Саха сиригэр бэс ыйын 8-13 күннэригэр сылаас күннэр туруохтара, кэккэ улуустарынан быстах ардах түһэрэ күүтүллэр. Субуотаҕа уонна бэнидиэнньиккэ күүстээх магнитнай буурҕалар түһүөхтэрэ. Норуот синоптига Тарас Тарасов — Тускул бу күннэргэ сэрэхтээх буоларга уонна уһун айантан туттунарга ыҥырар.
Өлүөнэ өрүс уҥуоргу улуустарга сотору кэминэн салгын температурата +20, +25 кыраадыска тиийэ үрдүө, оттон түүн +8, +9 С кыраадыс буолуо. Өрөбүллэргэ быстах ардах түһэрэ күүтүллэр. Сэрэдэҕэ уонна чэппиэргэ күнүс салгын температурата +16, +17 С кыраадыска тиийиэҕэ.
Киин бөлөх улуустарга түүнүн + 14, +15С, оттон күнүс +24, +28 С диэри сылыйыа, чэппиэргэ түүн +8, +9С, күнүс +19, +22С кыраадыс сылаас. Оптуорунньукка уонна сэрэдэҕэ күүстээх ардах түһүөн сөп.
Бүлүү бөлөх улуустарыгар күнүс +27, +28С кыраадыс, түүн +13, +14 С буолуоҕа. Сэрэдэҕэ-чэппиэргэ +11, +12 С, оттон күнүс +22, +26С тиийиэ сылыйыа. Бу өрөбүлгэ уонна сэрэдэҕэ ардах түһэрэ күүтүллэр.
Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга күнүс +24, +25 С, түүн +8, +10 С кыраадыс. Оптуорунньукка уонна сэрэдэҕэ ардахтыа. Сэрэдэ уонна чэппиэр күн күнүс +21, +25 С, түүн +10, +13 С кыраадыс буолуоҕа.
Өймөкөөн улууһугар сөрүүн, салгын температурата түүн +3, +5 С, күнүс +18, +19 С. Сэрэдэҕэ уонна чэппиэргэ түүн +2, +3 С уонна күнүс +17, +18 С кыраадыс буолуоҕа. Субуотаҕа уонна өрөбүл күн ардахтыа, ону тэҥэ бэнидиэнньиккэ уонна сэрэдэҕэ быстах ардах түһэрэ сабаҕаланар.
Дьааҥы бөлөх улуустарга салгын температурата түүн +6, +14 С уонна күнүс +22, +23С буолара күүтүллэр. Сэрэдэ уонна чэппиэр күн түүн +10, +11 С, күнүс +17, +24С кыраадыс буолара билгэлэнэр. Оптуорунньукка күүстэх ардах түһүөҕэ.
Халыма-Индигиир бөлөх улуустарыгар субуотаҕа уонна өрөбүлгэ түүн +4, +8 С, оттон күнүс + 14, +17 С тиийиэҕэ. Сэрэдэҕэ уонна чэппиэргэ салгын температурата түүн +9, +11 С уонна күнүс +20, +22 С кыраадыс буолара сылыктанар.
Саха сиригэр арҕаа өттүгэр уонна Арктика улуустарыгар ордук тымныы күннэр туруохтара: сүрүннээн манна салгын температурата +2, +3 С кыраадыс туруоҕа. Бэнидиэнньиктэн салгын температура 0 С кыраадыска диэри түһүөҕэ. Сэрэдэ уонна чэппиэр диэки салгын температурата арыый да сылыйыа — түүн +1, +2 С уонна күнүс +4, +6 С кыраадыс буолуохтаах.
Бэс ыйын 8-13 күннэригэр магнитнай буурҕалар түһэллэрэ күүтүллэр. Субуотаҕа уонна бэнидиэнньиккэ 4 бааллаах, онтон атын күннэргэ 2 бааллаах магнитнай буурҕалар буолуохтара.
Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…
Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"] Түмсүүнү оҕо…
Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…
Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…
Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…
Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…