Тойбохой түмэлигэр павлин куурусса «оҕоломмут»…

Share

Киһи сөҕө истэр түгэнэ… Сунтаар улууһун Тойбохойдооҕу Георгий Бессонов аатын сүгэр түмэл 2017 сылтан «тыыннаах муннугу» үлэлэтэр.

Билигин бу муннукка  чарапаахы, мурукулар, хомяк, улитка, попугай, холууптар уонна павлиннар бааллар. Түмэлгэ  баар павлиннартан  биирдэстэрэ «кыһыл көмүс» сымыыттан кууруссаны төрөппүт. Хайдах ол?  Дьэ ол маннык:  павлин барахсан сымыытын баттаатаҕын ахсын иччитэ суох буолан иһэллэрин көрөн, үлэһиттэр аһынан, куурусса үс сымыытын укпуттар. Олортон биирдэстэрэ тахсан,  бу павлиҥҥа оҕо буолан улааппыт. Ийэ барахсан бу оҕотун көхсүгэр олордо сылдьан саататара, атыттартан көҥүүрэ, ийэлии истиҥник сыһыаннаһан улаатыннарбыта дьикти. Онтон куурусса барахсан бэйэтин павлин саҕа сананан бэркэ сылдьар.

Бу дьэрэкээн кыыллары Нина Никитина диэн үлэһит көрөр-истэр, кини өссө «Мир животных» диэн куруһуогу үлэлэтэн, оҕолору «тыыннаах муннукк»а чугаһатан үөрэх арааһын ыытар. Оҕолор кыыллары чуо биэс тарбах курдук билэллэр, көрөллөр-харайаллар, кэтээн көрөн чинчийии ыыталлар. Салайааччы Валерий Саввинов түмэл үлэтин биллэ сэргэхситэн, «тыыннаах муннугу» тэрийэн Бессонов саҕанааҕы кэрэ кэми эргитэр үлэни ыытара астык!

Тускулаана Кобельянова-Горохова, Сунтаар

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхолооһун уонна олоҥхоһут

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо института биэс туомнаах Олоҥхо энциклопедиятын бэлэмнээн таһаарыыга үлэтин саҕалаата. Маҥнайгы…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

Амма оҕолоро 12 киилэ хаппаҕы хомуйдулар

Амматааҕы коррекционнай оскуола үөрэнээччилэрэ "Амма айылҕатын харыстыыбыт" аахсыйа иитинэн 12 киилэ хаппаҕы хомуйдулар диэн "Экология…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Түмэллэргэ Дьоруойдар тустарынан

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын ааттарын сүгэр түмэллэр Томпо улууһугар Кириэс Халдьаайыга уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Баатараҕа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ньурбаҕа минньигэс дьөрбөнү үүннэрэр кыыс

Бэйэ дьыалатын тэриниэн баҕалаахтарга социальнай хантараак өҥөтө баар. Бу өҥөнөн туһанан улуустарга, куораттарга дьон бэйэ…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

ВИДЕО: Таатта байыаһа Новокалиновоны штурмалааһын туһунан кэпсээтэ

"Лавина" батальон байыаһа "Якут" диэн позывнойдаах саха уола Новокалиновоны босхолооһуҥҥа кыттыбыт. Кини бу туһунан Семен…

12 часов ago
  • Сонуннар

Наталия Захарова: “Оҕолорбутунан киэн туттар түгэммит үгүс…”

Ил Дархан Айсен Николаев Этиитигэр оҕо дьиэ кэргэн тапталын билэ улаатарын туһугар оҕо ииттэ ылар…

12 часов ago