Уопсастыбанньыктар анал байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр суорума суолламмыт уонна эчэйбит байыастар дьоннорун кытары көрүстүлэр

Share

Уопсастыбанньыктар анал байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр суорума суолламмыт уонна эчэйбит байыастар дьоннорун кытары көрүстүлэр.

СӨ Уопсастыбаннай палаататын сүрүннүүр киинин бэрэстэбиитэллэрэ байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр суорума суолламмыт саллааттар дьоннорун кытары көрүстүлэр.
Бу туһунан СӨ Уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ Вячеслав Литавин иһитиннэрдэ.
«Көрсүһүүнү СӨ Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ Николай Бугаев, «Боотур» добровольческай этэрээт хамандыыра Александр Колесов ыыттылар. Сырдык тыыннарын толук уурбут байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр социальнай өйөбүл миэрэлэрин, харчынан төлөбүр боппуруостарын дьүүллэстилэр. Бэлиэтээн эттэххэ, бу боппуруоска СӨ салалтата тиһиктээхтик үлэлэһэр. СӨ Уопсастыбаннай палаататын сүрүннүүр киин бырабыыталыстыбаны уонна үрдүкү салалтаны кытары хардарыта сибээстээх үлэлэһэр«, — диэн этэр Литавин.
Уопсастыбаннас, волонтердар түмсүүлэрэ бойобуой сорудаҕы толорууга эчэйиини ылбыт байыаннай сулууспалаахтарга болҕомтотун уурар.
«Маны сэргэ, эчэйиини ылбыт саллааттар дьоннорун, байыастары кытары көрсүһүү буолла. Биһиги байыаннай сулууспалаахтар госпиталларга уонна манна, дойдуларыгар, мэдиссиинэ өҥөтүнэн толору туһаналларыгар, чөлгө түһүү кууруһун баралларыгар бары кыһамньыбытын уурабыт. Онно сөп түбэһэр быһаарыылар уонна миэрэлэр ылыллыбыттара«, — диэн иһитиннэрэр Вячеслав Литавин.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

7 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

9 часов ago