Ыраас, сылаас ууга дуоһуйа чомполонуоҕуҥ!
Дьэ, төһөтүн да иһин, абытай куйаас күннэр тураллар. Сорох ардыгар, туох да абырыа суох курдук. Маннык күннэргэ киһи биири эрэ баҕарар — сөрүүн чүөмпэни булан, орой эрэ быгарын курдук дириҥҥэ киирэн баран өр да өр чомполонор дьолу.
Киһи сөтүөлүүрүгэр сөптөөх кытыллар Саха сиригэр бааллар аҕай. Ол эрэн, бу сайын, Саха сирин үрдүнэн сөтүөлүүргэ сөптөөҕүнэн ааҕыллыбыт икки эрэ сир баар эбит. Тоҕо оннугуй, ким маны быһаарарый? Ханнык сиргэ сөтүөлүөххэ сөбүй? Быһаарсан көрүөҕүҥ.
Сөтүөлүүр сиргэ ирдэбиллэр
Дьиҥэр, сөтүөлүөххэ сөптөөх сир хайдах буолуохтааҕын бары бэркэ билэбит. Ыраас уулаах, кумахтаах кытыллаах, чиҥ үктэллээх кытылы сөтүө маанытын тэрийиэххэ сөптөөх сиринэн ааҕабыт. Олус куйаас буоллаҕына ирдэбил лаппа намтыыр. Чугас сытар ньамаҕа суох уу сөп оҥорор. Оттон Роспотребнадзор сөтүөлүүр ууга атын ирдэбиллэрдээх. Бастатан туран уу микробиологическай көрдөрүүлэрэ нуормаҕа сөп түбэһэр буолуохтаах.
СӨ Роспотребнадзор салаатын санитарнай кэтэбил, лиссиэнсийэлээһин уонна регистрациялааһын отделын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Аина Еремеева маннык быһаарар:
— Бэс ыйын маҥнайгы күннэриттэн Дьокуускай тула дьон сынньанар сирдэриттэн нэдиэлэ аайы лабораторнай хонтуруол чэрчитинэн уу, кумах боруобата ылыллар. Бу ылыллыбыт эттиктэр микробиологическай көрдөрүүлэрин чинчийэбит.
Дьон таптаан сөтүөлүүр сирдэриттэн 14 микробиологияҕа, 11 вируска, 11 коронавируска, биирдии санитарнай-химическэй уонна паразиттарга боруобалар ылыллыбыттар.
Хомойуох иһин, бу көрдөрүүлэринэн икки эрэ сир сөтүөлүүргэ сөптөөҕүнэн ааҕыллыбыттар. Ол курдук, билигин микробиологическай көрдөрүүлэринэн сөтүөлүүргэ сөптөөҕүнэн Мэҥэ Хаҥаласка баар аатырбыт “Хотун Мааччыйа” кытыла уонна 202‑с микрооройуон кытыла ааҕыллыбыттар. Оттон Туймаада хочотугар сытар Табаҕа боротуо-
хата, Күөх хонуу, Сэргэлээх күөллэрэ, Хатыҥ үрэх, Ытык Күөл, Леонтьевскай күөл бу көрдөрүүлэринэн сөтүөлүүргэ сөбө суоҕунан ааҕыллыбыттар.
Ыраас уулаах далай Саха сиригэр, биллэн турар, элбэх. Ол эрэн, маннык анаалыһы үгүс киһи сылдьар сирдэриттэн ылаллар. Хомойуох иһин, дьон-сэргэ үмүөрүһэн олорор сиригэр уу хаачыстыбата нуорматтан ханарыйарыгар элбэх сылтах үөскүүр. Маннык чахчылары истэн баран хас биирдиибит бэйэтэ быһаарар. Сөбө суоҕунан ааҕыллыбыт сирдэргэ сөтүөлүүр сөптөөҕүн эбэтэр сөбө суоҕун. Бэрт элбэх киһи “кыра эрдэхпиттэн чомполоммут дойдум, туох да буолуом суоҕа” диэҕэ. Ол эрэн, сэрэммит ордук буолуон сөп, ордук оҕолору саарбах сиргэ сөтүөлүүртэн хааччахтыыр оруннаах.
Ууттан сэрэхтээх буолуоҕуҥ
“Ууттан сэрэхтээх буолуҥ!” диэн сэрэтиини сайын аайы истэбит эрээри, куйаас күннэр туруохтарыттан уонтан тахса киһи сыл аайы ууга былдьанар. Быйыл сөтүө эмиэ сиэртибэтэ суох ааспата. Онон, ууттан быыһааччылар сэрэтиилэрин хаттаан истэн көрүөҕүҥ, баҕар ким эрэ бу сүбэлэри ылынан тыынын харыстыаҕа.
“Саха сирин быыһыыр сулууспатын” ууттан быыһыыр, көрдүүр водолазтар этэрээттэрин салайааччыта Юрий Юргин бастатан туран арыгы иһэртэн буойар. Ону кытта бэйэ кыаҕын өйдөөн сөтүөлүүр сөптөөҕүн ыйар:
— Ууга киирэн баран, кытаанах сиргэ сылдьар курдук сананар сыыһа. Холобур, куоталаһан анараа кытылга диэри харбааһын олус кутталлаах быһыы, кытыл төһө да чугас курдугун иһин. Уонна тыы, суудуналар устар сирдэригэр бэрт сэрэхтээхтик сылдьыах тустаахпыт.
Уонна, саамай сүрүнэ, оҕолоргутун кэтэбилэ суох ууга ыытымаҥ. Соҕотох эбэтэр улахан киһитэ суох сиргэ бараллара хаһан баҕарар олус сэрэхтээх. Көҥүллэммэтэх сиргэ быыһааччылар суох буолаллар. Онон туох эрэ буолар түгэнигэр оҕону ким да быыһыа суоҕа.
Биири булгуччу тутуһар ордук — кыратык даҕаны арыгы испит буоллаххына, кытылга олорбут ордук. Холуочук киһи кыаҕын сөпкө сыаналаабат, ыарыыны сөбүгэр өйдөөбөт, этэ-сиинэ түргэнник сойор. “Тэп” гыннаран баран, “чэ, ама бачча кыраттан туох буолуохпунуй” диэн өҥүрүк куйаастан тымныы далайга ыстанан баран, иҥиирэ тардан киһи тимириэ да суох дириҥэр ууга былдьаммыттар элбэхтэр.
Иҥиир тартаҕына хайдах быыһанабыт?
Уу аннын атаххынан булбат дириҥҥэ харбыы сырыттахха, иҥиир тардыыта олус кутталлаах. Дьиҥэр, бу иҥиир тардыбат. Биир эбэтэр хас даҕаны былчыҥ хам тутуута, быраас тылынан эттэххэ, спазм. Спазм аһары сойууттан, сылайыыттан эбэтэр эккэ-сииҥҥэ калий итэҕэһиттэн үөскүөн сөп. Эмискэ ыарыылаахтык бобо тутуу киһини уолутар, хамсаабат буолбут илии-атах уу үрдүгэр дагдайарга мэһэйдиир. Бу түгэҥҥэ хайдах быыһаныахха сөбүй?
Бастатан туран, чаастатык иҥиириҥ тардар буоллаҕына, ууга кииримэ, ол оннугар бырааска көрдөрөн сылтаҕын булан эмтэммит ордук. Иккиһинэн, сылайбыт буоллаххына, куттала суох сиргэ, кытыл чугаһыгар сөтүөлээ.
Үһүйээн дуу, кырдьык туһалыыр ньыма дуу?
Оттон буолар буолбутун кэннэ дьаһаныы бастакы ньыматын бары истэн билэбит — инньэнэн бобо туппут сири дьөлө анньыы. Бу үһүйээн дуу, кырдьык туһалыыр ньыма дуу? Быраастар бу ньыма туһалааҕын бигэргэтэллэр. Бигэтик иилиллэр испиниэги (ким хайдах ааттыырынан — булаапканы, испиниэги) сөтүөлүүр турууһуккар анньына сылдьар ордук эбит. Дьэ уонна тирээн кэллэҕинэ, саамай сүрүнэ, уоскуйан, булумахтаммакка туттунуу. Биир илиигэ былчыҥ хам туппута, дьиҥэр, тимирдиэ суохтаах. Көхсүгэр сытан, тыын ылан баран, ыалдьар сири тэһэ кэйэн эбэтэр ыарыылаахтык массаастаан “тилиннэрэн” көрүҥ. Уонна наҕыллык кытыл диэки харбаан бараҕыт.
Самаан сайыны дуоһуйа атаарыҥ, доруобай буолуҥ!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: