Улахан Чыыстай түмэлигэр (видео)
1978 сыллаахха Муомаҕа Улахан Чыыстай аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэх дьыла саҕаланыытыгар, устуоруйа кэбиниэтигэр нэһилиэк устуоруйатын кэпсиир, сырдатар муннук тэриллибит. Бу муннугу кыраайы үөрэтээччи, устуоруйа учуутала Александр Михайлович Дегтярев тэрийбит.
Кэлин эспэнээт, матырыйаал элбээн, “Искра” сопхуос дириэктэрэ Н.И.Слепцов, нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ю.С.Березкин быһаарыы таһаараннар, хомуллубут матырыйааллар уонна эспэнээттэр кулуупка көһөрүллүбүттэр. Мал-сал элбээн, билигин эспэнээт ахсаана 1258-ка тиийэн турар.
Бүгүн болҕомтону тардар ураты маллар тустарынан түмэл дириэктэрэ Вера Баишева кэпсиир.
Мас халандаар
Вера Александровна кэпсииринэн, эбээннэр халандаары урут сүрүннээн таба муоһуттан эбэтэр мастан кыһан оҥороллор эбит. Бу көрөр мас халандаарбытыгар сорох күннэр үрдүлэригэр кыһан бэлиэтээһиннэр бааллар. Тоҕо итинник бэлиэтииллэр эбитий?
Бэбэ
– Бэбэ – биһик. Эбээн дьонун сүрүн дьарыга таба иитиитэ буолан, “көс олохтоох дьон” диэн ааттыыллар. Сыл устата табаларын үүрэн ыраах сиринэн мэччитэллэр. Бу сындалҕаннаах уһун айаҥҥа кыра оҕону бэбэҕэ сытыараллар уонна аара ханна да түспэтин диэн таба сыарҕатыгар баайан кэбиһэллэр. Бэбэни маһынан эбэтэр талаҕынан оҥороллор, таба эбэтэр чубуку сарыытынан бүрүйэллэр. Түмэлбитигэр баар бу хаартыскаҕа көрөр бэбэҕит (биһиккит) XX үйэ саҕаланыыта оҥоһуллубут. Бу бэбэни Слепцовтар дьиэ кэргэн ыстаадаҕа илдьэ сылдьыбыттар. 1978 сыллаахха Анна Васильевна кыыһа Дария Ивановна кэнчээри ыччат биллин-көрдүн диэн бэлэхтээбит.
Нечэ
– Нечэ (эбээн тылыттан “дьол тааһа” диэн). Бу айылҕаҕа олус сэдэхтик көстөр таас. Эбээн норуотун итэҕэлинэн “дьол тааһын” булбут киһи уһун үйэлээх, дьоллоох киһи буолар. Бу “дьол тааһа” көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр.
Дьол тааһын удьуор табаһыт Егор Григорьевич Слепцов 1930-с сылларга булбут. Сирэ-уота биллибэт. Түмэлгэ 1980 сыллаахха бэлэхтээбит.
Найми
– Найми (сарыы сону эбээннии итинник ааттыыллар). XX үйэ саҕаланыытыгар хаачыстыбалаахтык таҥастаммыт сарыыттан тигиллибит, эбээн дьахтара сайын бырааһынньыкка киэргэнэн кэтэр. Бу сону 1930 сыллаахха уран тарбахтаах иистэнньэҥ Анна Васильевна Слепцова сороҕун иҥиир сабынан, сороҕун иистэнэр сабынан тикпит. Биэс уонча сыл буолан баран, кыыһа Дария Ивановна түмэлгэ дьон-сэргэ, эдэр ыччат көрө сылдьарыгар анаан бэлэхтээбит.
Бу сарыы сон тииҥ, кырынаас, киис тириитинэн уонна таба, тайах бытыгын түүтүнэн киэргэтиллибит, хара уонна кыһыл таҥаһынан хаймыыламмыт. Бу сон 2009 сыллаахха ЮНЕСКО каталогар киллэриллибитэ.
Ньурун
– Ньурун, ол эбэтэр – тайах мас. Эбээннии ньурун дэнэр. Бу ХХ үйэ саҥатыгар Ылдьаа Уус таптайан оҥорбут тайах маһа. Сүрүн чааһа тимиртэн турар, быыһа алтанынан кутуллубут. Бу эбээн дьахтарын уучахха миинэр тайах маһа.
Бу тайах маһы Евдокия Григорьевна Громова ааттаах-суоллаах улахан ууска анаан оҥорторбут. Сиэнэ Василий Викторович Соловьев түмэлбитигэр 1988 сыллаахха кэлин дьон сэргии көрүө диэн бэлэх ууммут.
Бу уучахха тирэх оҥостор тайах мастара. Маны сэргэ, кырдьаҕас эмээхситтэр тордоххо, кэлин балааккаҕа олорон чаанньыктарын, иһиттэрин-хомуостарын бэйэлэрин диэки тардан чугаһаталларыгар эмиэ тутталлар.
Түмэл устуоруйатыттан
РФ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бэтэрээнэ, СӨ үтүөлээх учуутала, РФ Географическай уопсастыбатын чилиэнэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Муома оройуонун уонна Улахан Чыыстай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи, энтузиаст Александр Михайлович Дегтярев үлэтин кэҥэтэн, сайыннаран 1980 сыллаахха түмэли төрүттээбит. Билигин 1957 сыллаахха тутуллубут кулууп дьиэтигэр үлэлии турар.
Оттон 1991 сыллаахха эбээн норуотун түмэлэ аата иҥэриллибитэ. 2014 сылтан А.М.Дегтярев аатын сүгэр. Түмэл 11 хайысхалаах (отдел), 2 үлэһиттээх. Дириэктэринэн үрдүк таһаарыылаахтык 1980–2018 сылларга СӨ култууратын туйгуна, СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, Муома оройуонун уонна Улахан Чыыстай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Розалия Гаврильевна Дегтярева үлэлээбитэ.
1988 сыллаахха СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев Улахан Чыыстайга кэлэ сылдьан «Дорогие друзья, любите, изучайте историю и культуру своего народа. Мы обязательно возродимся!» диэн түмэлгэ сурук хаалларбыта. 2002 сыллаахха СӨ Бэрэсидьиэнэ В.А.Штыров «Я был во многих музеях республики, но музей с таким национальным колоритом, видел впервые» диэн суруйан турар.
А.М.Дегтярев аатынан Улахан Чыыстайдааҕы эбээн норуотун устуоруйатын уонна култууратын түмэлэ 2007 сыллаахха Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар департаменнарын Гранын, 2009 уонна 2015 сылларга СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранын ылбыта. 2020 сыллаахха “Малая Родина” Арассыыйа куонкуруһун финалиһа, Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Һээдьэ” II бэстибээлин дипломана, 2022 сыллаахха “Тыа сирин бастыҥ түмэлэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус кыайыылааҕа. 2009 сыллаахха түмэл эриэккэс эспэнээттэрэ ЮНЕСКО каталогар киирбиттэрэ.
Балаһаны бэлэмнээтилэр Сардаана Баснаева, Вера Баишева, хаартыскаларга түһэрдэ, видеоҕа уһулла Н.С.Тарабукин аатынан Улахан Чыыстай орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ, «Эдэр экскурсовод» куруһуок чилиэнэ Кирилл Баишев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: