Салгыы
Туризм эйгэтигэр 67 мөлүйүөннээх граннары түҥэтиэхтэрэ

Туризм эйгэтигэр 67 мөлүйүөннээх граннары түҥэтиэхтэрэ

28.12.2022, 17:30
Бөлөххө киир:

2023 сылга урбаан, эргиэн уонна туризм министиэристибэтэ туризм эйгэтигэр 20 урбаанньыты өйүүргэ куонкурус ыытыаҕа. Онон туризм эйгэтигэр грант көмөтүн суумата 67 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Ол туһунан эргиэн, урбаан, туризм миниистирэ Тимур Ханды иһитиннэрдэ.

2022 сыл атырдьах ыйыгар Саха сирэ «Туризм и индустрия гостеприимства» национальнай бырайыак хайысхатынан ыытыллыбыт федеральнай куонкуруска кыайбыта. Онон 67 мөлүйүөн солкуобай кэлиэхтээх. Кулун тутар ыйга куонкурус биллэрэн, кыайыылаахтарга харчылара туристическай сезон арыллыытын көрсө ыам ыйыгар түһүөҕэ, — диэн миниистир эттэ.

Саха сиригэр 28 туроператор үлэлиир, кинилэр 243 бородууксуйаны оҥороллор. 2021 сыл түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 249 гостиница, ыалдьыт түһэр дьиэлэрэ үлэлииллэр. Туроператордар олохтоохторго уонна ыалдьыттарга 362 култуурунай-историческай уонна айылҕа ураты эбийиэктэрин көрдөрөллөр. 2022 сыл тохсунньу-сэтинньи ыйдарыгар туризм эйгэтигэр оҥоһуллубут өҥө уопсай суумата 1,5 миллиард солкуобайга тэҥнэспит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 апреля
  • 9°C
  • Ощущается: 7°Влажность: 49% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: