Владимир Путин Казахстаҥҥа сырытта
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин сэтинньи 27-28 күннэригэр Казахстаҥҥа командировкаҕа баран кэллэ. Казахстан бэрэсидьиэнин Касым-Жомарт Токаевы кытары көрсөн кэпсэттэ.
Арассыыйа уонна Казахстан иккиэн бэйэ-бэйэлэригэр стратегическай суолталаах судаарыстыбалар буолаллар. Бу чэрчитинэн экэниэмикэ үгүс эйгэтигэр, дойдулар көмүскэллээх буолууларыгар, оборуонаҕа бырайыактара элбэх.
Арассыыйа билигин Казахстаҥҥа алта уонтан тахса бырайыагы үлэлэтэ олорор. Олортон биир сүрүнүнэн энергетика эйгэтэ буолар. “Энергетика эйгэтигэр Казахстаны кытары үлэлэһэр бырайыактарбыт былаан быһыытынан баран иһэллэр. Холобур, Хара муоранан, Каспийскайдааҕы ньиэп ситимин консорциумунан уонна Арассыыйа пуортарынан Казахстан тас дойдуларга таһаарар бородууктатын ыытар. Арассыыйа гааһа Кытайга эмиэ бу докумуоннар көмөлөрүнэн тиийэр. Итини таһынан Казахстаҥҥа Арассыыйа бөдөҥ электростанциялары тутар былааннаах”, — диэн этэр Владимир Путин мунньах кэмигэр.
Икки бэрэсидьиэннэр көрсүһүүлэрин түмүгүнэн, 2026 сылга диэри Арассыыйа уонна Казахстан бииргэ үлэлэһиилэрин торума оҥоһулунна. Ол иһигэр экэниэмикэ эйгэтигэр биир кэлим бырагыраама ситэрилиннэ. Эһиил Арассыыйа уонна Казахстан бииргэ үлэлэһии дуогабарын түһэрсибиттэрэ сүүрбэ сылын туолар. Ону таһынан Кыайыы 80, Байконур 70 сыллаах үбүлүөйдэринэн икки судаарыстыба улахан бырагыраама бэлэмнээн тураллар.
Владимир Путин сэтинньи 28 күнүгэр Астанаҕа Дойдуларга куттал суох буолуутун дуогабарын түмсүүтүн сессиятыгар кыттыыны ылыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: