Салгыы
Түмэллэргэ сылдьан сэргэхсийдилэр

Түмэллэргэ сылдьан сэргэхсийдилэр

Ааптар:
13.10.2022, 18:35
Бөлөххө киир:

Былыр-былыргыттан  сахаларга алтынньы ыйга,  күһүҥҥү кэм кыһыҥҥылыын көрсүһүөн иннинээҕи быыһык кэмҥэ  сайылыктан киирэн, отордоон бүтэн,  сааһыланан-наарданан кыстыкка үктэнэр кэмнэрэ.

Дьэ,  бу маннык күннэргэ илин-арҕаа көрүөлээн,  кэлэр-барар кэмнэрэ. Онтон билиҥҥи кэм хардыытынан хомуур үлэтэ бүтэн, хаһаас ас ууруллан, сүрүн үлэ бүппүт күннэриттэн биирдэстэригэр, алтынньы 7 күнүгэр,  Хатаспыт аҕам саастаахтара мустан,  Дьокуускайга киирэн урукку кэми санатар, көрдөрөр, кэпсиир “Ретро” диэн аатырар түмэлгэ сырыттылар. Дьэ,  баараҕай,  киэҥ уораҕайга сынньана-сынньана,  испиискэттэн саҕалаан “Урал” массыынаҕа тиийэ күн талбыт мала-сала, таҥаһа-саба дэлэччи тэлгэнэн турарын сүрэх өрүкүйэ, дууһа сылаанньыйа көрүү-истии буолла. Истии диэн мээнэҕэ эппэтим – сылдьарбыт тухары чаас аҥаардыыта тыаһыыр “Союз” грампластинка диэн тэрилтэ таһаарбыт пластинкаларыттан Лев Лещенко, “Верасы”  вокальнай-инструментальнай ансаамбыл, София Ротару уо.д.а. ырыалара дьиэрэйэр. Саамай кэрэхсэбиллээҕэ, киһи сэргиирэ бүгүн биһигини кытта бииргэ буолбут эдьиийдии-балыстыы Вера Ильинична Иванова, Надежда Ильинична Пестрякова аҕалара Илья Афанасьев илиитин сылааһын иҥэриммит, сатабылын биэрбит дьиэ миэбэллэрин көрдүбүт.

Ол туһунан Вера Ильинична маннык кэпсиир:

‘Алта саастаахпар аҕам эдьиийэ Татьяна көрдөһүүтүнэн ити хомуоту оҥорбута. Кыһыны быһа олоро түстэ да быһаҕынан кыһара. Кып-кыра,  ытыс иһигэр тутар устуруустааҕа, онон туттар этэ. Онно биһиги дьиэбит суох буолан,  оскуолаҕа олорор этибит. Дьонум үлэлииллэрэ,  аҕам оһох оттооччу, ийэм остуорас этилэр. Кыһыны быһа бэлэмнээн баран,  саас аҕыйах хонук иһинэн хомуйан кэбиспитэ. Өссө таһынан ыскаап курдук ааннаабыта,  ону мин көрөн баран:  «Итииргээбэт дуо?  диэммин,  дьонум хойукка диэри күлэллэрэ. Биллибэт гына ол ааны ылбыта. Ити мусуой  аһыллыбытыгар куораттааҕы сиэннэрэ бэлэхтээбиттэрэ. Хаартыскатын ыыппыттара, онно мин үөрбүтүм аҕай. Бүгүн онтубун өссө көрөн балтыбынаан Надялыын үөрдүбүт. Ол кэнниттэн эдьиийбэр эмиэ быһаҕынан кыһан,  аана ойуулаах ыскаап оҥорбута. Биһиги элбэх этибит, аны  дьиэбит кыараҕас. Ол эрээри,  биир да мас сыыһа, көөбүлэ ыһылла сытарын өйдөөбөппүн. Оннук курдук кини уурбут-туппут туттунуулаах,  бэрээдэктээх буолара. Ол ыскаап билигин  кини сыдьааннарын  даачаларыгар турар,  хос сиэннэрэ  тутталлар үһү.. Онтон биһиги үөрэбит эрэ»

Биһиги кэпсээни истибиттэр, көрбүттэр бары долгуйдубут. Салгыы атын түмэлгэ бараары туран,  уруккуну санатар буфекка үссэннибит. Оччолордооҕу дэлэй кэм бэрэскитин курдук толору эттээх, чэрдээх улахан ытыс саҕа бэрэскини мотуйдубут, итии үүттээх чэй истибит. Ол олорон,  ил-эйэ тыыннаах 15 өрөспүүбүлүкэ буолан,  чахчы да ньиргиччи, кыахтаахтык олорбут эбиппитин санаатыбыт. Тоҕо да киһи киһини атаҕастыыра, баттыыра билигин да баара сиикэй баас курдук тахсыталаан кэлэн,  бу бүгүҥҥү балаһыанньа курдук буолан кэлэрин сөхтүбүт.  Мобилизацияламмыт дьоммутугар үтүөнү, этэҥҥэ буолууну баҕардыбыт.

Ем.Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ тиийэн үһүс этээстэн саҕалаан,  сыыйа аллараа түстүбүт. Манна хаамары ыарырҕатар дьоҥҥо түһэрэр, таһаарар анал тэрил баара үгүспүтүн үөртэ. Эдьигээн улууһун 390 сылыгар анаммыт экспозицияҕа сылдьан,  улуу Роман Дмитриев 1972 сыллаахха аан дойдуга саха диэн омук баарын биллэрэн  ылбыт олимпийскай кыһыл көмүс мэтээлин киэн тутта көрдүбүт. Омук быһыытынан уратыбытын, аан дойдуну, орто дойду олоҕун хайдах ылынан, олох-дьаһах дьаһанан олорбуппутун кэпсиир анал муннуктарга тохтоон,  урукку өттүгэр билэр да буолларбыт хайдах эрэ саҥалыы атыннык ылынныбыт.

Ойуунтан да үрдүктүк сыаналанар уустарбыт туһунан тыл-өс сиэдэрэйинэн, өй-санаа өркөнүнэн ойууламмыт олоҥхолортон быһа тардыллан суруллан турарын дорҕоонноохтук ааҕан долоҕойбутугар киллэрдибит. Манна уус тимири хайдах, хантан ылара көстөрө өссө тиийимтиэ буолла. Улуу дьоммутугар саҥата суох  туран сүгүрүйүүбүтүн биллэрдибит.

Бу айаны, сырыыны тэрийбит Хатас нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатыгар (баһылык Пермяков Е.П, исписэлиис Игнатьева Н.И.), оптуобустаах тэрилтэ салайааччыта Шараборин Е.Ю махталбыт улахан. Аныгыскы сырыыга  Дьокуускай куораппыт бөдөҥ тутууларын, өйдөбүнньүк пааматынньыктарын кэрийэр маршрут оҥоруох буолан тарҕастыбыт уонна бу дьиксиннэриилээх кэмҥэ бииргэ буоламмыт,  биир күһүҥҥү күнү күттүөннээхтик атаарбыппытыттан үөрдүбүт. Бүгүн сэрии икки бэтэрээнэ, Чурапчы көһөрүүтүн биир кыттыылааҕа,  доруобуйатынан хааччахтаах 4 киһи, ону тэҥэ үлэ бэтэрээннэрэ буолан сырыттыбыт. Бу иннинэ  Хатаспыт иһинэн оптуобуһунан күүлэйдэппиппит, мусуойбутугар анал быыстапкаҕа сылдьыбыттара, итии үүттээх чэйдээх сэһэргэһии буолбута.

Наталья РУФОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: