Ыйыт-хоруйдуубут: Бырайыаһа төлөнөр дуо?
Ыйытыы: Үлэһит оҕотун көрөн уоппускаҕа олорбут дьахтары солбуйбута. Сүрүн үлэһит үлэҕэ тахсыытыгар кини бүлүтүөн оҥорторбута уонна тутатына айана төлөнөр уоппуска ыларга сайабылыанньа суруйбута. Үлэни биэрээччи бу үлэһиккэ уоппуска биэрэр эбээһинэстээх дуо?
Ыйытыыга хоруйдуур Култуура үлэһиттэрин Бүтүн Арассыыйатааҕы идэлээх сойууһун Саха сиринээҕи өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ Анастасия Самсонова:
– Үлэ дуогабарын бүтэр болдьоҕун олохтуур кыах суох буоллаҕына, ханнык түгэнинэн буоларын ыйаллар. РФ ҮК 79 ыстатыйатын 3 чааһынан солбуйбут киһитин эбээһинэһин толорор кэмигэр түһэрсиллибит үлэ дуогабара бу үлэһит үлэҕэ тахсыбыт күнүттэн тохтуур. Ол иһин үлэни биэрээччи тугу да эбии эрэннэрэр бырааба суох. Солбуйбут киһиэхэ үлэлээбит кэмигэр хамнаһын уонна туһамматах уоппускатын толуйууну төлүүллэр. Туһамматах уоппускатын толуйарга бырайыаһа төлөммөт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: