Уунан тиэйэн, сиринэн таһан, салгынынан көтүтэн
Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит хараабыллар, кыһынын суол аһылынна да массыыналар айаҥҥа туруналлар.
Сөптөөх хайысханы тутуһан
2019 сыллаахха Ил Дархан А.С. Николаев дьаһалынан хотугу улуустары хааччыйан олорбут икки улахан тэрилтэ – “Туймаада-Агроснаб” ААУо уонна “Якутоптторг” АУо холбоһон биир хампаанньа буолан үлэлээбиттэрэ. 2024 сыллаахтан хампаанньа “Арктикатааҕы атыы-логистическай хампаанньа” диэн аата уларыйбыта, генеральнай дириэктэринэн Сайдам Степанов ананан үлэлии сылдьар.
18 филиал ыскылааттара ааспыт үйэ 60-с сылларыгар тутуллубут буоланнар, үгүстэрэ эргэрэн, оҕуруот аһын, түргэнник буорту буолар аһы-үөлү харайар кыахтара суоҕа. Онон хампаанньа суһаллык арктическай улуустарга ыскылааттары саҥардар сорукка түспүтэ. Ону таһынан, уунан илдьэргэ судургу буоллун диэн, Аллараа Бэстээххэ ыскылааттары туппута, ас-үөл сыанатын үрдэппэт туһуттан бэйэтэ туспа уунан тиэйэр ааллардаммыта. Оҕуруот аһын харайар сүүнэ ыскылааты уларытан, билигин ол үрдүк технологичнай оборудованиелаах, килиимэт хонтуруоллуурдаах, тымнытар камералардаах, 2500 туонна хортуоппуй хараллар сирдээх, уопсайа 3,2 тыһ. кв. м иэннээх ыскылааттар турар сирдэрдээх оптовай-тарҕатар киин буолан турар.
Атыы-логистическай филиаллары тэрийии
Арктикатааҕы атыы-логистическай киин аан бастакы филиаллара Абый уонна Усуйаана улуустарыгар үлэҕэ киирбиттэрэ. Урут харайар сир суоҕунан, табаар ахсаана кэмчи эбит буоллаҕына, атыы-логистическай киин филиаллара аһыллааттарын кытта ас көрүҥэ биллэ кэҥээбитэ, оҕуруот аһын, фруктаны харайан уурар кыаллар буолбута. Ону таһынан, кииннэр морозильниктара, холодильниктара элбэх. Манна бүтүн улуус аһа-үөлэ кэлэн хараллар, салгыы нэһилиэктэринэн ыытыллар. Онон нэһилиэнньэлээх пууннарга барыларыгар үчүгэй хаачыстыбалаах ас-үөл тиийэр буолла.
Хампаанньа эһиил Дьааҥы уонна Муома улуустарыгар филиалларын аһыахтаах. Ону таһынан, Баатаҕай Алыытыгар, Өлөөҥҥө, Чокуурдаахха үлэ бара турар. 2025 сылга 13 арктическай улууска барыларыгар атыы-логистическай киин филиаллара үлэлиэхтээх, ону таһынан, оҕуруот аһын, эти кэнсиэрбэлиир, отоннортон араас аһы астыыр бөдөҥ сыах тутуута бүтүөхтээх.
Аһы-үөлү, табаары тиэйэн
Ыам ыйын бүтүүтүттэн алтынньы ортотугар диэри уу суолунан араас хампаанньалар аһы-үөлү, тутуу матырыйаалын, уматыгы-оттугу, араас табаары илдьэллэр. Алтынньы ортотуттан сүрүннээн аһы-үөлү сөмөлүөтүнэн, бөртөлүөтүнэн уунан сибээһэ суох нэһилиэктэргэ таһыы саҕаланар. Итинник уунан кэлбит таһаҕаһы Саҥа дьылга диэри нэһилиэктэргэ тиэрдэр сорук турар. Оттон тохсунньу ортотуттан кыһыҥҥы суол солбукка киирэр.
Абыйдааҕы филиалга
Абый улууһун киинигэр Белай Гораҕа “Арктикатааҕы атыы-логистическай хампаанньа” АУо Абыйдааҕы филиала аан бастакынан 2021 с. алтынньы 13 күнүгэр үлэтин саҕалаабыта. Филиал дириэктэринэн Оксана Заровняева үлэлиир.
“Нэһилиэнньэ туохха наадыйарынан сайаапка киллэрэр, ону ырытан баран бачча наада диэн сакаастыыбыт. Биһигинэн Индигиир өрүс ааһар, онон уу суоллаахпыт. Сибиэһэй ас балаҕан ыйын бүтүүтэ кэлэр, дьэ оччоҕо биэс нэһилиэккэ сөмөлүөтүнэн, бөртөлүөтүнэн “күөх эриэйстэр” көтөллөр. Иккилии туонна курдугу ыыталыыбыт. Билиҥҥи хараабыллар бары рефрижератордаахтар, онон ас-үөл буорту буолбакка кэлэр, урут сэбиэскэй былаас саҕана түрүүмҥэ сытан, сороҕо буорту буолан кэлээччи”, – диэн кэпсиир Оксана Ивановна.
Абыйдааҕы филиал бастакынан үлэлээбит буолан, атын улуустары эмиэ хааччыйар. Ол курдук Аллайыаха улууһун саамай түгэх нэһилиэгэр кытта ыыталлар. 2021 с. бэл Муомаҕа илдьибиттэр.
Хоту улуустарга тиэрдиллиэхтээх социальнай суолталаах аска-үөлгэ оҕо үүтэ, аһылыга, бурдук, саахар, рис, курууппа араас көрүҥэ, туус, мас арыыта, кэнсиэрбэ үүт, “сухой” үүт, чэй киирэллэр. Оттон кэҥэтиллибит социальнай суолталаах аска кэнсиэрбэлэр, кондитерскай астар, оҕуруот аһа, фрукта, о.д.а. бааллар. Ону таһынан, кэмиэрчэскэй диэн көрүҥ баар, манна оҕолор таптыыр астара, холобур чипсылара, араас минньигэстэрэ киирэллэр.
“Быйыл оҕуруот аһын, фруктаны киллэрэн туран 150 туонна ас-үөл кэллэ, – диир Оксана Ивановна. – Кыһыҥҥы суол олунньу диэки турар, дьэ оччоҕо “Арктика суоллара” тэрилтэ икки ый устата таһар. Ол кэлбит ас хараллар болдьоҕо аны күһүн уу суолунан саҥа табаар кэлиэр диэри барыта “годнай” буолуохтаах.
Филиалга сыана чэпчэки буолан, сибиэһэй ас кэллэ да 1-2 күнүнэн бүтэрэллэр. Сорох дьон сыанабытын көрөн соһуйаллар, куорат сыанатыттан сороҕо чэпчэки дуу диэн. Ол курдук, биһиэхэ бурдук 1 кг – 57 солк. 42 кэпп., саахар 1 кг – 122 солк., мас арыыта – 161 солк., туус – 31 солк. 70 харчы, хортуоппуй 1 кг – 125 солк., кэмиэрчэскэй сыананан кэлбит дьаабылыка 1 кг – 440 солк., сымыыт 1 устууката – 17 солк. Холобур, балаҕан ыйын бүтүүтэ кэлбит хаппыыста ыйтан ордон баран бүппүтэ, луук соторутааҕыта бүппүтэ. Хортуоппуй былырыын атыыга сылы быһа баара.
Биһигини таһынан чааһынай маҕаһыыннар бааллар, кинилэр кыттыһан нэдиэлэҕэ биирдэ сибиэһэй аһы ыллараллар.
Логистическай киин филиала буоламмыт, сүрүн ас-үөл сыаната биһиэхэ чэпчэки, нэһилиэнньэ ол иһин биһиэхэ сылдьар, хамаҕатык атыылаһар.
Бэнсиин ыараата да, ас сыаната эмиэ ыарыыр
Орто Халыма улууһун Эбээх нэһилиэгин олохтооҕо Евдокия Ефимова куоракка кэлэ сылдьарын көрсөн кэпсэттим.
– Биһиэхэ “күөх эриэйсэ” сөмөлүөтүнэн, бөртөлүөтүнэн, хомойуох иһин, сылга биирдэ-иккитэ эрэ кэлэр. Оччоҕо нэһилиэк көрдөһүүтүнэн Лилия Гуляева киһи төбөтүнэн үллэрэн, биир да ыалы матарбат курдук атыылыыр. Оҕолоох ыаллар, аҕыйах да буоллар, дьаабылыкаҕа бары тиксэллэр. Онон дьон махтала улахан, сорох нэһилиэктэргэ дьон тиксибэт сурахтара иһиллэр, – диир Евдокия Даниловна. – Биһиэхэ, 2 Хаҥалас нэһилиэгэр, 4 маҕаһыыннаах олохтоох кэмэрсээннэр бааллар, кинилэр суол турда да Дьокуускайтан аһы-табаары таспытынан бараллар. Онон кинилэргэ махталбыт эмиэ улахан. Сыана үрдүүрэ бэнсиин, уматык үрдүү турарын кытта сибээстээх. Бэнсиин ыараата да, табаар эмиэ ыарыыр. Сөмөлүөт билиэтин сыаната Дьокуускайтан Орто Халыма куоракка диэри 45 тыһ. солк. тиийэр. Аны куораттан Эбээххэ диэри 6 тыһ. солк. Саамай киһи кыһыйара диэн, сайын Дьокуускайтан хоту көтөр киһиэхэ 20 кг эрэ таһаҕас көҥүллэнэр. Оттон АН-3 сөмөлүөтүнэн нэһилиэккэ дьиэҕэр көтөөрү гыннаххына, 10 кг эрэ көҥүллэнэр. Ол 10 кг эн тугу илдьиэҥий. Аны субсидиялаах билиэт ап-аҕыйах атыыланар, нэһилиэккэ олорон эрдэ атыыласпыт буоллаххына, көтүөхтээх күҥҥүн баттаһа, Орто Халыма куоракка баар буолуохтааххын. Биһиэхэ сайын уунан да, сиринэн да суол суох, онон бөртөлүөт тиийбэтэҕинэ, билиэтиҥ таах хаалар. Дьэ итинник олоробут Хоту сир дьоно.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: