«Туймаада ыһыаҕа»: «Ыһыах сандалыта» бэстибээлгэ ыҥыраллар

Share

Бэс ыйын 29 күнүгэр «Туймаада ыһыаҕын» кэмигэр Үс Хатыҥҥа «Ыһыах сандалыта» саха национальнай аһын-үөлүн бэстибээлэ ыытыллыаҕа.

Быйыл тэрийээччилэр ыалдьыттарга анаан элбэх интэриэһинэй тэрээһиннэри, куонкурустары, маастар-кылаастары, шеф-повардар билиһиннэрии бырагыраамаларын бэлэмнээтилэр. Дьокуускайдааҕы мэрия иһитиннэрэринэн, бэстибээл алгыс сиэрин-туомун ыытыытыттан саҕаланыаҕа, ол кэннэ ыалдьыттары саха чэй сиэрин-туомун тэрээһинигэр күүтүөхтэрэ.

Гастро-бэстибээл «Сандалы»  түһүлгэҕэ атыы-эргиэн былаһааккатыгар ыытыллыаҕа. Ыһыах бастакы  күнүгэр, бэс ыйын 29 күнүгэр, бэстибээл ыалдьыттара «Көмүс хатырык» собону ыраастааһын,  «Ытыйардаах мааны» күөрчэҕи астыыр, «Остуол туйгуна» ыйыллыбыт бириэмэҕэ сахалыы баахыланы сииргэ күрэхтэһиилэри көрүөхтэрэ.

 «Көмүс хатырык» күрэххэ 10 мүнүүтэ устата кыттааччы 3 собону ыраастыҕа. Дьүүллүүр сүбэ балык ыраастаммыт хаачыстыбатын уонна бириэмэтин сыаналыаҕа. Куонкурус түмүгүнэн кылаан кыайыылааҕы уонна «Саамай түргэнник ыраастааһын», «Ураты тиэхиньикэни туһаныы» номинациялар хаһаайыттарын быһаарыахтара. Хас биирдии кыттааччыга собону ыраастыырга иһит, быһах, бэрчээкки бэриллэр.

«Ытыйардаах мааны» күрэххэ 10 мүнүүтэ устата кыттааччылар күөрчэх ытыйыахтара. Дьүүллүүр сүбэ бириэмэтин, амтанын уонна хаачыстыбататын сыаналыаҕа. Кыттааччыларга кытыйа, сүөгэй, отон уонна ытык бэриллэр.

«Остуол туйгуна» күрэххэ кыттааччылар 3 мүнүүтэ иһигэр саха баахылатын төһө кыалларынан элбэҕи сииргэ күөн көрсүөхтэрэ. Куонкурус түмүгэр биир кылаан кыайыылааҕы быһаарыахтара. Кыттааччылары баахыланан уонна уунан хааччыйыахтара.

«Ыһыах сандалыта» бэстибээл сүрүн чаҕылхай тэрээһининэн «Республика» саха аһын ресторан шеф-повара Герман Усов маастар-кылааһа  уонна «Атласовтар уһаайбалара» ресторан шеф-поварын  Николай Атласов сылгы этин кутаа уокка буһарыыта буолуоҕа. Бэстибээл ыалдьыттарын саха мааныылаах  алаадьытынан уонна буотарах миининэн күндүлүөхтэрэ.

Гастро-бэстибээли Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын Урбаан, атыы-эргиэн ырыынага уонна туризмы сайыннарыы департамена, ресторатордар уонна Саха сирин ыалдьытымсах Ассоциацията тэрийэллэр.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Быйыл икки аэропорду саҥардан оҥоруохтара

2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев…

5 часов ago