Волонтер-миэдиктэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар мэлдьи көмөлөһөллөр
Волонтер-миэдиктэр, мэдииссинэ кэллиэһин устудьуоннара, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар мэлдьи күүс-көмө оҥороллор. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин дириэктэрин солбуйааччы Наталья Кондратьева брифиҥҥэ кэпсээтэ.
«Бу күннэргэ биһиги устудьуоннарбыт гуманитарнай таһаҕаһы тиэйэн, Москваҕа билигин госпитальга сытар байыаннай дьайыы кыттыылахтарыгар тиийбиттэрэ», — диэн Наталья Кондратьева иһитиннэрдэ.
Ону таһынан кэллиэс үлэһиттэрэ маскировочнай сетканы уонна гуманитарнай көмөнү оҥорууга «Саха сирэ эйигин кытта» өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһыны кытта мэлдьи үлэлииллэрин бэлиэтээтэ.
Кыайыы туһугар мэдиссиинэ үлэһиттэрин сүдү кылааттарын суолтатын дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэлиэтээн турар: «Байыаннай госпиталларга, мэдииссинэ тэрилтэлэригэр быраастар биһиги оҕолорбутун өйүүргэ, көмөлөһөргө, кэмигэр саҥа сириэстибэлэри уонна ньымалары туһанарга барытын оҥороллор. Бу улахан ситиһии», — диэн Бэрэсидьиэн олунньу саҥатыгар буолан ааспыт «Барыта Кыайыы туһугар!» пуорумҥа иһитиннэрбитэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: