Үлэ Дьоруойун ыччакка үтүө сүбэтэ

Үлэ Дьоруойун ыччакка үтүө сүбэтэ

12.06.2023, 16:00
Хаартыска: "Биир Ньыгыл Арассыыйа" пресс сулууспатыттан.
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев 2023 сылы – Үлэ сылынан биллэрбитэ. Оттон Арассыыйаҕа быйылгы сыл – Учуутал уонна уһуйааччы сыла. Бу күннэргэ Уопсастыбаннай көмө ыстаабыгар “Кириэстээх” тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин ыанньыксыта, бары ытыктыыр киһибит, Арассыыйа Федерациятын Үлэтин Дьоруойа, Үлэ Албан аата уордьан толору кавалера, Арассыыйа Бочуот уордьанын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Хотугу сулус” уордьанын кавалердара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Владимир Африканович Михайловы кытары өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа, тыа хаһаайыстыбатын үөрэҕин устудьуоннара көрүстүлэр. Мантан салгыы Владимир Африканович уонна “Кириэстээх” тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин салайааччыта Владимир Егоров үлэҕэ үрдүк көрдөрүүнү хайдах ситиһиэххэ сөбүн туһунан кэпсиэхтэрэ уонна ыччакка кэс тылларын этиэхтэрэ.

18 БУРГУНАСТАН САҔАЛААБЫТЫМ

Быйыл 70 сааспын туолаары сылдьабын. 1970 сыллаахтан тохтоло суох 54 сыл устата бырааһынньык, өрөбүл диэни билбэккэ, ыанньыксытынан үлэлээтим. Онтон туох даҕаны хом санаам суох, киһи үлэлиэхтээх диэн өйдөбүллээхпин. Үлэлиир киһи чиэс­тэнэр, бочуоттанар. Бастаан үлэлиир­бэр 18 бургунаһы туппутум. Оттон 1800 киилэ үүтү ыабытым, иккис сылбар 1900, үһүспэр 2000 буолбута. Онтон үрдээн-үрдээн 4500-кэ тии­йэр көрдөрүүнү куоһарбытым. Билигин 4000-н түспэккэ турар. Дириэктэрим Владимир Семенович 200 сүөһүнү, соҕурууттан алтайскай боруоданы аҕалбыта.

Ыарахантан чаҕыйбакка, үлэлээбиппит курдук үлэлии олоро­бут. Арыт от үүммэт, арыт угут дьыл буолар, онно санаабытын түһэрбэккэ, иннибит диэки баран, үлэлээн-хамсаан маннык чиэскэ-бочуокка таҕыс­тым дии саныыбын. Ити мин эрэ ситиһиим буолбатах, салалтам өҥөтө эмиэ баар. 1976 сыллаахха Албан аат уордьанын, 1983 сыллаахха иккис Албан аат уордьанын, оттон 1991 сыллаахха үһүспүн ылбытым. Сопхуос ыһыллыбытын кэнниттэн кооперативнай хаһаайыстыба тэриллибитэ. Онно ыанньыксыттыы сылдьан биригэдьиирдээбитим. 1999 сыллаахха хаһаайыстыбабыт ыһыллыбыта, ол, арааһа, үөһэттэн дьаһал быһыылааҕа диэн сабаҕалыыбын. Тоҕо диэтэххэ, 100 ынаҕы хаалларан өссө күүскэ үлэлиэххэ диэн этии киллэрбиппитигэр, кыккыраччы аккаастаабыттара.

Ол курдук сыл аҥаара үлэтэ суох олорбутум кэннэ табаарыһым Кириэстээххэ ыҥырбытыгар үөрүүнэн сөбүлэһэн, онно тиийбитим.

КИРИЭСТЭЭХХЭ КӨҺҮҮ

20 бургунаһы туттарбыттарыгар, тута 2000 ыабытым. Иккис сылбар 2500, үһүс сылга – 3000. Мин сарсыарда саамай эрдэ кэлэрим, киэһэ хойут барарым, ол суотугар элбэх үүтү ыабытым буолуо. Эрэсиими олох күүскэ тутуһар этим, күҥҥэ түөртэ-биэстэ ыырым. Үлэлиир кэммэр туохха даҕаны аралдьыйбаппын, табахтыы эбэтэр тэлэбиисэр көрө олорбоппун.
Алтайтан ынах кэлбитигэр түөрт буоламмыт 30-туу ынаҕы туппуппут, биирдии бэйэбит 3500-ны, мин 4000-н тахсаны ыабытым. Алтай ынахтара чахчы үүттээхтэр этэ. Билигин миэхэ 40 кг биэрэр ынаҕым хас даҕаны. 15 кг кыраны биэрэр ынах суох. Онон 4000-н тахсаны ыыбын. Билигин 40 ынахтаахпын, солбуйар дьонум 15-20-лии киилэни ыыллар.

ҮЛЭ БАРЫТА ҮЧҮГЭЙ

Ыччаттарга этиэм этэ, үлэни таптыахха наада. Сорох дьон сыл, сыл аҥаара үлэлээн бараннар атын тэрилтэлэргэ көһөллөр. Эдэрдэр, арааһа, тулуйбакка бараллар быһыылаах. Ол гынан баран, мин санаабар, киһи тулуурдаах, дьулуурдаах, үлэҕэ эппиэтинэстээх буолуохтаах. Үлэ даҕаны быыһыгар киһи сынньаныан сөп буол­лаҕа дии. Үлэни тохтоппокко үлэлээтэххэ эрэ, үрдүк ситиһии кэлэр.

Эдэр оҕолор агроном, зоотехник, о.д.а. тыа хаһаайыстыбатын үөрэҕэр үөрэнэн баран кыра кэмҥэ үлэлээт, атын үлэҕэ көһөллөр. Мин санаабар, итинник буолуо суохтаах. Үөрэммит оҕо идэтинэн үлэлиэхтээх уонна бэйэтин көрдөрүөхтээх. Сорохтор бу үлэ куһаҕан, кирдээх эбит дииллэр. Пиэрмэ үлэтэ биллэн турар кирдээх, ол гынан баран бэйэҥ ыраастык, чэнчистик тутта-хапта сырыттаххына, ноһуом даҕаны сыстыбат. Ыччаттар сатаабаккалар, бастаан итинниккэ түбэһэллэр. Оттон бэйэ бодотун тардынан, үчүгэй исписэлиис буолабын диэн үлэлээтэххэ, барыта сатанар.

Хамнас туһунан этэр буоллахха, билигин ыанньыксыт кырата 60-90 тыһыынча солкуобайы ылар. Соторутааҕыта хамнас 20 % үрдээбитэ, онон хамнас тос курдук. Аны үс сыл үлэлээбит киһиэхэ соҕуруу эмтэнэ барарга путевка босхо буолар. Онон, Бурятия, Алтай, Москва, о.д.а. сирдэргэ ыанньыксыт доруобуйатын чэбдигирдэ, сынньана барар кыахтаах.

«Кириэстээх» ТХПК салайааччыта Владимир Егоров Владимир Африканович ыччат дьоҥҥо холобур, уһуйааччы буоларын этэн туран, маннык кэпсиир:

– Биһиги үлэһиппитин Владимир Африкановиһы холобур оҥостон, чиэс­тии ыҥырбыккытыттан олус үөрдүбүт. Дмитрий Федосеевич Наумов киһи баарын тухары аһыыр диэн этиитигэр сигэнэн, ол аата тыа хаһаайыстыбата баар буолуо диэххэ наада.

Билиҥҥи ыччат көрүүтэ, материальнай, дохуот да өттүнэн атын. Эдэр дьон үлэлээн саҕалааһына, дьиэтин-­уотун туттуута, сыаннастара, билиҥҥи кэмҥэ ураты. Ол иһин хас биирдии киһи ити өттүн өйдүөн наада. Сыл аҥаара, сыл буола-буола атын үлэҕэ көһөн истэххэ эмиэ табыллыбат. Көһө сылдьыбыт киһи маннык Владимир Африканович курдук чиэскэ, бочуокка эмиэ тиксибэт. Онон эдэрдэр исписээлинэстэрин дьоһуннаахтык талан, онно күүскэ үлэлээтэхтэринэ эрэ ситиһиигэ тиксиэххит.

Тыа хаһаайыстыбатын идэтин дипломун ылан баран, үлэлии киирдэххитинэ, биһиги биэрэр хамнас­пытыгар эбии хамнас көрүллэр, онтугут мунньуллан иһиэ. Ити ыччат тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээтин диэн өрөспүүбүлүкэ көмөтө буолар. Онон тыа хаһаайыстыбатыгар сиргэ-уокка, сүөһүгэ, оҕуруокка, эккэ-үүккэ үлэлиир­гэ билигин саха ыччатыгар улахан кыах үөскээтэ.

Биирдиилээн киһи ырааппат диэммит, биһиги кэпэрэтиип быһыытынан үлэлии олоробут. Биһиэхэ 120-чэ киһи үлэлиир буоллаҕына, онтон 54-э кэпэрэтиип чилиэ­нэ. Кэпэрэтииппит билигин 147 мөлүйүөн актыыптаах – бу 54 киһи баайа буолар. Холобур, мин итинтэн кырдьан, уурайан тахсар түгэммэр, өлүүбүн мантан ылабын. Ол аата биһиги дьоммут билиҥҥитэ саамай улахана 1,5-1,7 солк. мөлүйүөн баайдаахтар. Ким даҕаны итинник харчыны атын сиргэ биэрбэт. Бырамыысыланнаска даҕаны үлэлээн итинник харчыны ыларгыт саарбах. Оттон манна үлэлии сылдьаҥҥын хамнаскын ылаҕын, сыл бүттэҕинэ дивидеҥҥин аахсаҕын уонна тэрилтэҥ барыстаах таҕыстаҕына паайыҥ үрдээн иһэр.

Ол иһин тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиэн баҕалаах киһи кооперация, бааһынай хаһаайыстыба туһунан сокуоннары көрүөн, үөрэтиэн наада. Итини таһынан үөрэммит билиигитин туһанаҥҥыт сири, сүөһүнү кытары үлэлээн бэйэҕит олоххутун оҥостунаргытыгар судаарыстыба көмө, чэпчэтии оҥорор.

Тыа хаһаайыстыбата бастакы хардыыттан бэйэ баайын, инники олоҕун оҥостор салаа буолар. Онон ыччаттар киэҥи толкуйдаан сиргэ-уокка, сүөһүгэ сыстан үлэлиэххитин наада. Владимир Африканович тардына эттэ, былырыын саамай үрдүк көрдөрүүлээх кэмигэр, муус устар-ыам ыйдарыгар 350-400 тыһыынча хамнастана сылдьыбыта. Быйыл сүөһүтүн аҕыйатан 200 тыһыынча хамнаска сылдьар. Атын ыанньыксыттарбыт сайыҥҥы кэмҥэ 100 тыһыычаттан хамнастара түспэт. Онон тыа хаһаайыс­тыбата сөпкө дьаһаннахха барыстаах салаа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: