«Үрдүк сулустарга айан»
Былырыын ахсынньыга, Саҥа дьыл иннинэ аҕай, Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайыгар поэт, суруналыыс, көхтөөх уопсастыбанньык Василий Павлов – Макар Мыла төрөөбүтэ 80 сылыгар анаммыт бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааспыта.
Макар Мыла кэнники 30-ча сыл устата «Саха” НКИХ Бүлүүтээҕи салаатыгар ситиһиилээх үлэлээбитэ, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, “Саха” НКИХ туйгуна буола үүммүтэ, сыралаах үлэтэ өрөспүүбүлүкэ биир сүрүн наҕараадатынан — «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Алтыспыт дьон, кини мэлдьи кырдьык туһугар туруулаһарын, туруу үлэһитин, дьиэ кэргэн тапталлаах аҕа баһылыгын, хомоҕой тыллаах поэт быһыытынан үрдүктүк сыаналыы ахталлар. Күн бастакы аҥаарыгар Музей дьиэтигэр Василий Павловка – Макар Мылаҕа аналлаах стендэни аһыы үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытылынна. Мустубут дьону нэһилиэк баһылыга Иван Зыков эҕэрдэлээтэ, ыалдьыттар бу кэнниттэн нэһилиэк аатырар үс дьоруойун пааматынньыктарыгар тыыннаах сибэкки дьөрбөтун уурдулар. Киэһэтин оскуола дьиэтигэр (дириэктэр Ирина Кычкина) «Төрүт сирбэр сүгүрүйэбин» диэн ааттаах истиҥ-иһирэх, литературнай ахтыы киэһэтэ буолан ааста.
Үтүөкэннээх киһи
СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС култуураҕа министиэристибэтин «Бастыҥ үлэ иһин” бэлиэ хаһаайына, СӨ култуураҕа, телевидениянан, араадьыйанан биэриилэргэ туйгуна, “Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Тарас Лукич Тарасов – Тускул: «Мин Саха араадьыйатын дириэктэринэн – “Саха” НКИХ вице-бэрэсидьиэнинэн 1998 сылтан ананан үлэлии киириэхпиттэн улуустааҕы араадьыйа уопсастыбаннай кэрэспэндьиэннэрин кытта бииргэ үлэлээн саҕалаабыппыт, Бу кэмнэргэ улуус кэрэспэндьиэннэрэ улуустан хамнастанан үлэлииллэр этэ. Онтон 1999 сыллаахтан ыла хас улуус аайы “Саха” НКИХ филиалларын тэрийбиппит, онон улуус кэрэспэндьиэннэрэ биһигиттэн хамнастанар буолбуттара. Кинилэр улуус сонуннарын барытын мунньан өрөспүүбүлүкэ араадьыйатыгар күн ахсын таһаарар эппиэтинэстээх үлэһиттэр буолаллар. Улуус аайы үгүстэрэ бэйэлэрин оннуларын булбут үлэһиттэр этилэр. Ол курдук Сунтаартан Марта Николаева, Тааттаттан Анастасия Морхоева, Үөһээ Бүлүүттэн Марта Силигиянова, Абыйтан Христина Хабарова, Майаттан Зоя Герасимова, Покровскайтан Николай Борисов, Муоматтан Раиса Былбанаева, Орто Халыматтан Акулина Колесова, Чурапчыттан Сэмэн Тумат, Дьааҥыттан Альбина Павлова, Өймөкөөнтөн Елена Потоцкая уонна да атыттар олус үчүгэйдик үлэлииллэр этэ.
Мин Макар Мыланы кытта өссө эрдэ Ньурбаҕа Георгий Борисов Ньурба оройуонун хаһыатын кылаабынай эрэдээктэринэн олорор кэмигэр Бүлүү эҥээр улуустар кылаабынай эрэдээктэрдэрин мунньан сэминээр кэмигэр миигин ыҥыран: “Бу — Саха араадьыйатын саҥа дириэктэрэ”, — диэн билиһиннэрбитэ, онно улуус эрэдээктэрин кытта билсибитим, олор истэригэр Макаар Мыла баара. Дьэ бу кэмтэн бииргэ үлэлээн барбыппыт. Василий Васильевич олус үлэһит, судургу киһи этэ, санаабытын барытын этэн туруорса сатыыра. Мин олох хойуккааҥҥа диэри Макар диэн ааттыы сылдьыбытым кэлин Василий Васильевич буоларын билэн баран олус соһуйбутум.
Василий Васильевич олус чиэһинэй, баары тута сирэйгэ этэр майгылааҕа. Ол иһин буолуо, улууһун салайааччыларын кытары улаханнык тапсыбат этэ. Итэҕэс-быһаҕас элбэх буоллаҕа, ону булан сонуҥҥа таһаарарын улуус салайааччылара сөбүлээбэттэрэ. Мин хаста да итинник түгэннэргэ түбэһэн турабын, ол гынан баран, хайа үлэлээн бүтүөр диэри кинини көмүскэһэн, араҥаччылаан кэлбитим, ону бэйэтэ да билэрэ. Ол иһин наһаа тосту-туора хамсаммат этэ. Улуус кэрэспэндьиэннэригэр баара-суоҕа 1 мүнүүтэ, муҥутаан уһаатаҕына, 1 мүнүүтэ 20 сөкүүндэ уһуннаах бириэмэ бэриллэр. Бу кылгас кэмнэ улуус информациятын барытын батарыахтаахтар. Василий Васильевич олус холкутук бу бэриллибит бириэмэҕэ сонунун барытын батарара. Элбэхтик командировкаҕа сылдьан көрсөр этибит, онно Бүлүүгэ тиийдэрбин эрэ, тиийиэхпиттэн барыахпар диэри, наар көрсөн арыаллаан тахсара, киһи быһыытынан сыһыаммыт наһаа үчүгэй этэ.
Төрөөбүт дойдутугар Хаптаҕайга Василий Васильевич төрөөбүтэ 80 сылын олус үчүгэйдик бэлиэтээтилэр. Манна бииргэ үөрэммит, үлэлээбит доҕотторо, аймахтара мустан, ахтан-санаан аастыбыт. Урукку уһуллубут көрсүһүүлэри, бэйэтин интервьютын истэн хайдах эрэ бэйэтэ баар курдук санаатыбыт. Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Надежда Дмитриева уонна Марина Васильева сценарийын наһаа табан суруйбуттар, ханнык баҕарар тэрээһин сценарийыттан наһаа тутулуктаах буолар. Маны барытын ис хоһоонун киэҥник арыйдылар, манна эбии оскуола иһинэн үлэлиир телестудия салайааччыта Нина Яковлева элбэх архыып матырыйааллаах буолан, ону экраҥҥа көрдөрөн киэһэни олус тупсарда. Хаптаҕай нэһилиэгин дьаһалтатыгар махтаныахпытын баҕарабыт маннык биир дойдулаахтарын чиэстии, үйэтитэ туралларыгар.
Василий Васильевич аата, үлэлээн-хамсаан ааспыт олоҕо, Саха сирин араадьыйатыгар кини саҥарбыт саҥата көмүс пуондаҕа уурулла сытар, ону таһынан кини араадьыйа үбүлүөйүнэй кинигэлэригэр эмиэ киирэн турар. Маннык норуот муударай этиитэ баар: “Ханнык баҕарар салаайааччы кэннин хайыһан көрөр буоллаҕына, инникилээх салайааччы, бэйэтин кэмин эрэ билинэр буоллаҕына инникитэ суох салайааччы”, — диэн норуот муударай этиитэ баар. Онон саҥа үлэлээн эрэр Хаптаҕай нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Иван Зыковка бу Василий Васильевиһы үйэтитиигэ ыыппыт үлэтин иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит, баҕарыа этибит өссө да таһаарыылаах үлэни, дьолу-соргуну», — диэн санаатын үллэһиннэ.
Бу иннинэ сайын…
Бу иннинэ, сайын, Баһылай Павлов – Макар Мыла төрөөбүтэ 80 сылынан «Тэтим» саха араадьыйатыгар «Ретро час» диэн ааспыт кэмнээҕи ырыалар тустарынан биэрии сахалыы «Сарыал» диэн түһүмэҕэр бэрт киэҥ сэҥээриини ылбыт биэрии аһаҕас эпииргэ буолан ааспыта. Биэрии ааптара, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, ТВ уонна Араадьыйа туйгуна Валентина Петрова: «2000 сылтан ыла Арассыыйа суруналыыстарын союһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тэлэбиидэньэтин уонна Араадьыйатын туйгуна Павлов Василий Васильевич — Макар Мыла туһунан, кини орто дойдуга хаалларбыт айымньыларыгар «Көй санаа тыалыгар уйдаран», «Алтан сэргэ» эйэҕэс кэпсээннэригэр сигэнэн, «Ситтэрбэтэх ыра санаа» сайаҕас тылларынан салайтаран, «Үрдүк сулустарга айан» диэн ахтыы-кэпсэтиини араадьыйа аһаҕас эпииригэр ыытан, дойдутун дьонун түмэн турардаахпыт.
Мин, эрэдээктэр быһыытынан, итиэннэ аһаҕас эпиир режиссера Мария Новгородова буолан, эрдэттэн бэлэмнээн, хоһооннорун бэрийэн, ырыаларын түмэн, чугас аймах уонна бииргэ үлэлээбит дьонун ыҥыран, ити биэриини ыыппыппыт. Аһаҕас эпиирбит биир күндү түгэнинэн буолбута — Макар Мыла олоҕун аргыһа, оҕолорун ийэлэрэ, сиэннэрин эбэлэрэ, мэдиссинэ эйгэтин бэтэрээнэ, Бүлүү куоратыттан эпииргэ кыттаары айаннаан кэлбит Надежда Ивановна. Кини хас биирдии истээччини долгутар ахтыыта олус күндү, истиҥ этэ.
Студия ыалдьыттарынан Макар Мыла аймаҕа, СӨ үөрэхтээһиҥҥэ туйгуна, олохтоох меценат Егоровтар дьиэ кэргэн аатынан бириэмийэ лауреата, ветеран-педагог Валентина Ивановна Соломонова кыттыыны ылбыта. Макар Мыла үрдүкү кылаастарга уонна аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан суруйбут хоһоонноругар Саха сиригэр биллиилээх мелодистара Валерий Ноев «Тугутчаан», Галина Шахурдина «Эн буолууй», итиэннэ Владимир Васильев «Сурук» диэн хоһоонноругар олус табыллыбыт, ис киирбэх ырыа айбыттара бүгүҥҥү күҥҥэ диэри ылланар. Итини сэргэ, дойдуга бэриниилээх, сүрэхтэринэн истиҥ иэйиилээх дьону кытта бииргэ алтыһан Хаптаҕай нэһилиэгин гимнэ буолбут ырыаны айбыттара: олор истэригэр Макар Мыла, СӨ үөрэхтээһиҥҥэ үтүөлээх үлэһитэ Владимир Орлов, музыка учуутала Виктор Степанов курдук дьиҥ үтүө дьон бииргэ алтыһан, айымньылаахтык үлэлээбиттэрин түмүгэ этэ.
Биэриибитигэр Макар Мыла оҕо сааһын доҕоро, Бочуот знага уордьан кавалера, тыа хаһаайыстыбатын бочуоттаах бэтэрээнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун уонна Хаптаҕай нэһилиэгин ытык олохтооҕо Алексеев Михаил Петрович микрофоҥҥа истиҥ тыллары доҕоругар анаабыта, сэрии кэминээҕи оҕо буолан улааппытын туһунан долгуйа ахтыбыта. Ити курдук, Саха араадьыйатын суруналыыстара, эрэдээктэрдэрэ урукку кэмнэргэ үлэлээн ааспыт киэҥ туттар араадьыйа бэтэрээннэрин ахта-саныы сылдьыахпыт диэн бу иһирэх биэриилэри араадьыйа эпииригэр иһитиннэрэ туруохпут, иһирэх санаалаах истээччилэрбит кыттан, күүс-көмө буолуохтара диэн, эрэнэбит», — диэн сиһилии билиһиннэрдэ.
Эн-мин дэһэн бэркэ да үлэлээбиппит
«Якутия24” телеханаал араадьыйанан сонуннарыгар шеф-эрэдээктэрэ, өрөспүүбүлүкэ телевидениенэн уонна араадьыйанан биэриигэ туйгуна, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Жанна Иванова: «Саха араадьыйатыгар үлэлээбитим 30-тан тахса сылын тухары үгүс киһини кытта алтыстым. Кинилэр ортолоругар өр сылларга олус табыллан, тапсан бииргэ үлэлээбит дьонум ортотугар Бүлүүттэн саха араадьыйатын сонуннарыгар кэрэспэндьиэннээбит Баһылай Павловы-Макар Мыланы ааттыыбын. Эн-мин дэһэн биһиги Баһылайдыын, кини хам-түм Дьокуускайга кэлэн бардаҕына, олус истиҥник көрсөн, кэпсэтэн-ипсэтэн, астынан арахсар этибит. Араадьыйа үбүлүөйүгэр сөп түбэһиннэрэн, уопсастыбаннай кэрэспэндьиэннэри ыҥыран, оччолорго биһиги эрэдээксийэ көрсүһүү тэрийбиппит. Онно бэйэбит хас да хайысханан “бастыҥ” диэн аат толкуйдаан, сэмэй бириис, дьупулуом олохтообуппут. Арай ол “бастыҥ” диэн ааппытыгар наар Баһылай түбэһиэх курдук. Ону толкуйдаан, аттаран, кини икки хайысханан бастыҥ буолбута.
Макар Мыла Бүлүүттэн араадьыйанан кэпсиир-ипсиир сонунун бука үгүс истээччи бэлиэтээбит буолуохтаах. Баһылай матырыйаала барыта дириҥ хорутуулаах, олох-дьаһах кыһалҕатын таарыйар, итэҕэһи-быһаҕаһы ыйар хабааннаах этэ. Онон биһиги биэриилэрбитигэр былдьаһа-былдьаһа ылар этибит. Сороҕор бобуу-хаайыы баар да буоллар, ханан эмэ эргитэн эпииргэ биэрбиппит эрэ баар буолара. Биһигини кытта үлэлээбитин тухары, Баһылай дойдутун – Бүлүү улууһун туһунан сырдатан, кэпсээн аҕай биэрбитэ. Онон дьоно-сэргэтэ да киниэхэ махталлаах буолуохтаах диэн бүк эрэнэ саныыбын. Биир бэйэм кини курдук дьоһун киһини кытта хас эмэ сыл бииргэ үлэлээн, алтыһан ааспыппыттан улаханнык астынабын, ахтан-санаан ылабын», — диэн кэпсээтэ.
Дириҥ ис хоһоонноохтук буолан ааста
СӨ үөрэҕириитин туйгуна, меценат Егоровтар дьиэ кэргэн лауреата, сыана бэтэрээнэ, Анастасия Васильевна Соломонова, СӨ тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, Хаптаҕай землячествотын салайааччыта Валентина Соломонова: «Нуучча Ньукуускаттан (Николай Макарович Павлов) биир төрүттээх аҕа саастаах убайбыт Василий Васильевич Павлов — Макар Мыла 80 сааһын төрөөбүт дойдутугар бэлиэтиир тэрээһин, ыалдьыттарбыт эппиттэрин курдук, үрдүк таһымнаах, дириҥ ис хоһоонноох, истиҥ-иһирэх буолан ааспытыттан сүрдээҕин астынныбыт.
Бииргэ улэлээбит дьоно Тарас Тарасов — Тускул, Борис Гоголев кэлэн тэрээһин таһымын үрдэттилэр, ону тэҥэ Татьяна Потапова — Татыйык Мыла (РФ норуотун учуутала Виктор Потапов кэргэнэ), 1-кы Хаптаҕай нэһилиэгэр, Мыла үрэх үрдүгэр турар Тыараһа сайылыкка төрөөбүт. Иван Иванович Кононов, авиация бэтэрээнэ, Валентина Константиновна Бурнашева (Мэҥэҕэ салайар үлэҕэ өр сыл үлэлээбит), Ефимов Петр Егорович, Хаптаҕайтан төрүттээх, Макар Мыла хоһоонноругар Култуура эстафетатын лауреата, сыана бэтэрээнэ, Макар Николаевич Павловтан биир төрүттээх аймахтарбыт учууталлар учууталлара Светлана Егоровна Аргунова (Павлова), Майя Галактионовна Аргунова, өрөспүүбүлүкэтээҕи»Лига отцов» уопсастыбаннай тэрилтэ эппиэттээх сэкэритээрэ, Иван Павлович Федоров — Чыамайыкы Баанньа,
СӨ тутуунун үтүөлээх улэһитэ, кырдьаҕас убайбыт Афанасий Михайлович Васильев, Макар Мыла быраатын Уйбаан кыыһа Татьяна Ивановна, Василий Дмитриевич Окороковтар («Гордость Якутии» номинация хаһаайына, Майа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо) убайдарын сырдык аатыгар сүгүрүйэн, ыалдьыттаан барбыттара олус үөрүүлээх. Хаптаҕай нэһилиэгин баһылыга Иван Прокопьевич Зыков, дьаһалта, кулууп, музей үлэһиттэрэ, оскуола кэлэктиибэ кытыннылар.
«Иэйии» түмсүү Екатерина Романовна Гаврильева салайааччылаах, «Сандаара» ырыа бөлөҕө Прасковья Афанасьевна Давыдова салайааччылаах, ону тэҥэ хоһоон куонкурсун кыайыылаахтара тэрээһини киэргэттилэр. Тэрийэр хамыыһыйаҕа уонна тэрээьин кыттыылаахтарыгар барҕа махтал буоллун!
Саҥаспытыгар, Надежда Ивановнаҕа, улуус баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов Махтал суруга туттарылынна. Аймахтарбыт Санкт -Петербургтан Наталья Николаевна Антонова, бырааттарбыт Айсен Дьокуускайтан, Саша АХШ-тан, балтыбыт Таня Германияттан, Иван Павлов кыыһа Ирина Ивановна, АЛРОСА бэтэрээнэ Москваттан видео эҕэрдэлэрэ кэлэн үөртэ. Бу тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии бу сайын НВК-ҕа биир чаастаах эфиртэн саҕаламмыта, онно эрэдээктэр Валентина Петрова саҥаспытын Надежда Ивановнаны, Тарасов Тарас Лукиһы, Жанна Иванованы, Борис Гоголевы, аймахтартан Валентина Соломонованы мунньан сүрдээх үчүгэй биэрии ыыппыта. Бу тэрээһиҥҥэ аймахтарбыт бары көхтөөхтүк кыттыбыккытыгар барҕа махтал, чуолаан, Ирина Владимировна Кычкинаҕа, оскуолабыт дириэктэрэ Иванна Ивановна Ефимоваҕа, оскуолабыт завуһугар, убайдарбар, бырааттарбар, Афанасий Дмитриевич, Дмитрий Дмитриевич Павловтарга, кийииттэрбитигэр, саҥастарбытыгар Ольга Михайловнаҕа, Вера Егоровнаҕа, балтыбытыгар, эдьиийбитигэр Туяра Владимировна Яковлеваҕа, Анна Александровна Павловаҕа, бырааппытыгар Юра Павловка, СӨ оҕолорун сэбиэтин бэрэссэдээтэлигэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Басхан» уонна «Молодой Лидер Якутии» курэх кыайыылааҕар. Инникитин да бары көхтөөх, түмсүүлээх буолуохха, Павловтар үтүө ааттарын үйэтитиэххэ, ону тэҥэ маннык тэрээһиннэр оҕолорбутугар, үүнэр ыччакка үтүө холобур, төрөөбүт төрүт сирбитин ытыктыыр буоларга үөрэтэрин өйдүөххэ. Историяны билэр киһи, норуот инникилээх буолар диэн мээнэҕэ эппэттэр», — диэн санаатын үллэһиннэ.
Түмүк оннугар
Туомтуу баайыы: “Киһи олоҕо – кини дьонугар-сэргэтигэр сыһыанынан, норуотугар оҥорбут үтүөтүнэн сыаналанар. Өрүү үтүө тылларынан, сылаастык ахтыллар киһи, ол аата кини бу сирдээҕи аналын толору толорбут киһи. Василий Васильевич Павлов – Макар Мыла аата-суола эмиэ өрүү ахтылла туруо диэн туран бу ахтыы-сэһэммитин түмүктүүбүт.
Борис Гоголев. 2024 сыл.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: