Салгыы
«Тотальнай дьыктааҥҥа» 240-тэн тахса киһи кытынна

«Тотальнай дьыктааҥҥа» 240-тэн тахса киһи кытынна

22.04.2024, 12:34
Хаартыска: Национальнай бибилэтиэкэ
Бөлөххө киир:

Муус устар 20 күнүгэр «Тотальнай дьыктаан» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа буолан ааста. Саха сирин олохтоохторо көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Хаартыска: Национальнай бибилэтиэкэ.

Дьокуускайга Национальнай бибилэтиэкэҕэ икки былаһаакканан тарҕанан олорон, 60-тан тахса киһи дьыктааны суруйдулар. Онтон өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 17 былаһааккаҕа барыта 240-тэн тахса киһи суруйда.

«Тотальнай дьыктаан» аахсыйаҕа бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков кытынна.

— Быйыл «Тотальнай дьыктаан» аахсыйа ыытыллыбыта 20 сыла буолла. Бу бырайыак үөрэхтээһин эйгэтигэр  дьиҥнээх «феномен» буолла. Нуучча тылын, литературатын таптыыр дьону аан дойду үрдүнэн түмтэ. Бу аахсыйаҕа кыттан, биһиги сыаната биллибэт баайбытыгар: култуурабытыгар, тылбытыгар, үөрэхпитигэр кыттыгастаах, махталлаах буолабыт, — диэн кини эттэ.

Национальнай бибилэтиэкэҕэ суруйааччы Анна Матвеева суруйбут тиэкиһин бэйиэт Ирина Курилюк-Ирэн Дрозд уонна ХИФУ филологическай факультетын преподавателэ Анастасия Алексеева аахтылар. «Тиэкис наһаа ыарахана суох этэ», — диэн Анастасия Алексеева санаатын үллэһиннэ. Быйылгы дьыктаан  «Дорогой дневник» диэн ааттаах тиэкиһэ күннүк жанрыгар сыһыаннаах.

Дьыктаан түмүгүн муус устар 25 күнүн кэннэ  totaldict.ru  саайтка көрүөххэ сөп.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: