“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Улуу хотой
Ыйдаҥа сиэтэр
Санааҕын ситэр,
Көмүс кынаккын
Сиккиэр харыстыыр.
Сууллар да кэмҥэр
Сүрэх бэриммэт,
Сүппэт эдэрин
Күүтэр эрэлин.
Уол моҕотой — улуу хотой
Киэҥ кынаттаах мохсоҕол,
Тирииҥ саха — атыҥ ньоҕой
Айылҕа ииппит оҕото.
Хара тыаҕа сүтүөҥ суоҕа
Сирдиэҕэ өбүгэҥ суола,
Харыстыаҕа Байанайыҥ
Алгыстыаҕа айаннаргын.
Икки атах, хара харах
Быһый бэрдэ эдэр кэмҥэр,
Ойон-сүүрэн атастаргар
Эрэллэргин бигэргэтээр.
Ким да суох, туох да суох
Эн уонна уһун суол,
Охтубат — тулуурдаах
Ол куруук кынаттаах.
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…
Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…
Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, суукка устата буруйу оҥоруу туһунан 12 иһитиннэрии бэлиэтэммит. Ол курдук, Нерюнгри куоракка…
Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай…
Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…