ВЭФ-2023: «Сбербаан» ААУо уонна «Саха сирин тимир суоллара» АХ Кытайга тиийэр суолу тутууга илии баттастылар

Share

Балаҕан ыйын 11 күнүгэр VIII Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум чэрчитнэн «Сбербаан» ААУо уонна «Саха сирин тимир суоллара» АХ бииргэ үлэлэһии туһунан сөбүлэһии түһэристилэр.

Докумуоннарга «Сбербаан» ААУо Байкааллааҕы баанын бэрэссэдээтэлэ  Александр Абрамкин уонна «Саха сирин тимир суоллара» АХ генеральнай дириэктэрэ Василий Шимохин илии баттаатылар.

Өрүттэр инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэриигэ бииргэ үлэлиир санаалаахтарын биллэрдилэр. Сбербаан хампаанньа инвестиционнай бырайыактарын олоххо киллэрэргэ көмөлөһүө, чуолаан Арассыыйаны уонна Кытайы туоруур кыраныыссаҕа, Дьэлиҥдэ — Мохэ икки ардыгар, Рейново ыстаансыйа сайдыытын хааччыйан туран, судаарыстыба өйөбүлүн дьаһалынан тимир суолу тутууну  үбүлүүр былааннаах.

Ону таһынан баан хампаанньаҕа толору баан өҥөтүн оҥорорго уонна биисинэс-процесстарга көдьүүһү үрдэтэргэ көмөлөһүө диэн «Саха сирин тимир суоллара» АХ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Көдьүүстээх уонна күрэстэһиилээх экэниэмикэ» биисинэскэ хайдах көмөлөһөрүй

2025 сылга биисинэһи өйүүр сыаллаах «Көдьүүстээх уонна күрэстэһиилээх экэниэмикэ» саҥа национальнай бырайыак саҕаламмыта. Национальнай бырайыак…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Онкология сулууспата 60-тан тахса мэдиссиинэ аныгы тэрилинэн хааччылынна

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн ыытыллыбыт «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагы олоххо киллэрии кэмигэр Саха сирин…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сириттэн байыастарга өссө үс тиэхиньикэ барда

Ааспыт нэдиэлэҕэ байыастарга анаан үс тиэхиньикэ барда.  Бу туһунан "Бары бииргэ Кыайыыга!" хамыыһыйа сүрүннүүр киинин…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлөөн уонна Харыйалаах сэлиэнньэлэрин икки ардыгар айан-сырыы көҥүллэннэ

Өлөөн улууһугар өрүһү туоруур суолу Өлөөн уонна Харыйалаах сэлиэнньэлэрин икки ардыгар астылар. Муус халыҥа 3…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Арктика учуутала” бырайыак Саха сирин оскуолаларын каадырынан бөҕөргөтөр

Ил Дархан көҕүлээһининэн Арктика улуустарын үөрэҕин тэрилтэлэригэр эдэр исписэлиистэри сыһыарыыга туһаайыллар “Арктика учуутала” бырайыак ситиһиилээхтик…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ кэлим реабилитацияны бардылар

Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйалара хааччахтаах оҕолорго аналлаах реабилитациялыыр кииҥҥэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын  дьиэ кэргэттэрин 642 чилиэнэ, ол…

10 часов ago