Учуутал, педагог, уһуйааччы баар буолан биһиги инникигэ эрэллээхпит
Үөрэх дьыла түмүктэнэн үгүс учууталлар, педагогтар сынньалаҥҥа бардылар. Бу ааспыт үөрэх дьыла элбэх ситиһиилээх, үөрүүлээх түгэннэри бэлэхтээтэ. Ол курдук үһүс сылын «РНГ» аахсыйалаах уопсастыба 100 тыһ. солкуобайдаах анал бириэмийэнэн 100 үөрэх ситимин үлэһиттэригэр биэрэн турар. Олортон биирдэстэринэн, уһулуччу талааннаах педагогунан Протопопова Ольга Федоровна буолар. Кини Уус Алдан улууһун И.Д.Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатыгар эбии үөрэхтээһин педагогунан үлэлиир.
Ольга Протопопова туһунан сырдатаары анаан-минээн кэпсэттибит.
— Ольга Федоровна, хантан хааннаах кимтэн кииннээх буолаҕын? Бэйэн тускунан кэпсээ эрэ.
— Мин Уус Алдан оройуонугар уутуйан үөскээбит улуу дьоннордоох Дүпсүн нэһилиэгэр 1969 сыллаахха олунньу 16 күнүгэр күн сирин көрбүтүм. Сиэстэрэ идэлээх ийэм Мария Николаевна, аҕам тутуу маастара этэ. Бииргэ төрөөбүт бэһиэбит, онтон түөрт оҕо педагог идэтин баһылаабыппыт.
1976 сыллаахха үөрэх бастакы наркома И.Н.Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатын боруогун атыллаабытым, 1986 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитим. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбэр кылаас ыстаарастата, космонавтика түмэлин экскурсовода, оскуола хайыһарга, волейболга, туризмҥа хамаандатын чилиэнэ этим. Бастыҥ турист буолан 1984 сыллаахха “Артек” лааҕырга сынньанар путевканан бэлиэтэммитим. Биэс сыл устата үөрэнэн музыкальнай баян кылааһын бүтэрбитим.
1987 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа үөрэнэн, алын кылаас учууталын идэтин баһылаабытым. 1989 сылтан үөрэммит оскуолабар 35-с сылбын үлэлиибин. Училищеҕа үөрэнэр сылларбар духовой оркестр ансаамбылыгар сылдьыбытым, баян партиятын толорор этим.
Учууталлыыр сылларбар эрэгийиэннээҕи “Сыл бастыҥ учуутала-1993” күрэскэ кыттан “Эдэр кэскиллээх учуутал” анал аатынан бэлиэтэммитим. 1997 сыллаахха Бэрэсидьиэн гранын ылары ситиспитим. 2010 сыллаахха, Учуутал сылыгар улуус күрэҕэр “Бастыҥ кылаас салайааччыта» анал ааты ылан педагогика билимин дуоктара И.С.Портнягин анал истипиэндьийэтинэн наҕараадаламытым.
2011-2012 үөрэх дьылыгар дириэктэри иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччынан анаммытым. Оскуола иһинэн үлэлиир түмэллэри салайбытым, эбии үөрэхтээһин педагогтарын кытта үлэлэспитим. 2013 сылтан Космонавтика уонна авиация түмэлин куруһуогун салайааччытынан үлэбин салҕаабытым, онтон 2018 сылтан эбии үөрэхтээһин педагогунан ананан үлэлиибин.
— Эбии үөрэхтээһин туһунан сиһилии кэпсиэҥ дуо? Эбии үөрэхтээһин педогага эн санааҕар хайдах буолуохтааҕый?
— Эбии үөрэхтээһин педагога диэн, мин санаабар, бэйэтин идэтигэр бэриниилээх, оҕо талаанын-дьоҕурун, тус уратытын таба көрөр, ону сайыннарар киһи буолар. Эбии үөрэхтэһин педагогтара оҕоҕо наһаа чугастар. Кинилэр үөрэтэр ньымалара олох туспа, ураты буолар. Хас биирдии дьарыкка оҕону интэриэһиргэтэр туох эрэ «изюминкалаах» буоларын ситиһэллэр.
— Бэйэн ханнык куруһуогу ыытаҕын?
— «Полет» диэн космонавтика уонна авиация хайысхалаах тиэхэньиичэскэй куруһуок, ону таһынан, экскурсоводтары бэлэмниир аналлаах, онон гуманитарнай, социальнай-педагогическай хайысхалар эмиэ барсаллар. Оҕолор интэриэстэрэ үрдүк, дьон ортотугар саҥара-иҥэрэ, тутта-хапта үөрэнэллэр. Элбэх араас экскурсиялары ыыталлар. Үлэм уопутун көрдөрөр сыалтан 2023 сыллаахха улуустааҕы түһүмэххэ кыайан, «Сердце отдаю детям» өрөспүүбүлүкэ күрэһигэр кыттыбыппын олоҕум биир умнуллубат түгэнинэн ааҕабын.
— Бу «РНГ» аахсыйалаах уопсастыба анал бириэмийэтин күрэһигэр кыттар хайдах эбитий?
— Быйылгы үөрэх дьылыгар Үүнэр көлүөнэ пуондата, “РНГ” АУо спонсордаах куонкуруска кыттыбыппынан киэн туттабын. Өр сыллаах үлэм сыаналанна дии саныыбын. Үлэм биир тиһиктээх буолан, кыттарбар чэпчэки этэ, портфолио оҥосторбор үлэм көрдөрүүтэ, ситиһиилэрэ баар буолан ыарырҕаппатаҕым. Саха Өрөпүүбүлүкэтин Ил Дархана, Үөрэххэ уонна билимҥэ министиэристибэтэ, «Юные якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи киин көҕүлээһиннэринэн ыытыллар учууталлары, эбии үөрэхтэһин педагогтарын өйүүр соруктаах күрэстэр ыытыллаллара наһаа хайҕаллаах. Манан биһиги өрөспүүбүлүкэбит үөрэххэ, билимҥэ, сайдыыга улахан болҕомтотун уурар диэн астына бэлиэтиибин. Күрэһи ыыппыт үөрэхпит министиэристибэтигэр улахан махталбын тириэрдэбин.
Кырдьык өр сыл үлэлээбит, олохторун тухары оҕону сайыннарарга, иитэргэ анаан үлэлии-хамсыы сылдьар үөрэх ситимин үлэһиттэригэр муҥура суох махтанабыт. Учуутал, педагог, уһуйааччы баар буолан биһиги инникигэ эрэллээхпит. Кинилэр кыра эрдэхпититтэн олохпутун сырдатан, арыаллаан киһи буоларга үөрэтэллэрэ үрдүктүк сыаналаныахтаах.
Туйаара ПРОКОПЬЕВА, «Юные якутяне» медиа-киин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: