Владимир Путин Өлүөнэ муостатын туһунан
Дойду баһылыга Дьокуускайга нэһилиэнньэ ахсаана элбээн иһэринэн, онон муоста тутуута суолтата улааппытын бэлиэтээтэ.
«2000 сыллар саҕаланыыларыгар муоста тутуутун былаана улахан табыгаһа суох курдуга. Билигин быһыы-майгы уларыйан иһэр. Куоракка нэһилиэнньэ ахсаана элбиир. Онон, тырааныспар инфраструктуратын сайыннарыахтаахпыт. Бу манна хайаан даҕаны үлэлиэхпит», – диэтэ Владимир Путин.
Арассыыйа хотугулуу-илин өттүгэр улахан тутуунан Өлүөнэ муостата буолуохтаах. Бу муоста үс федеральнай суолу холбуурун ааһан Саха сирин уонна Магаданы ситимнииргэ биир улахан бырайыак.
РФ Бэрэсидьиэнин сорудаҕынан муостаны тутуу Дьокуускай агломерациятын сайдыытын уһун болдьохтоох былааныгар киллэриллибитэ. Федеральнай өйөбүл суумата 65 млрд солк. Тутуу 2028 сылга бүтэрэ былааннанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: