“Якутоптторг” тэрилтэҕэ махтаналлар
Айылҕа күчүмэҕэйдэриттэн бу ааспыт сайын кыайан оттооботох улуустар хаһаайыстыбалара кыстыгы этэҥҥэ туоруулларын туһугар СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин тэрийиитинэн, сүөһүгэ анаан эбии аһылыгы тиэйэллэр. Ол курдук, уотурбаны, эбиэһи, мээккэлэммит оту илдьиэхтэрэ. Онон “Якутоптторг” тэрилтэ (ген.дириэктэр Н.Н.Алексеев) аҕыс улууска 5000 т тиэрдэр соруктаах. Төһө да бытарҕан тымныылар турдаллар, үлэ-хамнас уҕараабат.
– Чурапчы улууһугар 1331 т тиэйэн сүөкүүр былааммытын толордубут. Күһүн Бүлүү, Кэбээйи, Горнай улуустарын кииннэригэр диэри – массыынанан, Өлүөхүмэҕэ уунан тиэрдибиппит. Тиэйиэхтээх бородууксуйабытын 100 быр. атыыластыбыт. Буойаһынан 840 т зернофураж кэлэн сүөкэнэн, бара турар. Кыһыҥҥы суолунан сырыы 35 т уйуктаах массыыналарга көҥүллэнэр буолла даҕаны, илдьэбит. Бу тохсунньу бүтүүтэ уотурба кэлиэҕэ. 1200 т кэлэрэ күүтүллэр. Улахан аҥаарын тимир суолтан массыынаҕа тиэйэн быһалыы улууска илдьэбит. Дьааҥы, Өлөөн, Эбээн Бытантай хаһаайыстыбаларыгар ананар. Уотурбаҕа улахан кээмэйи – 1550 т Бүлүү улууһа ылыахтаах, ону тиэйэн бүтэрэн эрэбит. Бу ааспыт нэдиэлэҕэ Дьааҥы улууһун Табалааҕар бастакы массыына турунна, – диэн кэпсээтэ “Якутоптторг” АУо атыылаһыыга уонна тиэйиигэ салайааччытын солбуйааччы Алексей Шестаков.
Үлэ дуогабара суох табыллыбат, онон бары ылыахтаах хаһаайыстыбалары, кэтэх ыаллары кытта дуогабардаспыт. Ол быһыытынан ыаллар, хаһаайыстыбалар төлөбүр аҥаарын бэйэлэрэ уйуналлар, аҥаарын СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ субсидиялыыр. Дьиҥэ, бастаан “Якутоптторг” бэйэтин үбүнэн ылар, онтон дуогабар түһэрсибитин кэннэ, холобура, Иванов, Петров… бэйэтэ төлөһөр.
“Якутоптторг” Чурапчы улууһугар сүөһүгэ-сылгыга эбии аһылыгы тиэйэн илдьибититтэн олохтоохтор үөрэн олороллор. Ол курдук, Хоптоҕо нэһилиэгэр (баһылык А.Бурцев) сайаапкалаабыттара Саҥа дьыл иннинэ барыта тиэллэн тиийбит. Ол туһунан нэһилиэк исписэлииһэ Ольга Решетникова кэпсээтэ. Ольга Григорьевна этэринэн, бу ааспыт сайын курааннаан, аһыҥа буулаан, нэһилиэк сиригэр-уотугар сыл тахсар отторун 40-ча эрэ бырыһыанын чөкөппүттэр. Хата, 7 мобильнай биригээдэ тэриллэн, Дьокуускай арыыларыгар, Намҥа, Аммаҕа, Нуотараҕа көһөн тиийэн оттообуттар. 166 кэтэх уонна элбэх бааһынай хаһаайыстыбалаах нэһилиэккэ сыл тахсар туһугар туруулаһыы буолбут. 1548 ынаҕы, 1236 сылгыны кыстатыыга бу “Якутоптторг” АУо хааччыйбыт эбии аһылыга көмөлөһүөҕэ. Олохтоохтор ордук мээккэлэммит (гранулированнай) оту биһирээбиттэр. “Вагон бүгүн кэллэ, тиэйэн илдьэбит”, – диэн “якутопттордар” биллэрэн иһэллэр эбит.
“Бэрт субсидия көрүллэн, дьон абыранна уонна тиэйии үлэтэ үчүгэйдик тэрилиннэ”, – диир Ольга Решетникова.
Оттон Эбээн Бытантай улууһа 25 т тиэйэн аҕалалларыгар “Якутоптторг” тэрилтэни кытта кэпсэппит. Дуогабардарыгар олоҕуран, 90 хонук иһинэн аҕалыахтаахтар эбит. “Ону арыый эрдэ аҕалаллара буоллар, бэрт буолуо этэ”, – диир тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Гаврил Баишев. Маны тэҥэ өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта оту биэрэллэригэр кэпсэтии ыытыллыбыт. Олунньуга быһаарыллара күүтүллэр. Улуус олохтоохторо эбиэскэ, сибиинньэ, куурусса сиир уотурбатыгар сайаапкалары эбии түһэрбиттэр. Ону тиэйиитин улуус төлүөхтээх. “Сыл аайы улууспут тиэйиигэ көмөлөһөр”, – диир Гаврил Антонович.
Горнай улууһа эмиэ бу тэрилтэни кытта дуогабардаспыта. Быйылгы кыстыкка уопсайа 585 т эбии аһылык сүөһүгэ, сылгыга кэлиэхтээх. Саҥа дьыл иннинэ өрөспүүбүлүкэ ТХМ 50 быр. субсидия көрбүт. Ити ылыахтаах эбии аһылыктарыттан 95 т Саҥа дьыл иннинэ аҕалбыттар. Итинтэн ордуга бу ыйга уонна кэлэр ыйга кэлэрэ күүтүллэр.
– Сыл түмүгүнэн 2900 т окко наадыйар этибит. Хата, ону атын улуустартан (Дьокуускай, Нам) булан олоробут. Сороҕун тиэйбиппит. Оту тиэйиигэ диэн министиэристибэбит 4 мөл. 900 тыһ. солк. көрбүтэ. Эбии аһылыкка 8 мөл. 800 тыһ. солк. ыыппыта. Онон билиҥҥитэ балаһыанньа этэҥҥэ, – диэтэ Горнай улууһунааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан Мария Максимова.
Ээйиктэр Ньурба Хаҥалаһыттан атыыластылар
СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Петр Попов суруналыыстарга Ээйиккэ эмиэ от наада диэбитэ. Ону чопчулаары Өлөөн улууһун Ээйик нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Надежда Васильеваны кытта кэпсэттибит. Надежда Ивановна иһитиннэрбитинэн, бу ааспыт сайын Ээйиккэ балтараа ый устата ардах бөҕө түһэн, сүгүн оттоппотох. Ходуһалара ууга барбыт. Онон “Ээйик” ТХПК сүөһүлэрэ кыстыгы туоруулларыгар күчүмэҕэйдэрдээх буолбут. Ол да буоллар, кэпсэтии ыытан, Ньурба улууһун Хаҥалаһыттан 100 т оту атыыласпыттар. Тиэйиитэ саҕаламмыт. Ол курдук, 18 т от, ол эбэтэр 60 рулон миэстэтигэр кыбыыга сүөкэммит. Оту Өлөөннөөҕү “Ситим” тэрилтэ (А.Винокуров) таһар. Таһыы үлэтин Саҥа дьыл иннинэ суолларын тибии типпитэ атахтыы сыспыт. Айан да уустук буоллаҕа. Таарыйа аҕыннахха, Ээйик олохтоохторо “Өлөөн-Удачнай-Моркуока-Накыын-Ээйик” туһаайыытынан айанныыллар. Ол эбэтэр, Ээйик улуус кииниттэн 1012 км тэйиччи сытар. Хата, Ньурбаттан тиэйэллэрэ чугас курдук. Оту аҕалтарыыны улуус уйунуо диэбиттэр. Онон Ээйик министиэристибэ болҕомтотугар сылдьар, кыстыгы этэҥҥэ туоруохтара диэн эрэнэбит.
Суордаах дьаһалтатын көҕүлээһинэ
Дьааҥы улууһун Суордаах нэһилиэгэ бу ааспыт сылга улаханнык ууга барбыта. СӨ Ил Дарханын, Бырабыыталыстыбатын көмөлөрүнэн, чөлүгэр түһэрэр үлэ тэтимнээхтик ыытыллыбытын билэбит. Ууга барбыт нэһилиэк сүөһүтэ-аһа кыстыгы этэҥҥэ туоруура онон олоччу болҕомтоҕо тутуллуохтаах. Нэһилиэк баһылыга Владимир Стручков олохтоох дьокутааттарын кытта сүбэлэһэн баран, ууга барбыт нэһилиэгин сүөһүлээх-сылгылаах олохтоохторун өйүүр туһуттан куораттан 10 т эбии аһылыгы атыылаһарга олохтоох бүддьүөттэн үп көрөргө быһаарбыт. Онон 6 туонна уотурба, 4 т эбиэс атыыласпыттар. Уонна эмиэ тиэйтэриитин төлөөн, аҕалтаран эрэллэр. Олохтоох урбаанньыт куораттан КамАЗ массыына атыылаһан, төннөн кэлэригэр тиэйэн аҕалыахтаах. Кэмигэр сөптөөх дьаһал ылыллыбыт уонна бу кыстык тымныы ыйдарыгар саамай кэмигэр оҥоһуллубут туһалаах көмө эбит диэн сыаналыахха сөп. Дьэ, онтон өссө анаммыт эбии аһылыктара кыраапыгынан тиэллэн тиийдэҕинэ (тардыллыбатар ханнык), кыстыгы сүөһүлэрэ, сылгылара туорууругар эрэллээх буолуо этилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: