Ыччат бэстибээлин кыттааччылара — «Арассыыйа» быыстапка-пуорумҥа
«Арассыыйа» норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-пуорумҥа Ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлин кыттааччыларыгар бүтэһик экскурсиялар ыытылла тураллар.
«Дирекция Выставки Достижений «Россия»» АНО генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Анастасия Звягина 75 №-дээх павильоҥҥа эрэгийиэн истиэндэлэрин көрдөрдө. «Эһиги «Сириуска» дьоһун суолталаах Бүтүн аан дойдутааҕы ыччат бэстибээлигэр уонна эрэгийиэннэргэ сырыттыгыт. Онон, Арассыыйа ыалдьытымсах, эйэҕэс, доҕордуу сыһыаннаах дойду буоларын көрөн-истэн итэҕэйдэххит буолуо дии саныыбын. Биһиги дойдубутугар сүүһүнэн сыллар тухары араас итэҕэллээх, араас омуктар бииргэ сомоҕолоһон, эйэ-дэмнээхтик олороллор. Бу араас култуура, тыллар, үгэстэр. Бу барыта Арассыыйаны сомоҕолуур эрэ», — диэтэ Анастасия Звягина.
Ыалдьыттар Пакистантан, Перуттан, Эфиопияттан уонна да атын дойдулартан кэлбиттэр. Анастася Звягинаны кытары кинилэр «Универмаг» диэн сиргэ сылдьан, нуучча үгэс буолбут оҥоһуктарын кытары билистилэр итиэннэ Москва уонна Москва уобалаһын, Ставрополь, Севастополь, Нижегородскай, Волгоградскай уобаластар уонна да атын эрэгийиэннэр истиэндэлэрин көрдүлэр.
Сиһилии манна ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: