Салгыы
Василий Кириллин: «Биһиги ыарахан үлэбитигэр чугас дьоммут тирэх буолаллар»

Василий Кириллин: «Биһиги ыарахан үлэбитигэр чугас дьоммут тирэх буолаллар»

11.03.2024, 18:20
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Арассыыйа холуобунай-толорор систиэмэтэ тэриллибитэ 145 сылын туолар. Онон сиэттэрэн, холуобунай-толорор систиэмэ бэтэрээнин, үлэ бэтэрээнин, астаапкаҕа олорор ис сулууспа полковнигын Василий Кириллины кытары көрсөн кэпсэттибит.

Кини билигин сынньалаҥҥа даҕаны бардар, холуобунай-толорор систиэмэ бэтэрээннэрин сэбиэтин салайар. Бу чахчы, дьиҥнээх бэйэтин идэтигэр бэриниилээх, холуобунай-толорор систиэмэ эдэр үлэһиттэригэр барыларыгар холобур буолар киһи диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Василий Кириллин 30-тан тахса сыл ити систиэмэҕэ сулууспалаабыта, идэтинэн ыстаарсай сержантан саҕалаан ис сулууспа полковнигар, холуонньа начальнигар тиийэ үүммүт киһи.

— Василий Степанович, бэйэҥ тускунан кэпсиэҥ дуо? Холуобунай-толорор систиэмэ уорганыгар сулууспаҥ хайдах, хаһан саҕаламмытай?

— Мин Нам улууһун Намыгар 11 оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. Аҕам, Степан Кириллин – РФ үтүөлээх учуутала, СӨ бочуоттаах олохтооҕо, оттон ийэм, Евдокия Кириллина – Дьоруой ийэ, сынньалаҥҥа тахсыар диэри бухгалтерынан үлэлээбитэ, Нам улууһун бочуоттаах олохтооҕо.

1985 сылтан 1987 сылга диэри Сэбиэскэй Аармыйаҕа Монголияҕа сулууспалаабытым. Ол кэннэ кэлэн Педагогическай институту бүтэрэн физкултуура учууталынан хоту баран оскуолаҕа үлэлээбитим.

Холуобунай-толорор систиэмэ уорганыгар сулууспабын 1993 с. ИДьМ Саха сиринээҕи салаатыгар СИД уонна СР анал этэрээтигэр штурмовой бөлөх байыаһынан, ыстаарсай сержант быһыытынан саҕалаабытым. Штурмовой бөлөх байыаһыттан саҕалаан этэрээт хамандыыра буолуохпар диэри түөрт сыл этэрээккэ үлэлээбитим. 1997 сыллаахха Москва куоракка Арассыыйа ИДьМ салалтатын академиятыгар үөрэнэ барбытым. 1999 с. үөрэхпин бүтэрэн, «быраабы араҥаччылыыр уорганнарга юриспруденция» исписээлинэһи ылбытым.

1999 сылтан 2000 сылга диэри салалта оперативнай салаатыгар ыстаарсай оперативнигынан үлэлээбитим. 2000 сыллаахха Мохсоҕоллоохтооҕу 6-с №-дээх холуонньа кытаанах режимнээх учаастагын начальнигынан анаммытым. 2021 сыллаахха бочуоттаах сынньалаҥҥа барбытым. Ол гынан баран, сааспынан даҕаны аһара кырдьаҕаһа суохпун, таах олоруом дуо, тугунан эрэ дьарыктаныахпын наада дии санаабытым. Үлэм ыытар бары тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттан барбытым. Икки сыллааҕыта Саха сиригэр Холуобунай-толорор систиэмэ уорганын бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлии сылдьабын.

Иллэҥ кэммин дьиэ кэргэмминээн атаарабын, сиэннэрбин кытта бодьуустаһабын, бултуубун-балыктыыбын.

— Учуутал киһи эмискэ бу систиэмэҕэ киирбитиҥ интэриэһинэй, холуонньаҕа үлэҥ бастакы күнэ хайдах этэй?

— Бастаан кэлэн баран соһуйбутум: сэбиэскэй кэмҥэ хаайыы, лааҕыр, холуонньа туһунан соччо кэпсээбэт буолаллара, мин даҕаны онтон ыраах киһи ол туһунан толкуйдаабат этим. Ол күн былаһааккаҕа күнүскү бэрэбиэркэ бара турара: этэрээттэргэ арахсан, тыһыынчанан хаайыылаах киһи кэккэлээн турара уонна миигин өстүйбүт харахтарынан көрөрө. Ол кэмҥэ испэр «үлэ да бөҕөнү булаахтаабыппын ээ» дии санаабытым. Ол да буоллар, эрэх-турах сананан, бастакы күммүн аһарбытым.

— Ол дьалхааннаах 90-с сылларга холуонньа усулуобуйата хайдах этэй? Саха ыччата төһө элбэҕэй?

— 90-с сылларга, Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыаҕыттан, буруйу оҥоруу эмискэ үрдээбитэ, онон холуонньалар туолбуттара. Ыччат «блатной романтиканы» тутуһан чэпчэки олоҕу батыспыта. Оччолорго толорор систиэмэ уустук кэми ааспыта. Холуонньаҕа элбэх киһи олороро, усулуобуйата мөлтөҕө, ыарыы бөҕө тарҕанара. Буруйдаахтар судаарыстыба мөлтөөбүтүн билэн, кэрээнэ суохтара уонна баламаттык сыһыаннаһаллара. Араас түгэн буолара, ол дьалхааннаах кэмнэргэ үлэлиир олус уустуга, саанар да киһи элбэҕэ, тургутан да көрөөччү баар буолара.

Иннэ-кэннэ биллибэт ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр буруйдаахтар үгүстүк холуонньа дьаһалтатын утары тураллара. Соруйан айдааны таһаара сатыыллара, хаайыы сокуонунан олороллоро, тыҥааһыннаах түгэннэр үөскүүллэрэ. Элбэх үлэһит ону тулуйбакка бараллара. Ыйы ыйдаан хамнас төлөммөт этэ, ол түмүгэр эмиэ уурайааччы даҕаны элбэҕэ. Арай үлэҕэ буспут-хаппыт, идэлэригэр бэриниилээх үлэһиттэр эрэ хаалбыттара.

Ол саҕана ыччат ортотугар уоруу романтиката сайдыбыта. Үгүс ыччаппыт чэпчэки суолунан байа-тайа сатаан түбэһэрэ. Ол эрээри, саха ыччата оннук аһара элбэх буолбатах этэ. Мин учуутал идэлээх буоларым быһыытынан, кинилэргэ наар өйдөтөр үлэни ыыта сатыырым. Бэрээдэктээхтик сырыттаххытына, эрдэ тахсар кыахтаныаххыт, ыраастык-чэнчистик тутуннаххытына, сууна-тараана, хомуна сырыттаххытына, бэйэҕит абыраныаххыт диирим. Ким эрэ ылынара, ким эрэ ылыммата. Мин, бастатан туран, санитарнай гигиенаны тутуһар үлэни ыыппытым. Сыыйа ону өйдөөн, холуонньа усулуобуйата тупсан барбыта. Билигин уруккутааҕар быдан атын усулуобуйа үөскээтэ.

— Үлэҥ олус ыарахан буоллаҕа, хайдах тулуйбуккунуй?

— Кырдьык, холуонньаҕа үлэлиир, буруйу оҥорбут араас майгылаах-сигилилээх дьону кытары күн аайы алтыһыы, хаайыы эйгэтэ тосту атын, олус ыарахан, ол гынан баран, миэхэ успуордунан, эт-хаан сайдыытынан дьарыктанарым, бултуурум-алтыырым көмөлөһөрө уонна, биллэн турар, дьиэ кэргэним өйөөбүтэ. Миэхэ саамай кылаабынайа – дьиэ кэргэним. Урут хоту учууталынан ананан тиийэн олоро сылдьыбыт буоламмын, ол сири олус сөбүлээбитим. Уоппуска ыллым даҕаны хоту бултуу-алтыы барарым, дуоһуйа сынньанан кэлэрим. Ыалдьытымсах хоту дойду олохтоохторо мэлдьи ыҥыраллар, ол эрээри кэнники сөмөлүөт билиэтин сыаната да, тырааныспар тиийэрэ ыараан, ол кыаллыбат буолла. Итини сэргэ эрэллээх доҕоттор өйөбүллэрэ көмөлөһөр.

— Эн үлэҕэр ханнык үөрүйэхтэр, билии-көрүү ордук сыаналанар этэй?

— Саамай сүрүн үөрүйэх – уйулҕаҥ туруктаах буолуутун ситиһии. Ону бэйэҕэр иитэн-үөрэтэн, эрчийэн, бөҕөргөтүөххэ наада. Иллэҥ кэммэр психология кинигэтин ааҕарым, уопуттаах үлэһиттэри уонна бэтэрээннэри кытта алтыһарым, сүбэлэтэрим, кинилэр уопуттарын үөрэ-көтө үллэстэллэрэ. Онон эдэри кытары эдэрдии, кырдьаҕаһы кытары кырдьаҕастыы сыһыаннаһарым, кэпсэтэрим. Билигин даҕаны, мин үлэлиирбэр олоро сылдьыбыт дьон уулуссаҕа көрүстэхтэринэ, үөрэ-көтө кэпсэтэллэр.

— Кэргэниҥ, дьиэ кэргэниҥ эн ыарахан, кутталлаах үлэҕин хайдах ылыммыттарай?

— Мин кэргэним – мин тирэҕим. Кэргэммиттэн биирдэ даҕаны сирэй-харах анньар, сөбүлээбэтэх тыллары истибэтэҕим, мэлдьи өйдүүр, өйүүр. Кэргэним наһаа маладьыас киһи! Кини миэхэ үс бухатыыр уолу бэлэхтээбитэ. Иллэҥ кэммэр уолаттарбын кытары успуордунан дьарыктанарым, булка-алка илдьэ сылдьан такайарым, тиэхиньикэҕэ сыһыарарым. Түүннэри-күнүстэри үлэ, хамнас суох, кырыымчык кэмнэр, ол да буоллар, чугас дьонум хаһан даҕаны сөбүлээбэтэхтэрин биллэрбэтэхтэрэ. Уолаттарбын үһүөннэрин эт-хаан, өй-санаа өттүнэн чөл-бигэ буоларга ииппитим. Бары аармыйаҕа сулууспалаан кэлбиттэрэ, биир уолум байыаннай дьайыыга кытта сылдьар.

— Билигин эн холуобунай-толорор систиэмэ бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлиигин, туох тэрээһиннэри ыытаҕыт?

— Мин бэтэрээннэри, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыт биир идэлээхтэрбин түмэргэ үлэлиибин. Элбэх бэтэрээн өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр көһөн барбыта, ол эрээри үгүстэрэ манна олороллор: ким сиэнин көрөр, ким саҥа эйгэҕэ, атын үлэҕэ үлэлиир. Онон барыларын кытары сибээстэһэн, бэйэлэрэ эрэ сорсуйан олорботторун курдук, араас тэрээһиннэри ыытарга кыһаллабыт. Бэтэрээннэрбит олус көхтөөхтөр, күрэхтэһии буоллун, ырыа-тойук буоллун, тэрээһиҥҥэ барытыгар кыттан иһэллэр.

Холобур, сыл аайы ыытыллар «Динамо» спартакиадатыгар бэтэрээннэр диэн кыттабыт, бэйэбит систиэмэбит иһинэн хамаанда туруоран муус аннынан балыктааһыҥҥа күрэхтэһэбит, ааспыт сайын ыһыахха бэйэбит хамаандабытын туруорбуппут уонна Покровскай куоракка ыытыллыбыт патриотическай ырыа күрэҕэр кыттаммыт, 2-с уонна 3-с истиэпэннээх лауреат аатын ылбыппыт.

— Билигин холуобунай-толорор систиэмэҕэ үлэлии сылдьар эдэр көлүөнэҕэ тугу этиэҥ этэй?
— Холуобунай-толорор систиэмэҕэ үлэлии сылдьар эдэр сотрудниктарга, идэҕитигэр бэриниилээх буолуҥ, норуот туһугар үлэлээҥ уонна мэлдьи бэйэҕитин сайыннара сылдьыҥ, элбэҕи ситиһиҥ диэм этэ. Биһиги үлэбитигэр ордук күүстээх санаалаах, тулуурдаах буолуу ирдэнэр. Сулууспа кэмигэр ыарахаттар элбэхтэр, ону туоруурга өй-санаа, эт-хаан, уйулҕа өттүнэн өттүнэн бэлэмнээх буолуохха наада.

Үгүс эдэр үлэһит кылгас баҕайы кэм иһигэр сыбаанньалара үрдүөн, олохторун тупсарыахтарын баҕараллар, ол гынан баран, олоххо оннук буолбат, элбэхтик сыралаһан үлэлиэххэ-хамсыахха, үөрүйэхтэри үрдэтиэххэ, билиини-көрүүнү хаҥатыахха наада, оччоҕо эрэ теоретическай билиини, материальнай өттүнэн ситиһиини ылыахха сөп. Ыарахан түгэҥҥэ өйүүр-өйдүүр табаарыстары, элбэх эрэллээх доҕоттору уонна саамай кылаабынайа – чугас дьоҥҥут тирэх буолалларыгар баҕарабын!

— Василий Степанович, истиҥ кэпсээниҥ иһин махтанабын! Арассыыйа холуобунай-толорор систиэмэтэ тэриллибитэ 145 сылынан эҕэрдэлиибин!

+1
13
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: