Уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр үрдүк бэлэмнээхтэр
Политолог, бэлитиичэскэй коммуникациялар ааҕыныстыбаларын сүрүннүүр эспиэрэ Александр Андони уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр үлэлэрэ көдьүүстээҕин бэлиэтээн этэр.
— Быыбарга уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр баар буолуохтарыттан Уопсастыбаннай балаата кэтээн көрөөччүлэри бэлэмниир систиэмэтин оҥордо. Уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр ааспыт быыбардарга үлэлэрин уопута кэһиилэр ахсааннара аҕыйыырын мэктиэлиир. Уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр ыстааптара Уһук Илиҥҥи Федеральнай уокурук бары субъектарыгар баар, -диэн иһитиннэрдэ политолог.
Уһук Илиҥҥэ кэтээн көрөөччүлэр бэлэмнэниилэрин таһыма дойдуга саамай үрдүк көрдөрүүлээхтэр. Бу туһунан Саха сирин Уопсастыбаннай балаататын чилиэнэ Наталья Кашперская бигэргэтэр.
«Саха сиригэр быыбар хаамыытын уопсастыбаннай кэтээн көрүүтэ үрдүк таһымнаахтык тэриллибит. Быыбардыыр учаастактарга үлэлиир бары кэтээн көрөөччүлэр анал бэлэмнэниини ааспыттара. Кылаабынайа, бу дьон Арассыыйа дьиҥнээх патриоттара. Өрөспүүбүлүкэҕэ быыбар чиэһинэйдик баралларын мэктиэлииллэр», — диэн «Мой бизнес» киин дириэктэрин солбуйааччы Наталья Кашперская этэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: