«Үлэм шахтаны кытта мэлдьи ситимнэниэҕэ”

«Үлэм шахтаны кытта мэлдьи ситимнэниэҕэ”

31.01.2024, 11:22
Хаартыска: АЛРОСА пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

АЛРОСА хампаанньа “Интернациональнай” руднигын “слепой скиповай стволга” уот мэхээнньигэ Николай Степанов үлэтин сөбүлүүрүн уонна бэриниилээҕин итинник биллэрэр.


Оскуолаттан сыал-сорук туруорунан

 

Николай АЛРОСА-ҕа үлэлиир сыалы-соругу өссө оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан туруоруммута уонна бэйэтин быһаарыныытыгар  хаһан да саарбахтаабатаҕа. Тыа сирин боростуой уола аан дойду таһымнаах алмааһы хостуур улахан тэрилтэҕэ хайдах киирбитин, билигин  хайдах үлэлии-хамсыы сылдьарын туһунан кэпсээтэ.

 Сэһэргэһээччим Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх. Мииринэйгэ базаланар алмаастаах хампаанньа туһунан Николай оскуолаҕа үөрэнэр эрдэҕиттэн билэрэ. АЛРОСА-ҕа сөптөөх хамнастаах, бигэ туруктаах үчүгэй үлэ күүтэрин өйдөөбүтэ. Үөһээ кылаастарга үөрэнэ сылдьан хампаанньаҕа үлэлиир туһунан быһаарынан баран, ханнык эксээмэннэри уонна докумуоннары ханна туттарылларын барытын билбитэ. Сыалын-соругун толорорго дьулуура  уонна билиигэ тардыһыыта Николайы Мииринэйдээҕи политехническэй  институкка аҕалбыта. Докумуоннарын тута хас да хайысхаҕа туттарбыта, онтон сотору кэминэн  “хайа инженер-электромеханига” диэн баҕарбыт  идэтигэр  киирбитин туһунан билбитэ.

— Николай, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыаххыттан АЛРОСА-ҕа үлэлииргэ былааннаммытыҥ, оттон устудьуоннуур сылларыҥ хайдах ааспыттарай? Хампаанньаҕа үлэ быраактыкатын барбытыҥ дуо?

— Үһүс куурус кэнниттэн хампаанньаны кытары дуогабар түһэрсибитим, онон АЛРОСА быраактыканы барарбар миэстэ биэрбитэ. Быраактыкабын хампаанньа подразделениетыгар – Удачнайдааҕы хайа-байытар кэмбинээккэ барбытым. Шахтер буоларга дьулуспутум, бэйэм быһаарыныыбар мүнүүтэҕэ да саарбахтаан ылбатаҕым. Кырдьык, шахтер үлэтэ ыарахан уонна бэйэҥ кыаххын толору биэрэргин ирдиир. Мин сүрүн истипиэндьийэбэр эбии АЛРОСА эмиэ истипиэндьийэ биэрэрэ, быраактыканы эмиэ үчүгэйдик төлүүллэрэ.

Ол да иһин, үөрэхпин бүтэрээт да,  тута уруккуттан билэр хампаанньабар эрэ буолбакка, үчүгэйдик билэр Удачнайдааҕы хайа-байытар кэмбинээккэ үлэлии кэлбитим. Мин санаабар, ити олус суолталаах, тоҕо диэтэххэ, үөрэҕи бүтэрбиттэр уонна саҥа саҕалыыр исписэлиистэр  үлэ эрэсиимигэр киирэллэригэр балачча чэпчэки буолар.

— Ол аата, эн аан бастаан Удачнайдааҕы хайа-байытар кэмбинээккэ үлэлээн баран,  Мииринэйгэ көспүтүҥ?

— 2010 сыллаахха үлэҕэ киирбитим, карьерга кыратык үлэлээн баран аармыйаҕа барбытым. Сулууспа кэнниттэн үлэбэр төттөрү кэлбитим, онно миигин күүтэр этилэр: 2014 сылга диэри үлэлээбит “Алмазавтоматикабар” инженер-наладчигынан анаммытым. 2014 сыллаахха Мииринэйгэ көһөн, “Мир” рудникка уот силиэсэринэн  үлэҕэ киирбитим. 2017 сыллаахха “Интернациональнай”  рудникка “подъем и поддержание шахтных стволов” диэн 2 нүөмэрдээх учаастакка кэлэн, уот силиэсэринэн  үлэлээн баран, 2020 сылтан күн бүгүҥҥэ диэри  электромэхээнньигинэн үлэлии сылдьабын.

“Манна мөлтөхтөр үлэлээбэттэр”

— Уот мэхээнньигэ тугунан дьарыктанарый?

— Эбээһинэспэр хайа маассатын  алларааттан үөһээ биэрэргэ эппиэттиир шахта умнаһын (ствол)  оробуочай туругун быстыбакка хааччыйыы киирэр.  Умнаска баар тэрил барыта алдьаммакка үлэлиирин кэтээн көрөбүн. Өйдөнөр соҕустук быһаардахха, шахта умнаһын көрүү-истии, армировка, тэриллэр уонна скип ханааттарын туруктарын бэрэбиэркэлээһин. Учаастагым хайа маассатын үөһээ таһаарарга быһаччы эппиэттиир.

Уот мэхээнньигэ аҕыйах чааска  шахтаҕа түһэр. Оттон уот силиэсэринэн үлэлиир эрдэхпинэ, сир анныгар аҕыстыы чаас сылдьарым.  Ардыгар тиэхиньикэ алдьаннаҕына, өр, арыт икки симиэнэни субуруччу сылдьарга күһэллэрим.  Итинник түгэннэргэ симиэнэ алдьаммыт тэрил оҥоһуллуор диэри үлэлиир. Ону таһынан, бириэмэттэн бириэмэтигэр тэриллэри олохтоохтук өрөмүөннүүбүт, холобур, көтөҕөр тэрил сүрүн ханаатын уларытабыт. Тиэхиньикэни шахтаҕа өрөмүөннүүр ыарахан соҕус, тоҕо диэтэххэ, үөһээ курдук, ханнык да усулуобуйа суох. Уот барбах эрэ тыгар, сииктээх, тымныы, арыт итии, арыт курдаттыы үрэр, ону таһынан, хааччахтаах сиргэ үлэлиигин. Үлэ 2-3 суукка устата салҕанар, онтон биригээдэлэр солбуйсаллар. Маннык усулуобуйаҕа шахта киһини тургутар, бэрэбиэркэлиир, манна мөлтөхтөр үлэлээбэттэр.

Олус эппиэтинэстээх  үлэҕэ биир идэлээхтэрбитин, хампаанньабытын түһэн биэриэ суохтаахпыт. Кэлэктииппин сөбүлүүбүн, аһара иллээхпит. Ханнык баҕарар ыарахан соругу кинилэр мунаахсыйыыта суох толороллор уонна өйүүллэр. Идэбин уларытан,  сир аннынааҕы рудниктан букатыннаахтык арахсар туһунан хаһан да толкуйдаан да көрбөтөҕүм. Барытын бэйэбинэн аһарбытым уонна идэм тууһун-туматын бэйэбэр “иҥэриммитим”.  Үлэм биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри, баҕар, өссө хойукка диэри шахтаны кытта ситимнээх буолуоҕа.

— Хампаанньаҕа “настаабынньыктааһын” диэн хайысха сайдыбыт. Эн уһуйааччылаах этиҥ дуо эбэтэр бэйэҥ уһуйааччы буоллуҥ дуу?

— Билиҥҥитэ уһуйааччы буола иликпин. Ол гынан баран, уоппускаҕа барарбар миигин солбуйуохтаах киһини үөрэтэбин. Киниэхэ барытын көрдөрүү, кэпсээһин уонна  миигин сөптөөх таһымҥа солбуйарыгар эрэнии – барыта бэйэм эппиэтинэспэр. Удачнайга үлэлиирбэр Юрий Медведев диэн уһуйааччылаах этим. Кинилиин наар бииргэ сылдьарбыт, бастакы уһуйааччым быһыытынан оҥорон таһаарыы уонна идэ ымпыгын-чымпыгын эрэ буолбакка, миигин туохха барытыгар үөрэппитэ. Юрий Медведевкэ муҥура суох махталлаахпын. Настаабынньыктааһын биһиги үлэбитигэр олус суолталаах, бу хайысхаҕа  хампаанньа улахан болҕомтотун уурар.

Хампаанньа дьиэ кэргэни эмиэ өйүүр

— Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын?

— Үлэм кэнниттэн тренажер саалаларыгар, бассейҥҥа сылдьабын, сайын стадиоҥҥа сүүрүүнэн дьарыктанабын. Чөл олоҕу тутуһарга кыһаллабын. Ити үлэбэр да, бэйэбэр да наадалаах. Айылҕаҕа, хайаттан хатааһылыы, катокка дьиэ кэргэнинэн сылдьабыт. Хампаанньаҕа успуордунан дьарыктаныыны өйүүллэр, ол иһигэр, үлэһиттэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин эмиэ.

Иллэрээ сыллааҕыта дьиэ кэргэммитигэр эбиллибиппит, билигин үс кыыстаахпыт. Ол иһини, былырыын дьиэбит туттан саҕалаабыппыт.  Өрөбүллэрбэр дьиэбитин уонна учаастакпытын тупсарыынан дьарыктанабын, бэсиэдкэ, оҕо оонньуур былаһааккатын туппутум, бытархай үлэ элбэх. Үлэм уоту кытта сибээстээх буолан уонна,  уопсайынан, оробуочай идэлээх буоламмын, өрөмүөнү бэйэм оҥоробун, аймахтарбар эмиэ көмөлөһөбүн. Өрөбүллэрбитигэр оҕолорбут баҕаларынан дьиэ кэргэнинэн араас минньигэс бүлүүдэлэри астыырбытын сөбүлүүбүт.

Хампаанньаҕа үлэм сылаас дойдуларга күүлэйдии барар кыаҕы биэрэр. Пандемия иннинэ Таиланд, Вьетнам, Турция, ОАЭ, Тунис курдук куруорт дойдуларыгар бара сылдьыбыппыт.  2020 сыллаахха Байкалга аан бастаан сылдьыбыппыт. Манна массыына атыылаһан баран, Уһук Илини кэрийэн кэлбиппит. Онтон 2022 сыллаахха орто кыыспытын кытары “Прометей” санаторийга путевканан Хара муораҕа бара сылдьыбыппыт. Уоппускабыт 65 хонуктаах, онон сынньанарга бириэмэ тиийэр, бэл, үлэбин ахтан барааччыбын.

Андрей ШИЛОВ суруйуутуттан тылбаас

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 73% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: