Владимир Путин Саха сирин уопутун атын эрэгийиэннэргэ тарҕатары сорудахтаата

Share

Маннык этиини дойду Аҕа баһылыга Владимир  бэҕэһээ, сэтинньи 25  күнүгэр, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын ийэлэрин кытары көрсүһүүгэ эттэ.

Саха сирин олохтооҕо Марина Бахилина Владимир Путины кытары көрсүһүү кэмигэр  Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан байыаннай сулууспалаахтарга көмө миэрэлэрин туһунан кэпсээтэ.

«Ийэлэр,  кэргэттэр, байыаннай сулууспалаахтар чугас дьоннорун ааттарыттан  Владимир Владимировичка, биһиги Ил Дархаммыт  Айсен Сергеевич Николаевка уонна Маҕан дьаһалтатыгар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна чугас дьонноругар суһал көмөҕүт иһин махталбын тириэрдэбин.  Барыта хаачыстыбалаахтык уонна суһаллык оҥоһулунна. Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ үгүстэрэ  200 тыһ. солк. көмөнү ылбыттара.   Маны таһынан, иһэр уунан, оттук маһынан хааччыйыыга  көмө  оҥоһуллар», —  диэтэ  Марина Бахилина.

Марина Бахилина этиитин кэнниттэн,  Владимир Путин  байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөнү  оҥорууга маннык үтүө холобурдары атын эрэгийиэннэр эмиэ оҥоруохтаахтарын туһунан эттэ.

«Айсен Сергеевич –  уопуттаах салайааччы, дьаныардаах киһи буолан, түмүктээх үлэни ситиһэр.  Эрэгийиэннээҕи былаастар байыаннайдар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөрүн үтүө холобурдарын тарҕатыахха наада», — диэтэ дойду Аҕа баһылыга.

Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев быстах хомуурга ыҥырыллыбыт байыаннайдар дьиэ кэргэннэрин өйүүр туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Ыйаахха этиллэринэн:

  • -дьиэ кэргэҥҥэ биирдэ бэриллэр 200 тыһ. солк. сууммалаах материальнай көмө бэриллэр;
  • төрөппүт хомуурга хабыллан сулууспалыыр кэмигэр уһуйааҥҥа сылдьар оҕолоро төлөбүртэн босхолоноллор;
  • -хомуурга хомуллубут төрөппүттээх 5-11 кылаастарга үөрэнэр оҕо оскуолаҕа босхо аһылыгынан хааччыллар;
  • 6 аҥаар сааһыттан 18 сааһыгар оҕо диэри доруобуйатын көннөрүнэр лааҕырга босхо путевканан сынньана барар кыахтанар;
  • хомуурга барбыт байыаннай оҕото үрдүкү уонна орто анал үөрэх кыһатыгар киирэригэр бастакы уочаракка ылыллар
  • ; үрдүкү уонна орто анал үөрэх кыһатыгар киирэригэр төрөппүтэ сулууспалыыр кэмигэр үрдүк стипендия бэриллэр;
  • сулууспалааччы төрөппүттэрэ санаторийга-курортка босхо бараллар.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

3 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

3 часа ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

4 часа ago