Салгыы
Усунуоска иэстээхтэр бааллар

Усунуоска иэстээхтэр бааллар

15.10.2024, 15:20
Хаартыскаҕа: С.Петрова (тустаах пуонда ыытта).
Бөлөххө киир:

РФ Дьиэ-уот Кодексын 169 ыст. 1 ч. олоҕуран, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр уопсай баайдарын-дуолларын хапытаалынайдык өрөмүөннээһиҥҥэ төлөбүрү дьиэни бас билээччилэр бары төлүөхтээхтэр, ол иһигэр элбэх кыбартыыралаах олорор уонна киһи олорбот дьиэлэрэ балаансаларыгар турар муниципальнай тэриллиилэр эмиэ.

— Бу дьыл алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан, Саха сирин 41 муниципальнай тэриллиитэ хапытаалынай өрөмүөн усунуоһугар иэстээхтэр. Кинилэртэн улахан иэстээхтэргэ киирсэллэр:  “Орто Халыма оройуона” – 308912 солк., “Ленскэй оройуона” –595584 солк., “Белай Гора бөһүөлэгэ “ – 715182 солк., “Черскэй бөһүөлэгэ” –750003 солк. , “Дьабарыкы Хайа бөһүөлэгэ” —  894972 солк., — диэн иһитиннэрдэ тустаах пуонда бас билээччилэри кытта үлэҕэ отделын начаалынньыга Саида Петрова.

Саха сирин Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ пуондата пошлина үрдээбитинэн суут нөҥүө ирдэбил суумата биллэрдик улааппытын санатар уонна усунуоһу хойутаппакка төлүүллэригэр көрдөһөр.
Ыйытар төл:8 (4112) 319-014 эбэтэр Fondkr.ru саайтка “Обратная связь” кунуопканы баттаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: