Уус Алдаҥҥа саҥа амбулатория үлэтин саҕалаата
«Доруобуйа» национальнай бырайыак иитинэн Уус Алдан улууһугар Уус Күөлгэ толору хааччыллыылаах амбулатория үлэтэ саҕаланна.
«Доруобуйа» национальнай бырайыагынан Уус Алдан оройуоннааҕы киин балыыһатыгар 16 мөл.солк. ордук үп көрүллүбүт. Амбулатория тутуллубутун таһынан, бу харчыга мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр ноутбуктар, ЭКГ аппарааттара, ингалятордар, ыйааһыннар, о.д.а. наадалаах тэриллэр ылыллыбыттар. Лөгөй нэһилиэгин амбулаторията персоналы уонна ыарыһахтары таһарга анал тырааныспардаммыт.
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, быйыл Саха сиригэр араас бырагырааманан Бүлүүгэ балыыһа комплексын бастакы уочарата, ону сэргэ, 27 биэссэр-акушер пууннара уонна амбулаториялар үлэҕэ киллэриллиэхтээхтэр. «Доруобуйа» национальнай бырайыак 2025 сылга диэри салҕанар.
Хаартыскаларга Анна Петрова түһэриилэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: