“Үлэһит киһини үлэ булар”

Share

2022 сылга барыта 630 мөлүйүөн солкуобай суумалаах 4600 социальнай хантараак түһэрсиллибитэ. Оттон 2023 сылга Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, социальнай хантараактары олоххо киллэрии иһин (үлэни көрдүүр, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо көмөлөһүү хайысхалара, бэйэ дьыалатын сайыннарыы, тус хаһаайыстыбаны тэрийии) өйөбүл бырагыраамаларыгар 1 миллиард солкуобайтан итэҕэһэ суох сууманы ыытарга былаанныыллар.

Социальнай хантараак хайысхалара кэҥээн иһэллэр. “Үлэни көрдөөһүн” хайысхаҕа үлэтэ суох киһи үөрэниэн, эбэтэр, стажировканы барыан сөп. Бу кэнниттэн үс ый устата үлэ буларыгар көмөлөһөллөр. Бэйэ дьыалатын арыныахтарын баҕарар дьон 350 тыһыынча солкуобайдаах көмөнү ылаллар уонна үөрэнэллэригэр 30 тыһыынча солкуобайдаах көмө оҥоһуллуон сөп. Кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарарга 250 тыһыынча солкуобайдаах уонна үөрэнэллэригэр 30 тыһыынча солкуобайдаах көмө оҥоһуллар. Бу суума өссө үрдүөн сөп.

Санатар буоллахха, социальнай хантараак үбэ-харчыта кирэдьиит курдук  төнүннэриллибэт, ол оннугар хайдах туһаммыккын отчуоттуохтааххын.

Социальнай хантараагы туһанан, дьон тыа сиригэр сүөһүнү, сылгыны, сибиинньэни, көтөрү, мүөттээх ыҥырыаны иитии, оҕуруот аһын үүннэрии, балыктааһын курдук хайысхалары хото сайыннардылар. Онон бу судаарыстыба көмөтө дьиэ кэргэттэргэ ыарахан балаһыанньаттан тахсалларыгар, идэ, үлэ булалларыгар, дьарыктаах буолалларыгар, материальнай балаһыанньаларын тупсаралларыгар туһуланар.

Ааһан эрэр сылга Саха сирэ социальнай хантараак бырагырааматын олоххо киллэриигэ Арассыыйа үрдүнэн бастыҥынан ааттаммыта. Онон бу дьоҥҥо дьиҥ чахчы туһалаах бырагыраама кэҥээн, сайдан иһэр кэриҥнээх.

Сатабыллаах киһи өлөн-охтон биэрбэт

Сунтаар улууһугар дьон социальнай хантараагынан хото туһанар буолла. Бэйэ дьыалатын да арыналлар, хаһаайыстыбаларын да кэҥэттэллэр. Биир оннук киһинэн Алексей Гуринов буолар.

Кини ыалларга уонна тэрилтэлэргэ элэктэриичистибэ уотун, ититии ситимин, сантехниканы, толору хааччыллыыны киллэрэр. Сантехник быһыытынан эмиэ үлэлиир, иһит, таҥас сууйар массыыналары холбоон биэрэр, радиатордары уларытар. Тэрилтэлэргэ рефрижиратордары, моноблоктары, тоҥорор тэриллэри туруорар, өрөмүөннүүр, көрөр-истэр. Маны тэҥэ, чааһынай дьиэлэргэ, массыыналарга кондиционердары, сигнализацияны, халадыынньыктары туруоран биэрэр, өрөмүөннүүр. Тэрилтэлэри кытары дуогабарынан үлэлиир. Быһата, барытын сатыыр.

Кини Дьокуускайдааҕы профлиссиэйи бүтэрбитэ, автомехник, сапараапка оператора идэлээх. Тиэхиникэҕэ сыһыаннаах буолан, электрик идэтигэр кэтэхтэн кууруска үөрэммитэ. “Алмаасэргиэнбааҥҥа”, суукка, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба саахалы туоратар сулууспатыгар суоппарынан үлэлээбитэ. Быыһыгар чааһынай дьоҥҥо электрик быһыытынан уот тардара.

Алексей кэргэннээх, икки оҕолоох. 2 уонна 5 саастаах уолаттара уһуйааҥҥа сылдьаллар. “Оҕолоргутун хайдах иитэҕит?” диэн ыйытыыга маннык хоруйдуур: “Оттон үлэҕэ сыһыаннаах буоларга иитэ сатыыбыт. Аныгы олох сиэринэн, оҕолор төлөпүөҥҥэ, интэриниэккэ наһаа хатаннылар, ону аҕыйата, аралдьыта сатыыбыт”.

Ыал аҕа баһылыга дьиэ кэргэнин иннигэр эппиэтинэһи ылынан, хорутуулаахтык үлэлиир-хамсыыр, олох уйгутун уһансар.

Социальнай хантараак көмөтүнэн

Алексей ааспыт сылга 450 тыһыынча солкуобайдаах социальнай хантараагы ылан, үлэтигэр наадалаах анал үнүстүрүмүөннэри атыыласпыта. Бу иннинэ Дьарыктаах буолуу кииниттэн 150 тыһыынча солкуобайдаах көмөнөн туһаммыта. Кини бэйэ дьарыктаах урбаанньыт быһыытынан үлэлиир. “Мой налог” сыһыарыынан нолуогун төлүүр. Онон дьоҥҥо электроннай чек биэрэр кыахтаах.

Социальнай хантараак туһунан эрдэттэн истэр этэ, онон үлэтиттэн уурайан баран, бэйэ дьыалатын арынарга туруммута. Үнүстүрүмүөннэртэн сыбааркалыыр аппарааты, “болгаркалары”, “Дружба” эрбиини, о.д.а. ылбыта.

Билигин федеральнай бырагырааманан тутуллар таас дьиэлэргэ уоту тардыыга эмиэ үлэлэһэллэр. Сунтаар сэлиэнньэтигэр уонна Уустуйаҕа 3 этээстээх, 30 кыбартыыралаах дьиэҕэ уот тардаллар. Биир дьиэ бастакы этээһигэр тартылар, сылыйдаҕына, үлэ салҕаныахтаах.

Алексейдаах сүрүннээн иккиэ буолан үлэлииллэр. Табаарыһа Альберт Данилов урбаанньыт, эмиэ социальнай хантараагынан туһаммыта. Сороҕор дьону наймылаһан үлэлэтэллэр.

“Үлэ суох диэн сымыйа дойҕох”

—Үлэ, сакаас элбэх, — диир Алексей. – Сороҕор сакааһы сиппэппит даҕаны. Онон бастайааннай дохуот баар. Сакаас киирдэҕинэ, өрөбүлэ да суох үлэлиигин. Сынньанарга бириэмэ суох. Ол эрээри, сайын солбуһан, уоппуска курдук кылгас сынньалаҥҥа барааччыбыт. Эстэн хаалбат курдук, кэмигэр сынньанары эмиэ сатыахха наада.

— Тыа сиригэр үлэ суох диэччилэр дии, ону туох дии саныыгын?

— Үлэ хаһан баҕарар баар. Үлэ суох диэн сымыйа, сүрэҕэ суох дьон албыннара. Үлэһит, баҕалаах киһи үлэни хаһан баҕарар булар. Билигин тыа сиригэр дьон дьиэтин-уотун оҥостор, тупсаҕайдык киэргэтэр, толору хааччыллыыны киллэрэр буолла. Сатабыллаах киһи өлөн-охтон биэрбэт. Бу социальнай хантараак баара, судаарыстыба үлэлиэн баҕарар дьону өйүүрэ наһаа үчүгэй дии саныыбын.

Үлэлээх-хамнастаах киһи үчүгэй, уйгулаах олохтоох буолар буоллаҕа. Онон быйыл Үлэ сыла биллэриллибитин үөрэ иһиттим. Боростуой, хары күүһүнэн үлэлиир-хамсыыр дьоҥҥо болҕомто ууруллара үчүгэй. Үлэтэ суох дьон суох буоларыгар, бары сөптөөх үлэни булалларыгар баҕарабын.

Хаартыскалар: суруйуу дьоруойун архыыбыттан.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Бөрө үүтээнигэр» туризм тула соргулаах соруктар турдулар

Аҕыйах сыллааҕыта туризмҥа кэлиэҥ диэбиттэрэ буоллар, ол саҕана култуура киһитэ "диэ" диэн саҥа аллайыам эбитэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэ киһитэ — Андрей Турантаев

Андрей Турантаев саха төрүт сүөһүтүн тэнитэр “Саха сүөһүтэ” генопуонда тэрилтэҕэ 2013 сылтан үлэлиир. – Кылаабынай…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Мэдиссиинэҕэ үрдүк технологиялаах көмөнү оҥоруу 20 төгүл элбээтэ

Мэдиссиинэҕэ үрдүк технологиялаах көмөнөн (ВМП) өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо туһанар бырааптаах. Онуоха эмтиир быраас, балыыһа…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тэрилтэлэри бэйэ этинэн хааччыйаллар

Үөһээ Бүлүү олохтоохторо Васильевтар дьиэ кэргэн улуустарыгар бастакы бөдөҥ пиэрмэр бааһынай хаһаайыстыбатын быһыытынан биллэллэр. –…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Бырааска колл-киин нөҥүө суруйтарар судургу

Колл-киин 122 нүөмэригэр эрийэн баран, "1" кунуопканы эбии баттыыгын  уонна көмөлөһөөччү куолаһа тугу этэрин толороҕун.…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Шашлыгы буһарарга исписэлиис сүбэтэ

Айылҕаҕа тахсан сынньаныы, шашлык кэмнэрэ саҕаланнылар. Шашлыгы хайдах буһарары бары билэр курдукпут, ким хайдах сатанарынан…

6 часов ago