Валерий Николаев Үөһээ Бүлүү баһылыгын солотугар киирдэ

Валерий Николаев Үөһээ Бүлүү баһылыгын солотугар киирдэ

04.02.2024, 20:00
Саяна Львова хаартыскаҕа түһэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Бүгүн, олунньу 4 күнүгэр, Валерий Николаев дьонун-сэргэтин итэҕэлин ылан, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын солотугар киирэр сиэрэ-туома буолан ааста.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыттары Култуура дьиэтин ааныттан сахалыы таҥастаах Далбар Хотуттар арчылаан көрүстүлэр, саалаҕа киириигэ кырыымпа кырылыы оонньоото.

Ыраахтан-чугастан күндү ыалдьыт буолан, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын, министиэристибэлэрин, биэдэмистибэлэрин салайааччылара, ыаллыы сытар улуустар баһылыктара, улуус нэһилиэктэрин баһылыктара, дьокутааттара, ытык мааны олохтоохторо бу үөрүүлээх бэлиэ күҥҥэ кытыннылар,  үөрүүлэрин үллэһиннилэр, эҕэрдэлэрин эттилэр.
Тэрээһин добун чааһа аһылларыгар ыытааччы саҥа баһылыгы сыанаҕа ыҥырарын кытары саала иһигэр ытыс тыаһынан хабылла түстэ.
Дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан саҥа баһылык Валерий Николаев сыанаҕа таҕыста.
Үөһээ Бүлүүтээҕи территориальнай быыбардыыр хамыыhыйа бэрэстэбиитэлэ быыбар түмүктэрин иhитиннэрдэ уонна Валерий Николаевка Үөһээ Бүлүү улууһун баhылыгынан талыллыбытын туhунан дастабырыанньаны туттарда.
Валерий Николаев Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын солотугар киирэр үөрүүбүн үллэстэ кэлбиккитигэр махталбын тиэрдэбин, күүспүн-уохпун түмэн, киһилии сиэрбинэн эһиги итэҕэлгитин толоруом диэн андаҕар биэрдэ.
Ол кэнниттэн Үөһээ Бүлүү ытык киһитэ,
Василий Алексеев-Бааһынай Баһылай алгыс тылын эттэ уонна мэҥэ бэлиэни кэтэртэ.
«Улууһуҥ дьоно өйөөн, эрэнэн, эйиэхэ куоластаан Үөһээ Бүлүү өрөгөйүн үрдэт, алгыстаах ааттан!», — диэтэ Василий Алексеев.
Ол кэннэ алгысчыт Иннокентий Миронов сиэри-туому тутуһан үөһээ Айыылартан көрдөһөн аал уотун отунна, дьонуҥ-сэргэҥ эрэлин толорон, Үөһээ Бүлүүҥ чэлгийэ сайдарын туһугар үлэлээ-хамнаа диэн алгыһын анаата, тойугунан доллоһутан ситэрэн биэрдэ. Саҥа баһылыгы ыраастаан, арчылаан, бөҕөх самныбат санаалаах буоларыгар баҕа санаатын эттэ.

Үс саха үксүү, түөрт саха төрүүр дьылҕатыгар алгыс баһа сыаланнын диэн түмүктээтэ.
Валерий Николаев:
Андаҕарым туоларыгар, Үөһээ Бүлүүм сайдарыгар күүскэ үлэлиэм, тыа хаһаайыстыбатын, суолу тутууну, хас биирдии дьиэни гаастааһыны киллэриини, о.д.а. салгыы сайыннарарга үлэлиэм. Үүнэ-сайда турдун Үөһээ Бүлүү, сайда-чэчирии турдун Саха сирэ, туругурдун модун Арассыыйа! — диэн Валерий Николаев түмүктүүр тылы эттэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов: «Валерий Валерьевич, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын солотугар киирбиккинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын, Бырабыыталыстыбатын уонна тус бэйэм ааппыттан ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибин! 2024 с. Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо сыла биллэриллибитэ. Оттон  бу сылга Үөһээ Бүлүү улууһугар саҥа баһылык талылынна, онон бу ураты бэлиэнэн буолар. Үөһээ Бүлүү улууһа элбэх биллэр, дьоҕурдаах дьонунан биллэр, ол курдук Валерий Николаев эмиэ ураты салайар дьоҕурдаах киһи. Саха сирин Ил Дархана ыытар үлэтэ: дьон олоҕо тупсарын, байылыат олоҕу түстээһин буолар. Онон Саха сирэ, улуу Арассыыйа сайдарыгар Үөһээ Бүлүү улууһа онно тирэх-көмө буоларыгар эрэнэбит!» , — диэтэ.
Салгыы саҥа баһылыгы улуус баһылыктара, төрөөбүт дойдутуттан — Кэнтиктэн улуус Аҕа баһылыга анал быһахтаах буолуохтаах диэн, чап уустара охсубут быһахтарын бэлэхтээтилэр.
СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччыта Дьулустаан Борисов Үөһээ Бүлүү улууһа былыр-былыргыттан туруу үлэһит, дьоһуннаах дьонунан аатырар диэн эттэ. Биир дойдулаахтарын итэҕэллэрин ылбыт саҥа баһылыгы Валерий Валерьевиһы кытары инникитин бииргэ үлэлиэхпит диэн эрэнэбин диэтэ.
Үөрүүлээх тэрээһин эр дьон ырыатынан түмүктэннэ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: