Учаастактар быыбардааччылары көрсөргө бэлэмнэр
Сарсын дойду сүрүн быыбара – Арассыыйа Бэрэсидьиэнин талыы үс күннээх быыбара саҕаланыа. Билигин быыбары тэрийиигэ бэлэмнэнии үгэнэ, сарсын сарсыарда лоп-курдук 8.00 ч. быыбардыыр учаастактар үлэлэрин саҕалыахтара.
Бүгүн территориальнай быыбардыыр хамыыһыйалар хайдах бэлэмнээхтэрин туһунан СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйаҕа номнуо отчуоттаан эрэллэр. Ол курдук, Ленскэй куоратын 226 №-дээх быыбардыыр учаастага дьон куоластыырыгар анаан «Сэргэ» эбии үөрэхтээһин киинин бэлэмнээтэ.
Нэһилиэнньэ куоластыыр сирэ туох баар ирдэбилгэ сөп түбэһиннэрэн оҥоһулунна диэн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата иһитиннэрэр.
Быыбардыы кэлээччилэр настарыанньаларын көтөҕөр курдук «Сэргэ» эбии үөрэхтээһин киинин иитиллээччилэрин «Я рисую выборы» уонна СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата ыыппыт «Мой выбор» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһугар киирбит үлэлэр быыстапкалара туруорулунна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: