Туймаада ыһыаҕын күннэригэр сөрүүн буолуоҕа

Share

Дьокуускайга уонна киин улуустарга Туймаада ыһыаҕын күнүгэр, бэс ыйын 29-30 күннэригэр, сөрүүн буолуоҕа. Гидрометеокиин салайааччыта Татьяна Маршалик халлааммыт кэлэр нэдиэлэттэн биирдэ кыралаан сылыйарын туһунан иһитиннэрдэ.

“Бу нэдиэлэ бастакы күннэригэр өрөспүүбүлүкэ киин улуустарыгар бүтэһик итии күннэр турбуттара. Бэс ыйын 26 күнүттэн саҕалаан халлаан сөрүүкүө, быһа холоон, +25 кыраадыс курдук буолуо. Күнүһүн кыралаан ардыаҕа, былыттаах буолуоҕа. Сөрүүн салгын Хотугу Муустаах байҕал диэкиттэн кэлбитинэн кэлэр күннэргэ күнүскү өттүгэр +15…+20С кыраадыс буолара күүтүллэр. Онон, Туймаада ыһыаҕын кэмигэр биллэ сөрүүкүө”, – диэн Татьяна Маршалик кэпсиир.

“Тымныы салгын балаһата Дьааҥы хайаларын туораан, илин эҥээр улуустарынан Лаамы байҕалыгар тиийиэҕэ. Ол киин улуустары эмиэ хабыаҕа. Кэлэр нэдиэлэттэн халлаан кыралаан сылыйан, +28С кыраадыска диэри тиийиэҕэ”, – диир Татьяна Маршалик.

Халлаан биллэ сөрүүкүүрүнэн сибээстээн, Туймаада ыһыаҕар хойукка диэри сылдьааччылар эрдэтинэ сылаастык таҥнан сылдьарга барытын хааччынарга сүбэлииллэр.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

7 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

9 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

9 часов ago