“Үлэ кыбаартала” кластер резиденнэрэ элбэх үлэ миэстэтин таһаардылар
01.12.2023, 11:15
Хаартыска -- СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:
“Үлэ кыбаартала» креативнай кластер резиденнэрэ тоҕус ыйдааҕы түмүгүн Саха сирин бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ Анатолий Семенов пресс-кэмпириэнсийэҕэ иһитиннэрдэ.
Ол курдук, быйылгы сылга ити этиллибит кэм устата резиденнэр 1,5 млрд солкуобайтан тахсаны киллэрдилэр. РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин урутаан сайдыы территорияларын көҕүлүөҕүттэн Уһук Илин эрэгийиэнигэр үгүс үлэ миэстэтэ тахсан, үлэ түмүгэ тахсыылаах. Бу производственнай тэрилтэлэр нолуокка уонна административнай эрэсиимҥэ чэпчэтиинэн туһаналлар. Бүгүҥҥү күҥҥэ кыбаартал 70 резиденэ 527 үлэ миэстэтин таһаардылар.
Кэмпириэнсийэҕэ Анатолий Семенов ураты ситиһиилээх резиденнэри ааттаан туран, кинилэр киин куорат олохтоохторугар өҥө арааһын оҥороллорун бэлиэтээтэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: