Уһуйааҥҥа Коксаки вируһунан ыалдьыы бигэргэммэтэ
Дьокуускайга 21 №-дээх уһуйааҥҥа биир оҕоҕо Коксаки вируһа баар диэн сэрэхэчийэннэр, санитарнай күнү киллэрдилэр. «Роспотребнадзор» Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрбитинэн, бу ыарыы бигэргэммэтэх. Оҕоҕо оһоҕос инфекциятын булбуттар.
Бу ыалдьыбыт оҕо сылдьар бөлөҕөр быстах кэмҥэ, биир нэдиэлэ устата саҥа оҕолору ылары боппуттар. Харантыын биллэриллибэтэх.
Поликлиникаҕа бу оҕоҕо Коксаки вируһа баар быһыылаах диэн сабаҕалаабыттар, ол эрээри, анаалыс түмүгүнэн, бу диагноз бигэргэммэтэ. Анаалыс түмүгүнэн, оҕоҕо оһоҕос инфекцията, чуолаан, норовирус баара билиннэ.
Бу иннинэ Саха сиригэр Коксаки вируһунан ыалдьыы түгэннэрэ тахсыбыттара. Бу вируһунан ыалдьыы чопчу сибикилэрэ суох. Киһи ыалдьыбыт сибикилэрэ бастаан араас буолуохтарын сөп. Билигин үксүн кыраадыс күүскэ үрдүүрүнэн уонна тириигэ ымынах тахсарынан бу вирус буолуо диэн сибикилииллэр. Ол эрээри, чопчу диагноһы анаалыс түмүгэ эрэ быһаарар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: