Үс Хатыҥ: ат сүүрдүүтүн бастакы күнүн түмүктэрэ

Share

Бэс ыйын 24 күнүгэр күүтүүлээх  Туймаада ыһыаҕа аһыллан, дьон-сэргэ дуоһуйа сынньанна. Киэһэлик  И.С. Свинобоев-Тыыннаахап аатынан «Дьөһөгөй» ипподромҥа  сыл ахсын ыытыллар ат сүүрдүүтэ  буолла.

Үс Хатыҥ бирииһигэр  2400 миэтэрэҕэ  3 ат бастыыр иһин илин-кэлин түһүстүлэр. Бириис уопсай пуондата  – 150 тыһ. солк. Манна биэтэккэ бастакынан Таатта улууһун ата  Голд Фарт кэллэ.

1800 м дистанцияҕа В.Ф. Кабохин  бирииһигэр  Саха сиригэр төрөөбүт 3 саастарыттан үөһээ саастаах  ыраас хааннаах 7 ат кииристилэр. Бириис уопсай пуондата  – 500 тыһ.солк.  Манна бастакынан Мэҥэ Хаҥаластан  Кылаана Куо инники кэлэн, 250 тыһ. солк. наҕараадаланна.

4800 миэтэрэҕэ Дьокуускай куорат баһылыгын бирииһигэр  13 саха ата сүүрдэ. Бириис уопсай пуондата  — 1,5 мөл.солк.  Бастакы миэстэни Амматтан Буойун инники кэлэн,  500 тыһ.солк. наҕараадаланна.

3200 миэтэрэҕэ Туймаада хочотун бирииһигэр уопсайа 200 тыһ.солк. туруорулунна. Бу сүүрүүгэ бастакы миэстэни А.А. Бояров хаһаайыннаах Хабиб ылла.

1600 м дистанцияҕа 8  ат сүүрэн,  бастакы миэстэни  Мэҥэ Хаҥаластаны  Таймыын ылла.

Диана Новгородова хаартыскаҕа түһэриитэ
Диана Новгородова хаартыската

Диана Новгородова

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Маймаҕаҕа түөрт кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ

Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан 4 кыбартыыралаах дьиэ…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Саҥа дьыл кэлэн иһэрин һунтаардар абытайдык биллэрдибит быһыылаах…»

Сунтаарга быйылгы хаар оҥоһуктарбыт уран ууһа бэрт ураты буочардаах, дьээбэ урамньылаах буолла... Бу умсугутуулаах урамньыны…

59 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Халымаҕа 69 саастаах киһи ахсынньы ортотуттан сибээскэ тахса илик

СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн -18-23°С кыраадыс буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр сорох сиринэн хаар түһүөҕэ. Соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа уонна…

2 часа ago
  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

14 часов ago