Волонтер Киргиэлэй
Григорий Михайлов социальнай волонтер. 1998 сыллаахха инсуллаан ыалдьан хаалбыт. Кини билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Кини автономнай кэмиэрчэскэйэ суох «Эрэл» чөлгө түһэрэр киин дириэктэрэ.
2018 сылтан социальнай волонтер быһыытынан үлэлиир. Социальнай волонтер диэн кимий? Ол курдук Григорий Федотович гипертония, атеросклероз курдук ыарыылаах дьоҥҥо сүбэлэри оҥорор. Ордук инсуллаан сытан хаалбыт дьоҥҥо дьиэлэригэр сылдьан босхо маастар-кылаастары ыытар. Инсульт ыарыы эдэрсийэн иһэринэн, билигин элбэх эдэр дьон ыалдьар буолбутун кини бэлиэтиир. Григорий Михайлов доруобуйаҕа туһуламмыт «Тымыр ыарыылара: Гипертония.Инсульт» уонна «Эмтэниигэ аһылык суолтата» диэн икки кинигэ ааптара буолар. Билигин «Искэн ыарыылара» диэн үһүс кинигэтин бэлэмнии сылдьар. Бу тула кини санаатын үллэһиннэ:
— Мин 1952 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһугар төрөөбүтүм. 1970 сыллаахха Майа орто оскуолатын бүтэрэн баран «Сельхозтехника» тэрилтэҕэ үлэлии киирбитим. Оччолортон уопсастыбаннай үлэҕэ олус көхтөөх этим. 1980 сылтан сыыйа салайар үлэҕэ ананан, биир бастакынан Майатааҕы баһаарынай чаас салайааччытынан анаммытым. Онтон салгыы 28 сыл устата Мэҥэ Хаҥаластааҕы ДОСААФ суоппарга үөрэтэр оскуолатын салайбытым. Кэргэмминээн ыал буолбуппут 50-тан тахса сыл буолла, түөрт оҕолоохпут, 12 сиэннээхпит, биэс хос сиэннээхпит. Мин баҕа санаабынан волонтердуубун. Ишемическэй инсулунан ыалдьыбыт буоламмын, эппинэн-хааммынан ыарыы хайдаҕын билэбин. Элбэх мэдиссиинэ литературатын ааҕан үөрэттим. Кытайга тиийэ баран эмтэнэн, билиибин хаҥатан кэлбитим. Санкт-Петербург куоракка Бехтерев аатынан научнай-чинчийэр институкка эмтэммитим, атахпар туран баран дьоҥҥо көмөлөһүөх санаам баһыйан аны сааһыран баран социальнай волонтер быһыытынан ылсан үлэлии сылдьабын. Волонтердар кииннэрин кытта үлэлэспитим биэс сыл буолла. Кинилэргэ мин социальнай уонна медиаволонтер быһыытынан кыттабын. Мин сүрүн дьарыгым бар дьоҥҥо көмөлөһүү буолар. Бэйэм илиибин-атахпын дьарыктаан билигин сүүрэ-көтө сылдьар буоламмын, дьоҥҥо эмиэ көмөлөһөр, билиибиттэн бэрсэр санаалаахпын. Инсуллаабыт дьоҥҥо дьиэлэригэр тиийэн сүбэ-ама биэрэбин, эрэл санааны саҕабын. Киһи эрэлинэн олорор диэн санаабын түмүктүөм
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: