэтиигэ ыыттылар.
Каарта маннык ааттанара Арассыыйа суруйааччыларын ортолоругар Федор Тютчев тоҕус оҕо аҕата буоларынан бэлиэтэнэр. Оччотугар бырайыак дойду үрдүнэн дьиэ кэргэн сыаннастарын бөҕөргөтүүгэ уонна сайыннарыыга көмөлөһүөҕэ диэн этэллэр Госдума дьокутааттара.
Парламентарийдар бэлиэтээбиттэринэн, билигин 14-тэн 22-гэр диэри саастаах ыччаты өйүүргэ судаарыстыба суотугар «Пушкинскай каарта» бырагыраама 2021 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэлээбитэ. Каарта харчытын тыйаатырдарга, түмэллэргэ, киинэҕэ уонна кэнсиэртэргэ билиэттэри атыылаһарга туһаныахха сөп. Бырагырааманан 9 мөл. тахса ыччат туһаммыт уонна 50 мөл. тахса билиэт атыылаһыллыбыт.
Ол эрээри, оҕолорун кытта бииргэ төрөппүттэр туһанар кыахтара суоҕа «Пушкинскай каарта» бырагыраама улахан итэҕэһинэн ааҕаллар. Итинэн сибээстээн, дьокутааттар бу бырагыраама кыаҕын кэҥэтэргэ эбэтэр итиннэ майгынныыр саҥа бырайыагы оҥорорго этии киллэрэллэр.
Санаттахха, «Пушкинскай каарта» бырагырааманы кэҥэтэр наадалааҕын туһунан дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай мунньахха туһаайан этиитигэр сорудахтаабыта.
Саҥа бырагыраама олоххо киирдэҕинэ, дойдуга олорор бары дьиэ кэргэттэригэр духуобунай, сиэр-майгы өттүнэн сыаннастарын үрдэтиигэ, сөптөөх быһыыны-майгыны сайыннарарга көмөлөһөрө күүтүллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: