Ямало-Ненецкай автономнай уокурук үөрэҕин департаменын үлэһиттэрэ Саха сиригэр кэллилэр
СӨ Үөрэҕин уонна билимин миниистирэ Ирина Любимова Ямало-Ненецкай автономнай уокурук үөрэҕин департаменын дириэктэрин Марина Кравеһы кытта көрүстэ.
Ямало-Ненецкай автономнай уокурук дэлэгээссийэтэ Дьокуускайга Норуоттар икки ардыларынааҕы туруктаах сайдыы IV пуорумун иитинэн үөрэх тэрилтэлэрин үлэтин билсэр соруктаах кэлэ сылдьар. Бу туһунан СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйар.
Ыалдьыттар күн устата “Арктика” норуоттар икки ардыларынааҕы оскуолаҕа, Дьокуускайдааҕы сервис технологическай тиэхиньикумугар, 23-с нүөмэрдээх “Цветик-семицветик” уонна 24-с нүөмэрдээх “Сардаана” уһуйааннарга сырыттылар.
Уһуйаан иитээччилэрэ полилингвальнай үөрэхтээһиҥҥэ уопуттарын үллэһиннилэр. Иитиллээччилэр нууччалыы, сахалыы уонна англиялыы тылынан сатабылларын көрдөрдүлэр.
Марина Владимировна хотугу норуоттар тылларын, култуураларын чөл хаалларыы тиэмэтэ эрэгийиэннэри ситимниирин, үөрэх систиэмэлэрин туһунан кэпсэтиини сайыннарар ирдэнэрин бэлиэтиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: